От ыйыгар 2-ис нүөмэрдээх оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэрэ Соҕуруу Кэриэйэҕэ Узбекистан национальный оркестрын кытта гостуруоллаан кэллилэр.
Ансаамбыл 7-тэн 16-ҕа дылы саастах 9 оҕоттон турбута. Кинилэри арыаллаан учууталлара барсан кэллилэр: Екатерина Сергеевна Попова – домра учуутала, Ньургустаана Николаевна Федорова – балалайка учуутала уонна концертмейстер – Анастасия Степановна Баишева. Оркестры Хуан Дос Сантос диэн Парагвай ааттаах дирижера салайда. Бырайыак сүрүн тэрийээччитинэн Кэриэйэҕэ биллэр дирижер, профессор Но Тэ Чол буолла.
Айаҥҥа от ыйын 5-с күнүттэн турунан, Кэриэйэҕэ 15-с чыыһылаҕа диэри сырыттылар. Оҕолор Сеул, Хансон, Сапгё, Хонджу куорат оскуолаларыгар кэнсиэрдээтилэр. Классическай, нууччалыы, уонна сахалыы композициялары оонньоон иһитиннэрдилэр. Йозеф Гайдн, Антонио Вивальди, Герман Комраков айымньыларын толордулар. Попова Лилиана уонна Винокурова Сайаана «Браво» Узбекистан национальнай камернай оркестрын кытары биир сыанаҕа солиһынан оонньоотулар.
Екатерина Сергеевна Попова, 2-ис нүөмэрдээх оҕо оскуолатын домра учуутала:
«Гостуруолбутун Но Тэ Чолы кытта күһүҥҥүттэн саҕалаан былааннаан барбыппыт. Кини биһиэхэ баар «Музыка для всех» диэн проекка маарыҥныыр тэрээһини ыытарын биллэрэн, биһиэхэ ыҥырыы ыыппыта. Ансаамбыл тэринэн сахалыы муузуката оонньоон диэн көрдөспүтэ. Ону тэҥҥэ биһиги оскуолабыт 1-кы кылааһыгар София Павлова диэн кыыс үөрэнэ киирбитэ. Кини ийэтэ, Ньургуйаана Павлова, туроператор эбит. Кини, Кытайга уонна Кэриэйэҕэ туурдары тэрийииннэн дьарыктанар буолан, гостуруолу тэрийиигэ үөрүүннэн кыттыһан, улахан көмө буолбута. Бырагырааммабытын туруоран, сайыны быһа бэлэмнэммиппит. Дьокуускайтан Сеулга диэри көнө рейс суох буолан, бастаан Иркутскайга, Пекинынан көтөн Сеулга тиийбиппит. Сарсыҥҥы күнтэн саҕалаан оскуолаларынан кэнсиэр биэрэн саҕалаабыппыт. Хас күн аайы, оҕолор оонньууларын 200-тэн элбэх киһи кэлэн көрөрө. Сорох күннэргэ иккилии кэнсиэр биэрэр этибит. Кэриэйдэр сахалыы муузуканы хаһан да истибэтэх буолан сэргэхтик, болҕомтолоохтук иһиттилэр. Оҕолорбут бары кэнсиэрдэргэ таһымнаахтык кытыннылар. Аныгыскы сылга Но Тэ Чол биһигини эмиэ ыҥырда. Кэриэйэ бырабыыталыстыбатын уонна култуура министиэристибэтин кытта болдьоһон, эһиги эрэ кэнсиэргит буолуо диэн эрэннэрдэ. Барыларын ааттарыттан оскуолабыт дьаһалтатыгар, төрөппүттэргэ уонна тэрийээчибитигэр Но Тэ Чолга улахан махталбытын тириэрдэбин».
Ансаамбыл оҕолоро бэйэлэрин санааларынан үллэһиннилэр:
Попова Лилиана, 10 саастаах, фортепиано:
«Мин Муузука үрдүкү оскуолатын үөрэнээччитэбин, иккис кылааска диэри 2-с нүөмэрдээх искусство оскуолатыгар Евдокия Семеновна Карманова кылааһыгар үөрэммитим, онтон ыла ийэм Екатерина Сергеевна салайар “Забавушка” ансамбылыгар концертмейстердыыбын. Бу бара сылдьан фортепианаҕа Йозеф Гайдн «Концертио до мажор 1 часть» Узбекистан оркестрын кытта оонньообутум, оркестры кытта аан бастакы бииргэ толооруум буолар, ол иьин наьаа долгутуулаах этэ, уонна Герман Комраков “Импровизация на хомусе” оонньообутум. Ону тэҥҥэ кыргыттарга концертмейстардаабытым. Учууталбар Галина Юрьевна Поповаҕа миигин бэлэмнээбитигэр олус махтанабын. Кэриэйэ оҕолоро олус үчүгэйдик, эйэҕэстик биһигини көрсүбүттэрэ. Кэриэйэҕэ бэйэбэр элбэх саҥаны арыйдым. Култуураларын, аһылыктарын сөбүлээтим.»
