Мин эһэм, Попов Андрей Андреевич, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр 14 сааһыттан Эндыбаллааҕы таба совхоһун табаһытынан аан маҥнай үлэтин саҕалаабыт. Эһэм Өндөрөй бэринииилээх үлэһит быһыытынан оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ, оннооҕор бүтүн Сойууска тиийэ киэҥник биллибит. Саккырыыр табаһыттарыттан бастакынан Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт үлэ-тыыл бэтэрээнэ. Эһэм үлэтигэр, таба иитиитигэр уһулуччулаах көрдөрүүлэри ситиһэн, улус историятыгар киирбитэ.
Ааспыт үйэ, 50-с сылларыгар, бастакы биэс ыччат – комсомольскай ыстаадалара тэриллибиттэриттэн биирдэстэрин мин эһэм салайбыт. Ханнык да үлэттэн туора турбакка, аккаастаммакка, дьиҥ чахчы бэриниилээхтик үлэлиир эбит.
1954 сыллаахха Кустуур сиригэр кэлэн кыладыапсыгынан үлэлии сылдьан бөдөҥсүйбүт колхоз туох баар үбүн-баайын Кубалааҕынан, Эмэндэрээнинэн атынан кэрийэ сылдьан көрүтэлээн, ааҕан-тутан, бэрэбиэркэлээн, олус эппиэтинэстээх, ыарахан үлэни үлэлээбит. Быыһыгар ыстаадаҕа тахсан үлэлиир эбит уонна Саккырыыр оскуолатын тутуутугар бэрэбинэ тиэйсэргэ сылдьыбыт.
1959 сыллаахха Гаганова бачыымынан «Эдэр, доруобай дьон хаалыылаах үлэ тохтубут сиригэр баран өрө тардыахтаахтара» диэн райком, райкомол эһэбин төрдүс нүөмэрдээх ыстаадаҕа биригэдьииринэн анааннар, дьиэ кэргэнинээн үлэлии тахсыбыттар. Эбэм Ульяна Николаевна чуум үлэһитинэн сылдьыбыт. Бу ыстаадаҕа 1965 сылга дылы үлэлээбиттэр. Эһэм биригэдьииринэн үлэлиир кэмнэригэр төрдүс нүөмэрдээх ыстаада үлэтэ кырдьык биллэ тупсан барбыта. Улахан таба иитиитэ 95% үрдүк, оттон тугуту ылыы 80%-тан тахса буолар эбит диэн эһэм кэпсиирэ.
1965 с. Саккырыыр оройуонун Дьарҕаалаах нэһилиэгин тохсус нүөмэрдээх, хаалыылаах ыстаадатыгар үлэлэтэ ыыппыттар. Онно эмиэ дьиэ кэргэнинээн көһөн тиийбиттэр. 1970 сылга диэри бу ыстаадаҕа үлэлээбиттэр. Бу ыстаадаҕа үлэлиир кэмнэригэр таба ахсаана эмиэ тупсан, элбээн барбыт.
Онтон 1970 сыллаахха Кустуурга сэттис нүөмэрдээх ыстаадаҕа эмиэ биригэдьииринэн анаан үлэлэтэ ыыппыттар. 1971 сылга бу ыстаадаҕа таба иитиитин көрдөрүүтэ лаппа тупсубута.
Үлэлиирин устата ыстаада оҕолорун куруутун хамнас төлөөн, үлэлэтэр, үөрэтэр эбит. Ол оҕолор бары чулуу табаhыттар буолуталаабыттара.
Мин эһэм таба иитиитигэр сылайары-элэйэри билбэккэ 28 сыл ыстаада биригэдьииринэн, таба ферматын биригэдьииринэн мэлдьи үчүгэй көрдөрүүлээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Андрей Андреевич «Ленинскэй» совхозка үлэлиир сылларыгар куруук инники күөҥҥэ, бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыта, оройуон, өрөспүүбүлүкэ чемпион табаһыта буолбута. Ол иһигэр оройуонугар 5 төгүл (1960, 1963, 1964, 1966, 1968 сылларга) чемпионнаабыта. Ити сылларга тустааҕынан бөдөҥ табаны 99,6, 98, 98,5, 96,5, 98,7 бырыһыан тыыннаахтыы ииппиттэрэ, тугут ылыытын тустааҕынан 92,7, 84, 81,9, 82, 87 бырыһыан буоларын ситиспиттэрэ. Ыстаада бөдөҥ табата ити сылларга 1100-тэн 1300-кэ диэри, ол иһигэр тыһыта — 1500-714-кэ дылы буолар эбит.
Кини үгүс общественнай эппиэтинэстээх үлэлэри толороро. Нэһилиэк, оройуон сэбиэттэригэр хаста да депутатынан талыллыбыта, VI-с ыҥырыылаах Саха АССР Верховнай Сэбиэтигэр 1963 с. быыбарданан, быыбардааччыларын накаастарын толортуура. Кини бэйэтин харыстаммат үлэтин үрдүк ситиһиилэрин дьоно-сэргэтэ, партия, Бырабыытылыстыба үрдүктүк сыаналаабыта. Ол курдук, бэрт элбэх холкуоһун, сопхуоһун, оройуонун, өрөспүүбүлүкэтин, РСФСР Верховнай Советын бочуотунай грамоталарыгар тиийэ ылбыта. Хаста да ССРС ВДНХ быыстапкатын кыттыылааҕа буолбута, быыстапка мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
1965 с. дойду саамай үрдүк наҕараадатын Ленин уордьанын 35 сааһыгар оройуон табаһыттарыттан бастакынан ылбыта. Ити курдук, 1970 с. «Үлэҕэ килбиэнин иһин» Ленин төрөөбүтэ 110 сылын туолуутугар, итини тэҥэ «Үлэ бэтэрээнэ» уонна хас даҕаны юбилейнай мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.
Эдэригэр сүрдээх интеллигентнэй көрүҥнээх киһи этэ. Эһэм киһи быһыытынан сырдык дууһалаах, сэмэй, аҕыйах саҥалаах, мас көнө киһи буолара.
Кини үлэлээбит ситиһиилэрин, мунньуммут уопутун, бииргэ үлэлиир, үлэлээбит доҕотторун-атастарын кытта үллэстэрэ, эдэр табаһыттарга үтүө сүбэһит буолара. Эдэр ыччаттары таба иитиитин мындырдарыгар үөрэтэрэ. Билигин даҕаны, 93 саастаах кырдьаҕас эһэм, оскуола оҕолоругар, эдэр дьоҥҥо, үтүө сүбэһи-амаһыт буола олорор.
Коля Попов, V кылаас,
Кустуур орто оскуолата, Эбээн Бытантай улууһа