Саха дьоно-сэргэтэ ытыктыыр бөлүһүөкпүт Виктор Данилович Михайлов ыллыктаах санаалара толкуйдатар өрүттэрэ киэҥ, дириҥ. Ордук билигин патриотизм, иитии боппуруостара күүскэ турбут кэмнэригэр.
2018 сыллаахха саха араадьыйатын биэриитигэр (редактор Татьяна Степанова, режиссер Анна Пудова) В.Д. Михайлов Былатыан Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былаан» айымньытын туһунан санаатын үллэстибитэ. Иитии-үөрэтии эйгэтигэр бу айымньыны биһиги хайдах туһаныахпытын сөбүн туһунан Виктор Данилович этэн хаалларбыт санаатын истиэххэйиҥ, үлэбитигэр, олохпутугар туһаныаххайыҥ!
Виктор Данилович Михайлов ыллыктаах санаалара — II
Саха араадьыйатын пуондатыттан
Кырдьык даҕаны, улуу айымньы хаалларыллыбыта. Хомойуох иһин, бу иннинээҕи кэмнэргэ хайдах эрэ улахан болҕомтобутун уурбакка сылдьыбыппыт. Уонна иитэр-үөрэтэр үлэҕэ улаханнык туһаммыппыт да суоҕа. Көннөрү оннук үлэлээх этэ диэн күдээринэ этэн кэбиһиинэн муҥурданар эбит буоллахпытына, быйыл Ойуунускай 125 сылынан уонна бу үлэ суруллубута 90 сыла туолуутунан сибээстээн болҕомто ууруллар буолла.
Ол онно кини эдэр сэбиэскэй былаас кэскилэ, кэнэҕэскитэ хайдах буолуоҕай диэн уонна бу ордук саҥа олоҕу тутааччыларга ыҥырар, сирдиир сулус буоллун диэн уонна хас биирдии хардыыбытыгар уоннуу, сүүрбэлии сылларынан тугу ситиһиэхтээхпитий диэн сыал-сорук, эркээйи охсубута.
Ойуунускай эдэр дьоҥҥо туһаайан эһиги үлэлиэххит-хамныаххыт, эһиги ити ситиһиллибитинэн туһаныаххыт, эһиэхэ туһаайыллар диэн анаан-минээн бу маннык кэрдиис кэмнэринэн бу маннык буолуоҕа диэн эппитэ. Баһыйар улахан өттө туолла. Ону сыныйан аахтаххытына, ыччаттар, көрүөххүт-өйдүөххүт, билиэххит.
Биллэн туран, өтө көрүү диэн ылбычча киһиэхэ бэриллибэт. Бу улуу поэт, өссө ааһа баран, ойуун ууһуттан төрүттээҕин биллэрэн, Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунскай диэн эбии ааты ылынан айар-тутар үлэҕэ киирбитэ мээнэҕэ буолбатах. Тоҕо диэтэххэ, истэр-билэр тухары көннөрү киһи ойуун буолбат. Бу манна элбэх этиттэриини, эттэниини барар, үөһэттэн үөттэриилээх, аннарааттан айдарыылаах эрэ дьоннор ойуун дьоҕурун дьоҕурданаллар, ойуун үлэтин толороллор. Ол кини үлэтэ туохха олоҕурарый? Билиигэ-көрүүгэ олоҕурар.
Көннөрү билии – тоҥ билии диэн ааттыахха сөп. Киһиэхэ көннөрү биир кулгааҕынан киирэн баран, нөҥүө кулгааҕынан тахсан барыан сөп эбит буоллаҕына, көрүү кыттыстаҕына, дьэ бу олоххо-дьаһахха туһалаах буолар. Ол иһин саха билии-көрүү диэн ааттыыр.
Көрүү диэн тус санаа. Ол аата истэн-үөрэтэн, көннөрү бу маннык баар эбит диэн кэбиспэккэ, бэйэтэ сыана быһан, бу сөп, сөтөгөй, туһалаах, кэскиллээх диэн тус санаатын үөскэтэр буоллаҕына, бу билии үлэлээбитинэн, олоҕун уларыппытынан, олоххо дьулуурун күөттээбитинэн киирэн барар. Онон билии-көрүү диэн тыл наада.
Хомойуох иһин, билигин билии эрэ таһымыгар сылдьар курдукпут, мин көрдөхпүнэ. Университет учуутала устудьуоннары үөрэтэ сылдьар киһи буолан билэбин. Көннөрү тоҥ билии таһымыгар сылдьабыт. Онтон тус санаа бэйэҥ туох дии саныыгыный, мантан туох түмүгү оҥоһуннуҥ диэҥҥэ ыарырҕаталлар.
