Мин хос эһэм, Скрыбыкин Ананий Степанович, Чубукулаах учаастагар 1930 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Үлэтин «Большевик» колхуоска 1944 сыллаахтан саҕалаабыт.
«Өймөкөөн» сопхуоска бастакынан «бригадный подряд» диэни бэйэтин үлэлиир звенотугар сылгыны иитиигэ уонна аһатыыга научнай мэктиэлэргэ олоҕуран киллэрбитэ. Хос эһэм үлэлиир биригээдэтэ социалистическай күрэхтэргэ наар инники күөннэргэ сылдьыбыта. Ол сылларга «Өймөкөөн» сопхуос өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа сылгы иитиитинэн биллибитэ. Ананий Степанович үйэтин тухары сылгыһытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Ону бигэргэтэр кини үтүмэннээх элбэх наҕараадалара: «За добросовестный труд, в честь 100-летия В.И. Ленина» мэтээл, «Знак Почета» уордьан, хас да «Победитель социалистического соревнования», «Ударник пятилетки» бэлиэлэрдээх, «За достигнутые успехи в развитии народного хозяйства СССР» диэн хас да үрүӊ көмүс мэтээллэрдээх, «Орден Трудовой Славы», «Ударник коммунистического труда», «Чемпион-коневод», «Заслуженный работник народного хозяйства Якутской АССР», «Орден Трудового Красного Знамени», «За доблестный самоотверженный труд в годы ВОВ» уонна да атын бочуотнай грамоталара, махтал суруктара элбэх.
Таһаарыылаах үлэтин иһин 1974 сыллаахха дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка ВДНХ-ҕа барар чиэскэ тиксэр, онтон 1987 сыллаахха ВДНХ кэмитиэтиттэн босхо «Москвич» массыынаны бэлэх туппута.
Хос эһэм 9 оҕолоох, 20 сиэннээх уонна бүгүӊӊү туругунан 34 хос сиэннээх. Биһиги бары күндү киһибитинэн киэн туттабыт, аатын үйэтитэргэ кыһаллабыт.
Томтор, Өймөкөөн.