Бүгүн олус талааннаах, дьоҕурдаах, Ушницкая Сандаараны кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини В.А. Протодьяконов- Кулантай аатынан Майаҕас орто оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччитэ. Сандаара уруһуйдуурун олус сөбүлүүр. Кини барыта сүүстэн тахса уруһуйдаах. Мин бэйэм сорох уруһуйдарын көрөн олус диэн сөхтүм!
— Сандаара, эн хас сааскыттан сөбүлээн уруһуйдуугунуй?
— Мин бэйэбин өйдүөхпүттэн уруһуйунан үлүһүйэбин. Олох кыра сылдьан, 4 сааспар быһыылаах, аан маҥнай улууска Оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ ыыппыт улуустааҕы «Космонавтика» уруһуйугар иккис миэстэни ылбытым.
— Маҥнай тугу уруһуйдуур этигиний?
-Аан маҥнайгы уруһуйум оҕо саадыгар саҕаламмыта, онно ордук оту-маһы, сибэккини, чыычааҕы оҥорбут этим. Ол уруһуйдарбын ийэм уура сылдьар. Онтон ыла сөбүлээбит уруһуйдарбын мунньан иһэбин. Билигин барыта холбоон 150-тан тахса уруһуй баар.
—Айылҕаны бэккэ уруһуйдуур эбиккин, үрүҥ эһэҥ оҕото олох тыыннаах курдук, хап-хара харахтаах дии. Мультяшнай персонажтары сөбүлүүгүн дуо?
-Мин кыыллары туохтааҕар да таптыыбын. Тулалыыр эйгэҕэ болҕомтолоох буоларга үөрэнэбин. Айылҕа көстүүлэрин уруһуйдуурбун ордоробун. Элбэх мультиктары көрөбүн. Уонна төрөппүттэрбинээн былыргы остуоруйалары, мультиктары көрөрбүтүн астынабыт. Былыргы остуоруйалар, мультиктар киһини үтүө санааҕа иитэллэр.
-Аниме истиилинэн уруһуйдуугун?
-Аниме уруһуйун эмиэ сөбүлүүбүн, кинини Япония омуга айбыт. Ол эрээри, мин көннөрү холонобун.
—Уруһуйга ханна дьарыктанаҕын?
—“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр “Magic Kraft” куруһуокка сылдьабын. Онно уруһуйдуурга эрэ буолбакка, илиинэн араас оҥоһуктары оҥорорго үөрэнэбит.
—Ити портреттарга кими уруһуйдаабыккыный ?
-Сөбүлүүр мультиктарым принцессаларын уруһуйдаабытым, мунньуллан сыалай коллекция буолла.
-Хас биирдии уруһуйгун толору кырааскалаан, кичэйэн оҥорор эбиккин. Итинник куорат уруһуйун хас күн оҥорбуккунуй?
— Уруһуйбун олус түргэнник уруһуйдуубун. Наһаа уһуннук оҥорорбун соччо сөбүлээбэппин. Харахпар, төбөбөр баары тута кумааҕыга түһэрэбин.
—Мин гуашь, акрил, акварель кырааскалары туттабын, оттон эн?
-Кыраасканы хойуутук туттарбын сөбүлүүбүн. Ол иһин гуашь кыраасканы ордоробун. Кэлин ити скетч-маркеры олус сөбүлээтим. Дьүһүнэ ордук чаҕылхайын иһин.
—Ханнык быыстапкаларга, конкурстарга кытыннын?Туох ситиһиилээххин?
-Улуустааҕы, республикатааҕы күрэхтэргэ кыттабын эрээри, ситиһиим аҕыйах. Ол эрэн мин онтон санаабын түһэрбэппин. Инники сыалым биир — уруһуй. Ис санаабыттан баҕаран туран уруһуйдуубун.
— Улааттаххына туох буолар баҕалааххын?
-Бэйэм кэлин идэлээх таҥас дизайнера буолар баҕалаахпын. Оччоҕо ийэбэр араас кэрэ былааччыйалары тигэн үөрдүөхпүн баҕарабын.
—Саамай умнуллубат өйдөөн хаалбыт түгэннээххин дуо?
-Бу Саҥа дьыл кэнниттэн, Москваҕа аан маҥнайгыбын баран күүлэйдээн кэллим. Ыра санаам туолбутуттан олус дьоллоно сылдьабын. Москва куорат хайдах курдук кыраһыабайын илэ харахпынан көрөн сөҕөн- махтайан, үөрүүм үгүс. Музейдарга, выставкаларга, зоопаркаҕа, Москвариумҥа, Кыһыл болуоссакка сылдьан дуоһуйа сынньанным. Норуот хаһаайыстыбатын Бүтүн Сойуустааҕы Быыстапкатыгар Египет ыраахтааҕыта Тутанхамон гробницатын күндү кылаатыгар, Третьяковскай галереяҕа сырыттым. Онно ордук нуучча худуоһунньуктара суруйбут хартыыналарын ордук сэҥээрэ көрдүм. Илэ чахчы тыыннаах хартыыналар этэ. Ону тэҥэ былыргы Египет гробницалара, истиэнэҕэ фрескалара дьиҥнээхтии баччааҥҥа дылы хараллан кэлбиттэрин сөҕө көрдүм. Ол түҥ былыргы олоххо сылдьар курдук санаммытым. Москва куоракка сылдьыбыппын эмиэ уруһуйдуом. Аны биир улахан баҕам — муора. Онно барарбар үөрэхпэр туйгун буоларга кыһаллабын.
—Сандаара, олус талааннаах эбиккин. Инникитин өссө сайдан иһэргэр, баҕа санааҥ туоларыгар баҕарабын. Элбэх ситиһиини!
— Махтал!
Валерия Акимова, “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ,
Уус-Алдан улууһа.
#кэскиллээхолоххобэлэмбуол