Дьэ маннык түгэҥҥэ П.А. Ойуунускай 100 сыллаах былаан диэн үлэтэ иитэр-үөрэтэр үлэҕэ бэйэтэ-бэйэтинэн туһаныллыбытынан барар үрдүк дьылҕалаах диэн төлкөлүүбүн. Ол курдук кини маны өскө сарсыҥҥытын эрэ буолбакка, өйүүҥҥүтүн кытта өтө көрөн үлэлиир, оннук үөрэнэр, олоҕун оҥостор буоллаҕына туруктаах буолар уонна тугу эмит ситиһиэн сөп.
Өскөтө күннээҕинэн эрэ сылдьар буоллаҕына, эбэтэр ити сахалыы дьэбэрдик эттэххэ, кус-балык курдук тус санаата суох үрбэ хоту ким ханна ыйарынан, ким ханна сирдииринэн, ким тугу этэринэн сылдьар буоллаҕына уонна ити билигин ватсап үөдэйбит кэмигэр ватсап тугу диирин барытын ыраас манньыакка ылан ол хоту сылдьар буоллаҕына, биллэн туран, кини сүнньэ суох буолар уонна олоҕун-дьаһаҕын кыайан оҥостуммат буолар. Ол иһин даҕаны билигин ити ыал буолуу ахсаана, дьиэ-уот тэринии, оҕону-урууну тэнитии, идэни уларытан иһии, хойутаан баран хойо тиктии… араас. Дьиҥинэн ыччакка программа бөҕөтө айыллар, көмө бөҕөтө оҥоһуллар. Ону хойутаан баран кыттыһаллар, эбэтэр истэн баран истибэтэх, көрөн баран көрбөтөҕө курдук сылдьаллар.
Дьэ бу маннык түгэҥҥэ хайдахтаах курдук киэҥ сүүс сылы өтө көрөн Платон Алекеевич Ойуунускай суруйбут эбитий диэн! Ону барытын ааҕан, ол барыта тоҕо буолбатай диэн кыра оҕолуу сыһыаннаспакка, бу кини туоххо олоҕуран, бу маннык диирий, тоҕо маннык бигэ эрэллээҕий булгуччу итинник буолуоҕа диэн харахха көстөн кэлэр курдук.
Ол иһин аныгылы олоҥхо диэн мээнэҕэ эппэт ээ. Олоҥхо киһи кулгааҕынан истэр айымньыта. Олоҥхону истэн олордоххуна, хараххар ойууланан, сыттанан-сымарданан, эттэнэн-сииннэнэн кэлэр. Ол иһин олоҥхо тыла сиэдэрэй, сиэллээх-кутуруктаах, уус-уран буолар.
Тоҕо диэтэххэ, киһи кулгааҕынан истибитэ барыта хараҕар, өйүгэр-санаатыгар ойууланан, эттэнэн-сииннэнэн кэлэр. Бу ол курдук айымньы. Кырдьык да киһи сөҕүөх-махтайыах курдук.
Текст Сардаана Матвеева.
Видео Ульяна Павлова.
