Мин Таатта улууһун биир кырдьаҕас нэһилиэгэр, былыргыттан баай сиринэн-уотунан биллибит Унаарыйар Уолба алааһыгар олоробун. Бу нэһилиэк дьоно-сэргэтэ устуоруйа сэһэргииринэн, революция (1917 сыл) иннинэ 45 ийэ-аҕа ууһунан өлбүгэ сирдэринэн алаас, үрэх сирдэргэ тарҕанан олорбуттар. Кэлин сири оҥорор буолуохтарыттан киэҥ бурдуктаах бааһыналарынан аатырар.
Билигин абаҕам Иннокентий Трофимович Боппосов оҥорбут испииһэгинэн Уолба территориятыгар 174 сир баар эбит. Сорох сирдэри мин үчүгэйдик билэбин. Холобур:
“Хабарҕа” – мин эһэм Спиридон Басов кустуур сирэ, хоту Таатта диэки баар.
“Уоһайдаабыт” – биһиги Боппуоһаптар оттуур сирбит, ходуһабыт, Сыһыы анараа өттө.
“Баайыһап” – Уолбаҕа киирии сир, сөбүлээн сөтүөлүүр сирбит.
Дьон кэпсииринэн, сир ньуура ордук кэлиҥҥи сылларга уларыйда. Саха сиригэр 25-40 тыһыынча сыл аннараа өттүгэр Мууһуруу үйэтэ кэлэн ааспыт. Кинини Сартаҥ үйэтинээҕи айылҕа тымныйыыта диэбиттэрэ
Былыргы кэмтэн биһиэхэ, Уолбаҕа, маннык үһүйээн баар.
300-чэкэ сыл анараа өттүгэр буолбут Уолба күөлүн туһунан үһүйээн Уолба кырдьаҕас олохтооҕун кэпсээнинэн суруллубута.
Былыыр-былыр билиҥҥи Уолба киэҥ-нэлэмэн Дьөҥкүүдэй эбэ хотун аатыран, уута икки хара тыаҕа тайаан сыппыт. Хоту уонна соҕуруу өттүлэригэр барбах икки-үс эрэ ыал буруота бургучуйара үһү.
Уонна иһиллээбит курдук тула өттө уу-чуумпу буолан турбут. Арай көтөр-сүүрэр саҥата күйгүөрэн, тула өттүнээҕи бадарааннарга, бырыыларга түһэр сирэ эбит.
Бу курдук олордохторуна, арай биирдэ тохсунньу торулуур тымныытын үгэнигэр, түүн үөһүгэр аллараа дойдуга туох эрэ дэлби барар тыас күһүгүрээбит, сүүрүк тыаһыгар маарынныыр хоолдьугурас тыас өрө суккуйбутунан барбыт. Халлаан илин кырыыта сырдаан, аламаҕай маҥан күн кыыһар сардаҥаларын ыспытынан барбыт. Түннүгүнэн, аанынан быгыалаһан көрбүттэрэ – иитиллэн, аһаан-сиэн олорор күөллэрэ үрдэ туох да дьүүлэ- дьаабыта көстүбэт хаһан да харахтаабатах үрүҥ туманнара үллэ олорорун көрө биэрбиттэр. “Бу туох ааттаах алдьархайа буоллаҕай?” – диэн күөл кытыытыгар сүүрэн киирэн көрбүттэрэ, күөл эбэ хотун соҕуруу атаҕынан Таатта үрэххэ диэри хайа барбыт, онтон түгэҕэ төһө дириҥин, чычааһын ким да кыайан ырыҥалаабатах. Ол курдук, киһи куйахата күүрүөх дириҥ көҥүһэ үөскээбит. Ону өҥөйөн көрбүттэрэ – дьэ, били хайа барбытынан күөллэрин уута тыаһаан-ууһаан суккулла турар эбит. Бу курдук үс түүннээх күн күөл уута барбыт. Тиһэҕэр тиийэн мууһа эрэ туран хаалаахтаабыт. Сааһыгар тиийэн балык бөҕө атан тахсан, сааскы күн сыралҕаныттан ибили сытыйан, күөх ньамаҕы кытта булкуспут. Онтон бэттэх күөл хоту эҥэригэр үрдүк томтор тахсан кэлбит. Күөл уута ортотугар эрэ чөҥөрүйэн хаалбыт.
Ол кэмтэн ыла Дьөҥкүүдэй күөлэ Уолба диэн ааттанар буолбут эбит.
Кэлиҥҥи сылларга Уолба нэһилиэгэр киирсэр сирдэр ньуурдарыгар туох уларыйыылар буолаллар эбит диэн үөрэтэн көрдүм.
- Хас да сыллааҕыта Уолба соҕуруу өттүгэр баар Өҥөй алааһын быллаардара хамсаан, былыргы киһи уҥуоҕа тахсан кэлбитэ. Сототун уҥуоҕа уһунуттан көрдөххө, икки миэтэрэттэн балайда үрдүк уҥуохтаах киһи үһү.
- Дэриэбинэ иһигэр дьиэбит тэлгэһэтигэр аппалар үөскүүллэр, ардахха уунан туолаллар. Онно буор кутан, тэҥнээһин үлэтэ ыытыллар.
Үөһээ (быллаардар салгыыларыгар көнө сиргэ турбут) убай Болуодьалаах уһаайбалара дьиэ айаҕар дылы быллаар буолбут.
