“Орлята России” федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи “Өксөкү сиэннэрэ” диэн бырагырааммата быйылгы үөрэх дьылыттан олоххо киирэн үлэлии турар.
“Өксөкү сиэннэрэ” бырагыраамманы федеральнай ирдэбил киэбигэр сөп түбэһиннэрэн, А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын алын сүһүөх кафедратын учууталлара оҥорон таһаарбыттара. Бырагыраамма научнай сүбэһитэ педагогика билимин хандьытаата, РФ АПСН чилиэн-корреспондена, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, этнопедагог “Өксөкүлээх үөрэҕэ” бырайыак ааптара Екатерина Петровна Чехордуна буолар. Бырайыак салайааччылара Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова уонна А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын иитии үлэтигэр дириэктэр сүбэһитэ Вероника Павловна Васильева. “Өксөкү сиэннэрэ” бырагыраамманы сүрүннээччи “Росдетцентр” федеральнай государственнай тэрилтэ “Оҕо саас сирдьиттэрэ” (“Навигаторы детства”) регионнааҕы тирэх киинин салайааччыта Нюргуяна Владимировна Макарова.
Федеральнай ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн, “Орлята России”- “Өксөкү сиэннэрэ” сэттэ хайысхатын тиэмэлэрэ сахалыы тылбаастанан, оҕо төрөөбүт тылынан ылынарыгар сөптөөх гына оҥоһуллан “Чуораанчык” сурунаал 2024 сыл иккис аҥаарыгар тахсар нүөмэрдэригэр бэчээттэнэ турар.
2024-2025 үөрэх дьылыгар “Орлята России” – ”Өксөкү сиэннэрэ”
дьарык олоххо киирэр календарнай былаана:
1. “Басхан – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Лидер) – балаҕан ыйын 23 — алтынньы 18 күннэрэ, 2024 с.;
2. “Киэҥ билиилээх – Өксөкү сиэнэ (Орленок – Эрудит) – алтынньы 21 — сэтинньи 22 күннэрэ, 2024 с.;
3. “Уран уус – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Мастер) – сэтинньи 25 — ахсынньы 20 күннэрэ, 2024 с.;
4. “Бэйэтин баҕатынан көмөлөһөр – Өксөкү сиэнэ” (Орленок –Доброволец) – тохсунньу 13 — олунньу 7 күннэрэ, 2025 с.;
5. “Эрчим – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Спортсмен) – олунньу 10 — кулун тутар 7 күннэрэ, 2025 с.;
6. Айылҕаны харыстыыр – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Эколог) – кулун тутар 10 — муус устар 11 күннэрэ, 2025 с.;
7. “Историяны харыстыыр – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Хранитель исторической памяти) – муус устар 14 — ыам ыйын 16 күннэрэ 2025 с.
“Орлята России” – “Өксөкү сиэннэрэ” бырагыраамма үлэтин күүһүрдэр, алын кылаас үөрэнээччилэрин ортолоругар иитии үлэтин сүрүннүүр сыаллаах-соруктаах сэтинньи 19 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир ыйдаах үлэ саҕаланна.
Ол чэрчитинэн, сэтинньи 19 күнүгэр А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар II “Г” кылаас үөрэнээччилэригэр “Уран уус – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Мастер) дьарыкка “аһаҕас” уруок ыытылынна.
Уруогу алын кылаас учуутала Эжанна Николаевна Яковлева ыытта.
«Уран уус – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Мастер) дьарык оҕоҕо иҥэрэр сүрүн өйдөбүллэрэ – саха киһитэ айылҕаттан мындыр уус, сатабыллаах, дьоҕурдаах, кэрэҕэ тардыһар күүстээх.
Эжанна Николаевна дьарыгын араас идэлэртэн саҕалаата. Идэлээх киһи үлэлээх диэн өйдөбүлгэ олоҕуран, салгыы “Уран уус – Өксөкү сиэнэ” дьарыкка анаммыт “Чуораанчык” сурунаал 8 №-нэн оҕолору кытта үлэлээтэ: үлэ туһунан өс хоһооннор (20 стр.), “Уус киһи диэн кимий?” комикс (11 стр.), Аким Кондратьев “Уус Бээчэ” хоһооно (12 стр.), “Үтүөнү үксэт, кэрэни кэрэхсээ!” тэттик кинигэ (21-22 стр.).