П.А. Ойуунускай
Сүүс сыллаах улуу былаан
«Таптыыр табаарыстарыам! Үөлээннээх үтүө доҕотторуом! Этиэххитин эттигит, ыйытыаххытын ыйыттыгыт. Мин даҕаны өйүм ситэринэн, күүһүм кыайарынан кэпсээн көрүөм буоллаҕа. 1937 сыллаах дьылга, аны сүүрбэ сылынан, норуоппут бука барыта кэппэрээссийэҕэ холбоһуоҕа, оччоҕо биир даҕаны чааһынай атыыһыты, баһаар кульдьаҕаларын, куорат торҕон бөрөлөрүн, торгуомсук аартаах дьону уотунан даа көрдөөн, сиппииринэн даа сиппийэн көрүөхпүт, булуохпут суоҕа. 1967 сыллаах дьылга, бу Саха сиригэр буор сыбахтаах, муус түннүктээх балаҕан дьиэни биири даҕаны көрүөхпүт суоҕа, күндээр таас түннүктээх, кырааскалаах муосталаах ньуучча дьиэтэ туругуруоҕа. Үллэр доруосалаах, көтөҕүүлээх ас аһаныаҕа. Бэс үөрэ, үтэһэлээх лэппээски төрүт сүтүөхтэрэ, нэһилиэк аайы оскуола аһыллыаҕа, оҕотун үөрэттэрбэт киһи буруйдаах-аньыылаах курдук көрүллүөҕэ, эр, дьахтар диэн төрүт аахсыллыбат буолуоҕа. Дьахтар сайдан, үөрэнэн, эр киһини гытта хайа даа үлэни барытын кыайар, сатыыр буолуоҕа. Дьахтары сыньньар, мөҥөр умнуллуоҕа, сүтүөҕэ. Биир эмэ оннук эр киһи баар буоллаҕына — иирбит ыт курдук туора көрүллүөҕэ, аата хараарыаҕа, сирэйэ киртийиэҕэ, онтон атын буолуор сытаммат. Сытаан суруйбат, сытаан аахпат киһи аны биэс уон сылынан баар буолуор сытаммат. Хайа далай акаары, хайа кыйам мэмээл аны биэс уон сыл иһигэр аахпат, суруйбат буолуоҕай?! Аны биэс уон сылынан хайа даа ыарыы төрүт суох буолуоҕа, сэллик киһини киһи көрүө суоҕа, харах ыарыылаах киһини киһи булуо суоҕа. 1967 сыллаах дьылга дылы, улуус-улуус аайы, нэһилиэк-нэһилиэк аайы төлөпүөнүнэн кэпсэтэр буолуохпут, араадьыйа баар буолуоҕа. Хонуунан автомобилынан сыльдьыахпыт, салгынҥа көтөр аалынан сыльдьыһар буолуохпут. Уон хонукка оҕуһунан, атынан сыльдьар сырыыбытын уон чааһынан сыльдьар буолуохпут, дьэргэлгэн курдук көтүөхпүт, холорук курдук атыллыахпыт. Аны биэс уон сыл иһигэр аҕа ууһун аайы артыалынан үлэлиир буолуохтара. Артыал диэн, хомууна диэн, холбоһуулаах хаһаайыстыбалар диэн элбиэхтэрэ, үксүөхтэрэ. Онон аҕа ууһун аайы артыалынан үлэлиир араас массыына элбиэҕэ: от охсор, от муньньар, бурдук ыһар, бурдук быһар, сир солуур, сир хоруйар — араас массыыналар кэлиэхтэрэ. Онон, улуус иһинэн, дууһа баһынан сири түҥэттии уурайыаҕа, аҕа ууһунан кэлим сирдэри лөскүм-лөскүм бас билэр буолуохтара. «Дьэ, табаарыстар! Аны биэс уон сылынан олох улахханнык уларыйыаҕа, киэҥ тэримтэ, биир былаан атаҕар турара бэлэмнэниэҕэ. Улуус Ситэриилээх Кэмитиэттэрэ, нэһилиэк сэбиэттэрэ уонна уокуруктар Ситэриилээх Кэмитиэттэрэ суох буолуохтара, Дьокуускай куоракка суос-соҕотох биир киин үрдүк сэбиэт диэн эрэ баар буолуоҕа, атын сууттар бука барылара суох буолуохтара. Үрдүк киин сэбиэт аҕа ууһун сэбиэттэрин гытта араадьыйанан, төлөпүөнүнэн, тэлэгирээбинэн кэпсэтэр буолуоҕа. Билииҥи курдук суругунан кэпсэтэр, буостанан таскайдаһар төрүт уурайыаҕа. Онон, уоннуу сыл буола-буола, улуу муньньахтар диэн ынырыллар буолуохтара. Ол муньньахтарга тоҕустуу сыллаах олох сайдар былаанын көрөн ылар буолуохтара. Олох ол курдук уларыйыаҕа, ол курдук үрдээн-үүнэн иһиэҕэ. 