Биһиги Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах нэһилиэгин баһылыгын Яков Викторович Семеновы кытта көрсөн сэһэргэстибит. Нэһилиэкпит туһунан элбэх саҥаны биллибит.
Үтүө күнүнэн, Яков Викторович! Биhиги, Маргарита уонна Ганна, «Кэскил» медиа—оскуола юнкордарабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэкпитигэр хас киһи, хас ыал олороруй, кинилэртэн хаһа оҕонуй, саастарынан ырытан көрдөххө, хас ыччат, пенсионер, тыыл ветерана баарый?
— Билиҥҥи туругунан Хомустаахпыт нэhилиэгэр 243 киьи олорор, 65 хаhаайыстыба, оҕо ахсаана 17-гэр дылы – 80, ыччата — 76, 59 пенсионер, тыыл бэтэрээнэ суох.
— Яков Викторович, биhиги атын улууска олорор бэйэбит саастыы оҕолорго нэһилиэкпит туһунан кэпсиирбитигэр, аан бастаан нэһилиэкпит туһунан ханнык чахчылары этиэхпитин сөбүй?
— Бастатан туран, Хомустаахпыт историятын, биллэр дьонун кэпсиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Хас биирдии нэhилиэк бэйэтэ дириҥ историялаах, биллиилээх дьонноох сэргэлээх буолар. Хомустаах нэhилиэгэр киэн туттар биллиилээх дьоммут элбэхтэр, ол курдук:
Николай Алексеевич Габышев — Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэhитэ, СССР суруйааччыларын союhун чилиэнэ, Хомустаах оскуолата Н.А. Габышев аатын сугэр.
Александр Алексеевич Габышев — Саха АССР үтүөлээх артыыhа, Ньурбатааҕы Государственнай драматическай көһө сылдьар тыйаатырын төрүттээччитэ.
Андрей Титович Титаров — Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, идэтинэн бэтэринээр, Олоҥхоhут, оhуохайдьыт, тойуксут. Сахабыт сирин Ил Дарханын, Айсен Сергеевич Николаев, эhэтэ буолар. Хомустаах сынньалан пааркатыгар өйдөбүнньук мэҥэ тааhа 2016 сыллаахха турбута.
Иван Петрович Лебедкин — Саха бастакы геолога, «Якутзолото» сүрүннүүр инженера.
Дмитрий Афанасьевич Лебедкин — Улуус кулубатынан биэс төгүл талыллан үлэлээбитэ. Кини төрөппүт уола Лебедкин Андрей Дмитриевич учуутал, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа оскуолатыгар бастакынан үөрэҕирии министерствотын сорудаҕынан нулевой кылаас арыйан, оҕо оскуолаҕа бэлэмнээх киирэн үөрэнэригэр сыралаах үлэтинэн киэн туттабыт.
Ону таhынан Хомустаах сирэ-уота бэйэтэ ураты кэрэ көстүүлээх, Бүлүү Эбэ кытылыгар турар буолан, булда-алда элбэх, көрсүө-сэмэй дьонноох.
— Эн бу иннигэр олохтоох дьаһалтаҕа тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэлээбиккит, билигин биһиги нэһилиэкпитигэр төһө уларыйыы баарый сүөһү, сылгы ахсааныгар?
— Үөһээ Бүлүү улууhун дэриэбинэлэриттэн 21 нэhилиэктэн Хомустаах саамай кыра дэриэбинэ буолар, Үөhээ Бүлүү улууhа, биллэрин курдук, тыа хаhаайыстыбатынан дьарыгырар. Биһиги нэhилиэк сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы иитэр. Ол курдук сүөhүбүт ахсаана 552, ыанар ынаҕа — 154.
Сылгыбыт ахсаана 190, биэтэ — 94, бу кыра нэһилиэк диэтэххэ, отой үчүгэй көрдөрүү, дьонун ахсаанынан биир киhиэхэ тиксэринэн суоттаатахха, Хомустаах нэhилиэгэ улууска бастыҥ көрдөрүүлээх. Маны таһынан, түргэнник ситэр көтөрдөрү хас сайын аайы арааhын ылан ииттэллэр: индюгу, куhу, хааhы биирдиилээн ыаллар ииттэр буолбуттара кэрэхсэбиллээх.