II “Г” кылаас үөрэнээччилэрэ учууталларын кытта уус киһи диэн кимий диэн ыйытыыга эппиэти дьиэ кэргэттэригэр холобурдаан, тобулан таһаардылар. “Мин эбэм иистэнньэн”, “мин эһэм дьиэ тутар” диэн оҕолор дьиэ кэргэттэрин туһунан харахтара уоттанан олорон, киэн тутта эппиттэрин учуутал иилэ хабан ылан, хайҕаан, интэриэһиргээн, сэҥээрэн, аныгыскы дьарыкка дьиэтээҕи сорудах биэрдэ: дьиэ кэргэҥҥитигэр уус дьоннор өссө кимнээх баалларын туһунан ыйыталаһан, билэн кэлэллэр. Илиилэригэр “Чуораанчык” сурунаалы тутан олорор оҕолор: “Онтон дьиэбитин хаһан оҥоробут?” диэн ыйыппыттарын киһи сэргии истэр. Ити аата оҕолор “Чуораанчык” сурунаал 8 №-гэр (атырдьах ыйа 2024 с.) “Уран уус – Өксөкү сиэнэ” (Орленок – Мастер) дьарыкка анаан бэчээттэммит “Ыра санаам дьиэтин тутабын” макет туһунан ыйыталлар. Онон кэлэр дьарыкка II “Г” кылаас үөрэнээччилэрэ ыра санааларын дьиэтин оҥоруохтара.
“Өксөкү сиэннэрэ” бырагыраамма научнай сүбэһитэ Екатерина Петровна Чехордуна:
«Уруок саҕаланыыта оҕолор симик эбит буоллахтарына, уруок бүтүүтэ чыҥха атын, сэргэх оҕолор кылаастан таҕыстылар. Учуутал оҕолорун ис кыахтара арылларыгар күлүүһүн булла”, – диэн сыаналаата.
***
Уруок кэнниттэн алын кылаас учууталларын кытта түмсэн санаа атастаһыыта буолла. “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ О.И. Семенова, “Чуораанчык” оҕо сурунаалын үлэһиттэрэ, “Оҕо саас сирдьиттэрэ” (“Навигаторы детства”) регионнааҕы тирэх киинин салайааччыта Нюргуяна Владимировна Макарова уонна научнай салайааччы Екатерина Петровна Чехордуна “Өксөкү сиэннэрэ” бырагыраамма тула санааларын үллэһиннилэр.
Екатерина Петровна Чехордуна: “Тиис – тиискэ, муос – муоска, туйах – туйахха буоллаҕына…” диэн Өксөкүлээх Өлөксөй этэн хаалларбыт тылларыгар эһиги көлүөнэ түбэстигит”, – диэн иитии, үөрэтии чэпчэкитэ суох үлэтин эппиэтинэһин сүкпүт эдэр учууталларга туһаайан эттэ.
Наһаа элбэххэ бытарыйан хаалбакка, иитии үлэтин биир кэлим механизмын киллэрэр тэрээһини күүскэ ыытар бүгүҥҥү күҥҥэ ордук наадалааҕын ыйдылар. “Өксөкү сиэннэрэ” Саха сиринээҕи бырагыраамма “Чуораанчык» сурунаал нөҥүө методическай ыйынньыктаах тарҕаныытын биир сүрүн соруга – төрөппүтү кытта үлэни киэҥник хабыахтаах. Төрөппүт кылаас салайааччытын, оскуоланы кытта ситимнээх үлэҕэ тахсыытыгар далаһа кэриэтэ буолуохтаах. Бэлэм оҥоһуллубут үлэ механизмын тарҕатыыга үлэ күүскэ ыытыллыахтааҕын туһунан этилиннэ. Оҕо сурунаалыгар бэчээттэнэр “Өксөкү сиэннэрэ” бырагыраамма дидактическай матырыйаалларын аныгы оҕо “тып-тап” курдук ылынарыгар элбэх ситэрии, эбии сайыннарыы ирдэнэрин көрдүбүт, бэлиэтэннибит.
“Орлята России” – “Өксөкү сиэннэрэ” бырагыраамма тула өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытылла турар биир ыйдаах үлэ чэрчитинэн, А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар сэтинньи 26 күнүгэр “Өксөкү сиэннэрин” кэккэтигэр бастакы кылаастары ылыы сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Сэтинньи 30 күнүгэр сахалыы тыллаах куорат оскуолаларын түмэ тардан, “Өксөкү сиэннэрэ” Саха сиринээҕи бырагыраамма тула кэпсэтиилэр, үлэ уопутун тарҕатыы, дьарыктар ыытыллыахтара.
Сардаана МАТВЕЕВА