1977 сыллаах дьылга, үлэһит норуот аатынан саха үрдүк улуу муньньаҕа улуу уураах ылыаҕа. Үс сыл иһигэр бары аҕа уустара туох баар үлэлэрин холбоһон үлэлиир буоллуннар диэн, иккис үһүс дьылыгар туох баар аҕа уустара барылара норуот аһыыр дыбарыастарын тутан бүтэриэх тустаахтар диэн ууруоҕа. Үһүс үһүс дьылыгар бары аҕа уустарын дьонноро бука барылара биир былаанынан, биир бэрээдэгинэн норуот аһыыр дыбарыастарыгар бииргэ аһыах тустаахтар диэн ууруоҕа. Онон, туох баар бары хомууналар, артыаллар, сэбиэскэй хаһаайыстыбалар, хайа аҕа ууһун сиригэр үөскээбиттэрэй даа — ол аҕа ууһугар бэриллиэхтэрэ. 1987 сыллаах дьылга, улуу муньньах ууруу ууруоҕа — аҕа ууһун аайы тимир-бетон дыбарыастары туттарарга — норуот холбоһон олороругар. Онтон үс сыл буолан баран киһи түһээн көрбөтөх, истэн сэрэйбэтэх таас дыбарыастары оҥотторорго ууруу ууруоҕа. Ол дыбарыас сэбэ-сэбиргэлэ үрүҥ, кыһыл көмүстэн оҥоһуллуоҕа. Бу күндээрбит таас дыбарыастарга төрүүр дьахтар, төрүөбүт дьахтар сытар-олорор буолуохтара. Бу дыбарыастарга үөрэх этиитинэн, эмчит ыйыытынан төрүөбүтүнэн оҕо иитиллэр, көрүллэр буолуоҕа. Онон, табаарыстар! Улуу былаан сэттэ уон сылын туолуутугар сэссийэлиисим олоҕо олохсуйан бүтүөҕэ, онтон антах хомуньуусум олоҕор, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх аан маҥнайгы үөрүүлээх үрдүк олоҕор тиийиэхпит. Хомууна аайы, биитэр аҕа ууһун аайы дэри-дэлэгэй көтөр аал баар буолуоҕа, автомобиль элбиэҕэ, араас массыына барыта баар буолуоҕа. Дьоллоох олох, ырыалаах саргы, кэпсэллээх кэскил диэн дьэ онно кэлиэхтэрэ. Хомууна аайы ооньньуур сирдэр оноһуллуохтара: муусука, тыйаатыр, киинэ, араас көр-нар онно буолуоҕа. Табаарыстаар! Бу ааҕыллыбыт, ыйыллыбыт улуу тэримтэлэри хайа биһиги күүспүт кыайан оҥорумаарай диэн эттэххэ — ол маннык буолар. Сэрии-кыргыһыы аармыйата уурайан, үлэ аармыйата диэн оҥоһуллуоҕа. Онон дьон уон аҕыстарын туолаат, бу аармыйаҕа ыҥырыллар буолуохтара. Онон, бу аармыйа күүһүнэн сылтан сыл аайы үлэ үлэлэнэн, бүтэн иһиэҕэ. Элбэх норуоттаах, чорбох күүстээх омуктартан, үлэ аармыйатыттан этэрээттэр кэлэннэр, киһитэ аҕыйах сирдэргэ үлэлиэхтэрэ даҕаны, аармыйаҕа сыльдьар кэмнэрэ аастаҕына, манна олохсуйуохтара даҕаны. Ким сөбүлүүрүнэн-таптыырынан сыльдьыаҕа, олоруоҕа… Оҕо буоллаҕына ийэтигэр-аҕатыгар сэттэ сааһыгар диэри олоруоҕа. Онтон антах маҥнайгы оскуолаҕа киириэҕэ, өрүүр, сыньньанар эрэ күннэригэр кэлэ сыльдьыаҕа. Оҕо уон аҕыһыттан антах норуот илиитигэр киирэн, маҥнай үлэ аармыйатыгар киириэҕэ, ол кэнниттэн икки-үс сылга үрдүк үөрэххэ үөрэниэҕэ. Дьэ ол кэнниттэн кими сөбүлээбитин, таптаабытын ойох ылыаҕа биитэр сөбүлээбитигэр, таптаабытыгар эргэ тахсыаҕа. Дьэ, табаарыстар! Бу маннык үрдүк үтүө олоххо дириҥ өйдөөхтөр, модун санаалаахтар, үтүө ырыаһыттар, улуу кэпсээньньиттэр төрүөн-үөскээн ааһыахтара. Киһи күүһэ туохтан да ордук улаатыаҕа, тугу барытын кыайыаҕа. 