Юнкор суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ
Бүгүн кулун тутар 19 күнэ. Сааскы сынньалаҥҥа былааннаабыппыт курдук, бүгүн “Чыпчааллар” Владивосток куоракка айаммыт саҕаланна. Уопсайа 10 уол буоламмыт айаннаан эрэбит. Салайааччыбыт Александр Александрович Ларионов. Массыынанан айанныыр буоламмыт, аан бастаан аара баран иһэн тохтоон аһыыр өйүөбүтүн бэлэмнэммиппит. Бу мин бастакы айаным буолан, бу күн буоларын санаабар өр кэтэспитим. Владивостокка сынньана, күрэхтэһиилэри көрө барабыт диэн олунньу ый бүтүүтэ былааннаабыппыт.
Дьонум миигин өйөөн, сири-дойдуну көрөн кэллин диэн сөбүлэһэн ыыппыттарыгар махтанабын. Массыынабыт күнүс икки чаас саҕана кэллэ. Александр Александровиһы кытта бары мустан уопсай мунньах оҥорон, кэпсэттибит. Дьоммутун кытта покалаһан, дьэ айаннаатыбыт. Биһигини уһун айан күүтэриттэн бары да долгуйабыт.
Киэһэ 10 чаас. Томмокко кэллибит. Таһырдьа тахсан хааман сэргэхсийдибит. Кафеҕа аһаатыбыт. Биһиги “Гаммабытын” кытта тэҥнээтэххэ, астарын арааһа аҕыйах.
Түүн 2 ч. 19 мүн. Нерюнгрига кэллибит. Манна тохтоон, утуйабыт, сынньанабыт.
***
Кулун тутар 19 күнэ. Сарсыарда 9 ч. 16 мүн. Этэҥҥэ хонон турдубут. Погода -6 кыраадыс диэн көрдөрөр эрээри наһаа тыаллаах. Киһини курдары үрэр. Нерюнгрига таас чох хостонор. Бэйэм үлэһит куорат диэн өйдөбүллээхпин. Массыынанан айаннаан иһэн көрдөххө, куорат олус ыраас. Тааһынан оҥоһуллубут кыыллар, дьоннор туралларын хаста да көрөн аастым. Мин Нерюнгри куораты баай, мааны, кыахтаах киһиэхэ майгыннаттым.
Айаммыт салҕанар. 1800 км. бардахпытына, Амур уобалаһын кытта кыраныыссаҕа тиийэбит.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис, Амма