Биһиги оскуолабытыгар ыам ыйын саҥатыгар 14 төгүлүн «Казарма» диэн бырайыак ыытылынна, барыта V-XI кылаас уолаттара 22 буолан, 3 хамаандаҕа арахсан үс күн устата оскуолаҕа хоно сытан араас күрэхтэһиилэргэ кытынныбыт. Бастакы күммүтүгэр наар эр киһи быһыытынан эрчиллиилэргэ күрэхтэстибит. Перекладинаҕа саамай элбэхтик тардынан XI кылаас үөрэнээччитэ Нюргус Рахлеев I миэстэни ылла. Слава Капитонов II, Миша Никонов III миэстэ буоллулар. Пресс хачаайдааһыныгар бииргэ үөрэнэр доҕорум Ариан Неустроев бастыҥ буолла, Уйсиэн Борисов II, Виталий Петров III буолан эмиэ мэтээл кэттилэр.
Бу күн утуйуохпут иннинэ оскуолабыт выпускнига Петр Васильевич Боппосов кэлэн хайдах сулууспалаабытын кэпсээбитэ, сүбэлэри биэрбитэ. Иккис күммүт эмиэ элбэх күрэхтэһиилээх буолла. Моһоллору туоруурдаах сүүрүү, «АК – 47» автоматы ыһыы уонна хомуйуу. Өбүгэбит таптыыр оонньуута тутум эргииригэр Миша Никонов барыларын кыайда, Уйсиэн Борисов автоматы барыбытыттан түргэнник ыһан хомуйда.
Үс күн устата уолаттар оскуолабыт иһигэр, таһыгар ырааһы көрдүбүт, муоста сууйдубут, оскуолабыт территориятын ыраастаан субботникка кытынныбыт. «Казарма» туһунан сырдатар эркин хаһыатын оҥордубут. Күҥҥэ үстэ аһаан сырыттыбыт. Уруок ааҕыытыгар бэйэ-бэйэбитигэр, ордук кыраларга көмөлөстүбүт. Үһүс күммүтүгэр ырыалаах хаамыы конкурса буолла, онно күнү быһа бэлэмнэнэн олус үчүгэйдик кытынныбыт. Уопсай түмүккэ биһиги хамаандабыт бастаан мин хамандыыр быһыытынан олус үөрдүм уонна киэн тутуннум. Бүтэһик күммүт наҕараадалааһынынан уонна төрөппүттэрбит бэлэмнээбит минньигэс астаах остуолларынан түмүктэннэ. Ийэлэрбит астаан аҕалбыт минньигэс астарын үөрэ-көтө сиэтибит уонна дьиэбитигэр тарҕастыбыт.
Мин санаабар, бу бырайыак наһаа үчүгэй, инникитин аармыйаҕа тиийэн манна тугу үөрэппиттэрин туһаныахпыт дии санаатыбыт. Үс күн кылгас курдук буолла, өссө уһун эбитэ буоллар дэстибит. Инникитин да бырайыак үлэлиэ, өссө ситиһиилээхтик кыттыахпыт диэн эрэнэбин.
Дьулус БОППОСОВ, VIII кылаас,
В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, Таатта