1997 сыллаах дьылга, улуу былаан аҕыс уон сыла туолуутугар Улуу муньньах бары баар үрэхтэри, күөллэри холбоон, ханаал хаһан ходуһа сирдэрин угуттуур-өҥнүүр гына ууруу ууруоҕа. Онон улуу былаан тоҕус уон сылыгар диэри Алдан, Амма, Бүлүү, Өлүөнэ, Халыма, Витим буоланнар бука барылара сүньньүлэрэ көнүөҕэ, түгэхтэрэ хаһыллыаҕа, таас олбох устун сүүрүөхтэрэ. Кинилэргэ бэт үчүгэй гыраньыыт, мыраамар таастарынан биэрэк, бириистэн оҥоһуллуохтара. 1997 сылтан 2007 сылга дылы сир ньуура, сир уу сүрүн тымырдара аналлаах олохторун булуохтара, кураан суох буолуоҕа. 2010 сыллаах дьылга дылы ардаҕы, хаары салайар, дьылы дьылҕалыыр станциялар оҥоһуллуохтара. Ол станциялартан ардаҕы, хаары ханна суох сирдэригэр салайан, төһө наадатынан көрөннөр түһэрэр буолуохтара. Оскуола аайы лаборатория диэннэр тэриллиэхтэрэ. Онон, оҕо үөрэнэ-үөрэнэ тугу барытын билэр, оҥорор буолуоҕа. Онон оннук араас лабораториялар, хомууналар баар буолуохтара. Оччоҕо, ким хайтах ыальдьа түһүө даа, онно, ол лабораторияларга тута этин-хаанын араас сиигин-симэһинин көрөннөр, эмтэнэр буолуохтара. 2013 сылга дылы бары кырдьаҕас, аҕамсыйбыт дьону барыларын, эрдэри-ойохтору, араас эмп-ас күүһүнэн эдэрдэригэр түһэриэхтэрэ. Уонна күҥҥэ биирдэ-иккитэ киһи эрэ барыта чэбдик сэргэх буолар, сылаа ааһар, күүс киирэр ууларын, боросуоктарын иһэр-сиир буолуохтара, олор ааттара уопсайа буолуоҕа — «жизнетоксины» диэн. Алаас-алаас аайы, үрэх-үрэх аайы анах сүөһү, сылгы сүөһү үөрэх этиитинэн дэлэгэй элбэх гына үөскүөхтэрэ. Онон, биһиги сирбититтэн араас омуктарга арыы, эт, сүөгэй, үүт, кымыс, олортон оҥоһуллубут араас эмтээх астар, үрүҥ илгэлэр, өлбөт мэҥэ уулара оҥоһулланнар барар буолуохтара. Бүтүүбэр тиийэн эттэхпинэ — бу биһиги, урааҥхай саха уу харахпытынан көрөр аан ийэ дойдубут киэбэ-киэлитэ тупсуоҕа, ньуура-сирэйэ көнүөҕэ, ат атаҕа тостор, оҕус ыырааҕа ыллар адаар мас муосталарбыт адьас суох буолуохтара, өрүс-өрүс, үрэх-үрэх аайы саас үйэ туххары турар тимир-бетон тирэхтээх тимир күрбэлэр оҥоһуллуохтара, таас суоллар лаһыгырыахтара. 2013 сылтан 2017 сылга Дьокуускай куорат киэбэ-киэлэтэ тупсуоҕа, быһыыта-таһаата уларыйыаҕа. Тимир-бетон дьиэлэр дьэргэһиэхтэрэ, курустаал таас дыбарыастар күлүмнэһиэхтэрэ. Дьэҥкир таас уулусталарынан килбэһийиэҕэ, араас мастар-оттор үүнүөхтэрэ. Онон, табаарыстаар! 2017 сыллаах дьылга дылы Улуу былаан сүүс сыла туолуутугар, көҥүл олоҕо олохсуйан, сир үрдүгэр эрэй-буруй диэн, аас-туор, ытыыр-ынчык диэн, сор-муҥ диэн суох буолуоҕа, сүтүөҕэ. Күн уотун курдук өрө күндээрбит, кустук төлөнүн курдук дьэрилийэ сандаарбыт курустаал таас дыбарыаска муньньустан олорон, саха үлэһит норуотун үрдүк сэбиэтэ, улуу муньньаҕа ууруу ууруоҕа: Саха сиригэр Улуу былаан сүүс сылын туолуутугар, дьоллоох олох, көҥүл саарыстыбата олохсуйда. Аан дойду үлэһит норуоттарын өрөгөй соргута үрдээтин! Көстөр-көстүбэт аан дойдуну дьоллоох илиитинэн салайдын диэн, уруй-айхал этиэҕэ, улуу махталы таһаарыаҕа».
Ойуунускай 1927 с. 28/VII Москва
«Былатыан Ойуунускай». НКИ «Бичик» РС (Я), 12.05.2003