Баишева Айаана, 12 саастаах, хомус:
«Кэриэйэҕэ бастакыбын сырыттым, наhаа сөбулээтим, араас куораттарынан кэнсиэртээн, элбэх сирдэри көрөн кэллим. Мин хомуска оонньообутум, сахалыы таҥаспын уонна киэргэллэрбин интэриэһиргээн көрбүттэрэ. Кэриэйэ диэн наһаа үчүгэй дойду эбит, олохтоохтор бэйэ-бэйэлэригэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар, ыһылла сытар бөх суох, дойдуларын харыстыыллар. Ханна да сырыттаххына барыта ыраас буолар. Кэриэйэҕэ өссө кэлэ сылдьыам этэ.»
Андреева Наяна, 12 саастаах, домра:
«Биһиги саха композиторын Герман Комраков «Мин айаас атым» диэн айымньыны уонна нууччалыы народнай музыканы оонньообуппут. Барыахпытын иннинэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, саҥа номердары үөрэтэн саҕалаабыппыт. Концертпытын оҕолор чуумпуран истэн олорбуттара, хас биирдии выступленияны сэргэхтик көрсүбүттэрэ. Кэнсиэр кэннэ оҕолору кытта бары бииргэ хаартыска5а түспүппүт. Кинилэр биһиэхэ минньигэс астары бэлэх ууммуттара. Кэнсиэртээн баран Кэриэйэҕэ атын элбэх сири кэрийдибит. Холобур, мин саамай сөбүлээбит сирим — Everland. Онно бэйэтэ туспа куорат курдук улахан сиргэ араас элбэх аттракционнаах, зоопаркалаах. Өссө биһиги Хансон куорат таһыгар баар Саһарҕай муораҕа бара сырыттыбыт, уутун тэпсэн сөрүүккээтибит. Сеулга саамай биллэр Каннам, Мендон, Дондемун оройуоннарын кэрийдибит. Кэриэйэни наһаа сөбүлээтим, өссө да барыахпын баҕарабын. Биһигини салайан илдьэ сылдьыбыт, бу айаны тэрийбит учууталларбытыгар улахан махталбын тиэрдэбин.»
Винокурова Сайаана, 12 саастаах, домра:
«Мин домраннан Узбекистан оркестрын кытта Вивальди «Концерт соль мажор 1 часть» оонньообутум. Урут филармоническай оркестры кытта тэҥҥэ оонньуур буолан, бэлэмнээх этим. Соҕуруу Кэриэйэҕэ өссө төгүл бара сылдьыахпын баҕарыам этэ.»
Ким Арина, 10 саастаах, домра:
«Мин ансаамбыл кыргыттарын кытары оонньообутум. Кэриэйэни олус таптаатым, мин маннык сылдьан кэлиэм дии санаабатаҕым даҕаны. Кэнсиэртэн атын океанариумҥа, аквапаркаҕа, Everland-ка, Lotte World-ка сырыттыбыт. Кэриэйэҕэ өссө төгул ыалдьыттыы барыахпын баҕарыа этим.»
Филиппов Александр, 14 саастаах, балалайка:
«Ансаамбылынан Кэриэйэҕэ «Резвый конь» айымньыны онньоотубут. Бэйэм соҕотох «Ехал казак на войну» толорбутум. Кэриэйэ үөрэнээчилэрэ сөбүлээбиттэрэ, сөхпүттэрэ, ытыс тыаһын бэлэхтээбиттэрэ. Кэриэйэ сүрдээх сайдыылаах, ыраас дойду эбит. Кэнсиэр нөҥүө биһиги Everland парканы кэрийдибит. Онно бааллар этэ эҥин араас дойду кыыллара. Кыыллара босхо киэҥ сиргэ сылдьар буолан, адьырҕа кыыллары улахан түннүктэрдээх массыынанан сылдьан көрдүбүт. От-мас аһылыктаах кыыллары хаама сылдьан көрүөххэ сөп этэ. Онтон атын Сеул саамай үрдүк тутуутугар тахсан куораты көрдүбүт, муодунай Мендон уулуссатыгар күүлэйдээтибит, Сеул саамай улахан библиотекатыгар сырыттыбыт. Кэриэйэ аһылыгын амсайдыбыт. Сеулга өссө төгүл үөрэнэ, күүлэйдии кэлиэм этэ.»
2-с нүөмэрдээх оҕо искусствотын оскуолатын ансаамбылын оҕолоро Соҕуруу Кэриэйэҕэ таһымнаахтык Саха сирин ааттатан кэллилэр. Бэйэлэригэр саҥа сири арыйан, өйдөрө-санаалара кэҥээн дуоһуйа сынньаннылар. Кэлэр кэмҥэ сатабылларын сайыннаран араас бырайыактарга ордук үчүгэйдик кытталларыгар, талбыт суолларыттан хайысхаларын уларыппакка иннин диэки баралларын курдук ис санаабытын этэбит.
Николай АНДРЕЕВ
1
Лаки