- Алаас да, үрэх да сирдэр отторо-мастара барыта уларыйар, быллаардара эбиллэр, дириҥээн иһэр. Ол муус ирэн буолуо. (М.Е. Юнчанов).
- Оттуур сир барыта быллаар буолан эрэр. (И.Т. Боппосов).
- Икки алаас баһыттан атаҕар дылы уу буолбут, кыайан оттоммот гына.
— “Бырыыкап”.
— “Борокуопай”.
- Холобур, Ытык Күөлгэ чугаһаатахха суол кытыыта барыта былдьараах ээ, булууһа ирэн, хаһыллан… (Н.С. Попов)
- Сир уларыйар. Соҕуруу Лампа, Хамньыкы үрэҕэ ууга баран эрэллэр, ходуһа иэнэ аччаата. (И.Т. Боппосов)
- Үрэх сирдэр элбэхтэр. Олор да быллаар буолаллара буолуо. Аппа-дьаппа бөҕө. Сирбит ирбэт мууһа чугас баҕайы. Муох үүммүт сирэ элбиир, ол муоҕун саралыы тарт да муус. (И.Т. Боппосов)
- Билигин биһиги олорор дьиэбит онно “Хамньыкы” үрэх үрдэ, Хамньыкы күөлэ Уолба арҕаа өттүгэр сытар улахан күөл этэ. Онтон 2014 сыллаахха ол күөл көһөн хаалбыта. Үрэҕин кэтирэтэн хаһан биэрэннэр билигин сүнньэ уларыйан, ардахтаах дьылга эбиллэр, курааҥҥа уолар. Кини Уолба күөлүгэр түһэр, онтон Тааттаҕа барар. Урут мин ийэбэр Уолба олохтооҕо Николай Афанасьевич Андросов диэн кырдьаҕас киһи кэпсээбит эбит. Былыр бу биһиги олорор сирбитинэн Хамньыкы уу кэлбит дьылыгар быллаарыгар дылы анньар эбит.
- “Дойомпоҕо”, биһиги оттуур сирбитигэр, урут сирэ аппалара аҕыйах буолара, билигин аппата наһаа элбээбит.
- “Уоһайдаабыт” – эмиэ биһиги сыл аайы оттуур сирбит. Билигин эмиэ дулҕа бөҕөтө үүммүт. Кыра уулаах, онтуката уолбат эбит.
- “Сыһыыга” оттур сирбит уута элбээбит, ходуһабыт кыччаабыт.
- “Балаанапка” оттуур сирбит быйыл талаҕынан үүнэн хаалбыт.
- Улахан аппалар биһиги ходуһабытыгар суохтар. Хамньыкы үрэҕэр, оттуур ходуһатыгар буолбатах, итинник аппалар, сиҥнибит сирдэр бааллар. (А.М. Неустроев)
- Көҥү түһүүлэр бааһынаҕа бааллар этэ.Билигин да бааллара буолуо. (Н.А. Рахлеев)
- Уруккута бааһына сиригэр улахан аппалар баар буолаллар. Бу кэнниттэн ити сир быллаар буолар. (И.Т. Боппосов)
- Бааһынаҕа уу сылга аппалар тахсаллар. Дүөдэ буолан сыталлар. (“Кииллиги”). (А.И. Рахлеев).
- “Адаҕа” барыта быллаар буолбут. (А.И. Рахлеев).
- Улахан аппалар Туора Күөлгэ, Баайаҕаҕа бааллар дииллэр.
Түмүк:
Ыйыталаспыт дьоммут быһааралларынан, бу уларыйыылар “ирбэт тоҥ” ириититтэн буолаллар.
Ол түмүгэр:
Сир аата | Уу, күөл | Аппалар | Быллаардар | От—мас үүнүүтэ | |
1 | “Бырыыкап” | + | |||
2 | “Борокуопай” | + | |||
3 | “Дойомпо” | + | |||
4 | “Уоһайдаабыт” | + | |||
5 | “Сыһыыга” | + | |||
6 | “Балаанап” | + | |||
7 | “Хамньыкы” күөлэ | — | |||
8 | “Соҕуруу Лампа” | + | |||
9 | “Хамньыкы үрэҕэ” | + | + | ||
10 | “Адаҕа” | + | |||
11 | “Мэлдьиги” | + | |||
12 | Дьиэ тэлгэһэтэ (Михаил) | + | |||
13 | Дьиэ тэлгэһэтэ (Владимир) | + | |||
14 | Бааһына (“Кииллиги”) | + |
Учуонайдар этиилэринэн, “ирбэт тоҥ” ирэн эрэр (онно быйылгы улахан баһаардар эмиэ көмөлөһөллөр), ириитэ сир-уот эрэ уларыйыытыгар буолбакка, дьон олорор усулуобуйатыгар кытта дьайыан сөп.
- Хаамарга, айанныырга эрэйдээх буолар;
- Мэччирэҥ сирэ кыччыыр;
- Оттуур сир аҕыйыыр;
- Буортулаах газ тахсар.
Ирбэт тоҥ Арассыыйа сирин 65% аннынан тайаан сытар. Онон бу улаханнык дьону долгутар боппуруос буолан эрэр. Саха сиригэр Ил Түмэҥҥэ ирбэт тоҥу харыстыыр сокуон оҥоруута саҕаланна.
Дьулус Боппосов,
VIII кылаас.
Салайааччы: педагог-библиотекарь Зоя Петровна Боппосова.
Уолба, Таатта.