— Яков Викторович билигин баһылык быһыытынан, кэнники биэс сылга биһиги нэһилиэкпит саамай улахан ситиһиитэ, эн санааҕар, тугуй?
— Мин бэйэм былырыын балаҕан ыйыгар дьон эрэбилин ылан саҥа талыллан үлэлии-хамсыы олоробун, онон мин иннибэр үлэлээбит баhылыкпыт Христина Петровна Поротова үлэлэрин кэпсиэм, хас биирдии улуус кииниттэн ыраах сытар нэhилиэккэ бастакытынан суол иис боппуруоhа турар. Аҕыйах сыллааҕыта нэhилиэкпит дьоно-сэргэтэ уонна баhылыкпыт Христина Петровна туруорсан, саҥа көнө суолламмыппыт, аҕыйах сыллааҕыта эмиэ улахан үлэнэн, туруорсуунан 4 кылаастаах оскуолабыт 9 кылааска диэри улааппыта. Саҥа оскуола тутуллубута аҕыйах сыл буолла. Эдэр испэсилиистэргэ анаан 4 квартиралаах саҥа благоустроеннай дьиэ үлэҕэ киирбитэ номнуо 5 сыл буолбут. Ону таһынан саҥа котельнай тутуллан, кыамтатын улаатыннаран баҕалаах ыал үксэ киин ититиигэ көстө. Оҕолорбут эттэрэ-хааннара сайыннын диэн оҕо оонньуур уонна аhаҕас спортивнай площадка тутуллубуттара. Ыраас уу бырагыраамматын чэрчитинэн уу ыраастыыр тэрил туран, нэhилиэкпит дьоно-сэргэтэ сайыҥҥы кэмҥэ ыраас уунан хааччылынныллар. Киин улууссабыт саҥаттан оҥоhулунна уонна уоттанна. Быйыл эбии ППМИ бырагыраамматынан нэhилиэк иhинээҕи И.П. Лебедкин аатынан уонна Озерная уулуссаларын суола оҥоhулунна.
— Онтон нэһилиэк иннигэр бүгүҥҥү күҥҥэ ханнык сүрүн кыһалҕа турарый уонна ону быһаарарга туох үлэ ыытылларый?
— Билигин сүрүн кыhалҕабыт диэн нэhилиэкпитигэр эти-хааны эрчийэр саалабыт суох. Нэhилиэк олохтоохторо эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар, чөл олоҕу тутуһан, өйүүр пропагандалыыр нэһилиэкпит спорт саалабыт суох уонна култуурабыт дьиэтэ 100 саастаах аварийнай дьиэ. КСК бырайыага барыта оноһуллан бүтэн, экспертизаны ааһан, былырыын КРСТ бырагырааммаҕа кыттан, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи ааһан, федеральнай күрэххэ бүтүн өрөспүүбүлүкэни кэккэ биричиинэнэн кыттыбат буолла диэн хомойон, абаран олоробут. Быйыл да кыттар былааннаахпыт. Ону таһынан эргэ аварийнай дьиэлэри «Переселение граждан» бырагырааммаҕа үлэлэһээри былааннанабыт. Ону таһынан учууталларга эмиэ саҥа 4 квартилаах дьиэни тутарга диэн баҕа санаалаахпыт, оччоҕуна эдэр учууталлар кэлиэ этилэр. Эһиилги ППМИ бырагырааммаҕа сайыҥҥы уу ситимин таттараары докумуон бэлэмнээһинэ бара турар куонкуруска кыайыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин.
— Эн санааҕар, биһиги, оҕолор нэһиилэкпит сайдыытыгар тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?
— Мин санаабар, оҕолор ханна да тиийбиккитин иhин дойдугутун ахтыахтааххыт, кэпсиэхтээххит, киэн туттуохтааххыт, аатын ааттата туруохтааххыт. Төрөөбут дойдугутун өрүү таптааҥ, айылҕатын ыраастыы, харыстыы сылдьыҥ.
Интервьюну ыллылар:
Ганна Алексеева, Маргарита Михайлова, Хомустаах орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ.