«Кэскил» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылын оҕолоро бу ааспыт сайыны хаһааҥҥытааҕар да долгуйа күүппүппүт. Биһиги Кытай норуодунай республикатыгар IX Норуоттар икки ардыларынааҕы «Красочное лето и парус мечты» бэстибээлгэ барар чиэскэ тиксибиппит. Бу путевканы саас «Таланты земли Олонхо» диэн «Бриллиантовые нотки» фестивальнай комитет ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкурсугар Гран-при буолан ылбыппыт.
От ыйын 4 күнүгэр дьиэбититтэн улуу Кытай дойдутугар айаммыт саҕаламмыта. Бу айаммыт путевкатын саас «Таланты земли Олонхо» диэн «Бриллиантовые нотки»фестивальнай комитет ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкурсугар Гран-при буолан ылбыппыт. Биһиги, 18 оҕо, салайааччыбыт Галина Прокопьевна Степанова уонна ансаамбылбыт выпускницата Юлиана Ананьева буолан барбыппыт. Аллараа Бэстээхтэн Благовещенскай куоракка дылы биир күн уонна икки түүн поеһынан айаннаабыппыт. Хаһан да поеһынан айаннаабатах буоламмыт барыта олус интэриэһинэй этэ. Сотору сотору курдук тохтуур этибит, ардыгар уһун бириэмэлээххэ сибиэһэй салгын сии таарыйа, хаама тахсар этибит. Тында, Алдан, Нерюнгри, Чульман, Белогорск уонна да атын куораттарга тохтообуппут. Ол бэйэтэ дойдубут устун эксурсия курдук этэ. Биһигини кытта Ньурбаттан «Колокольчик» дуэт кыргыттара ийэлэринээн, Чурапчы улууһун Арыылаах нэҺилиэгиттэн «Феникс» үҥкүү бөлөҕө уонна Тулагыттан «Субботея» фольклорнай ансамбыл буолан айаннаабыппыт. Тута билсибиппит, доҕордоспуппут. Благовещенскайтан Амур өрүһү туораан Кытай Хэйхэ куоратыгар аҕыйах мүнүүтэннэн тиийэн хаалбыппыт. Ира диэн гидпыт көрсөн «Хунь-Линь» гостиницаҕа барбыппыт. Тиийбит күммүтүгэр Хэйхэ устун күүлэйдээбиппит, киэһэ Набережное диэн пааркаҕа баран сэрээккэ курдук үҥкүүлүү сылдьар дьону кытта үҥкүүлэспиппит, ону биир кытай кыыһа биһигини хайҕаабыта. Ыллыыр фонтан холбоммутугар, сорох оҕолор сүүрэн киирэн ууга инчэйэ сылдьыбыттара. Түүҥҥү Хэйхэ олус кыраһыабай, Люба маннык рифма толкуйдаабыта: «Ночной Хэйхэ – это Рай»
Иккис күммүтүгэр Хэйхэ куорат оскуолатыгар сылдьыбыппыт. Кытай оҕолоро наһаа кыраһыабай, киэҥ оскуолаҕа үөрэнэр эбиттэр. Кинилэр каникуллара сайын биир эрэ ый буоларын сөхпүппүт. Оскуолаҕа кумаахыннан кырыйарга, Калиграфия-Цзяньчжи маастар-кылаас ыыппыттара, уруһуйдаппыттара, ол кэннэ кытай оҕолорун сэрээккэлиир видеоларын көрө-көрө оҥорсубуппут. Олус киэҥ спорт саалатыгар кытай оҕолорунаан күрэхтэспиппит, оонньообуппут, үҥкүүлээбиппит. Оҕолорго сувенирдарбытын бэлэхтээн үөрүү бөҕө буолбуппут. Куустуһа куустуһа хаартыскаҕа түспүппүт.
Үһүс күммүтүгэр Таньчун пааркаҕа, Хэйхэй куорат научно-техническай түмэлигэр экскурсиялаабыппыт. Бу түмэлгэ араас техникалар бааллара. Дьэ, онтон сыал-сорук оҥостон кэлбит IX Норуоттар икки ардыларынааҕы «Красочное лето и парус мечты» бэстибээлбит саҕаламмыта. Бэстибээл «Центр детского творчества между Китаем и Россией» диэн дыбарыаска буолбута. Бастаан уус-уран оҥоһуктар быыстапкалара буолбутугар, биһиги сорох оҕолорбут кытай оҕолорунаан араас оҥоһуктары, таҥастары кэтэн хааман көрдөрбүппүт уонна араас маастар-кылаастарга кыттыбыппыт. Киэһэ бэстибээлбит сүрүн концерыгар биһиги түөрт үҥкүүнү толорбуппут уонна Гран-при үрдүк аатын ылан үөрүүбүт 2 бүк үксээбитэ.
Төрдүс күммүтүгэр автобуска олорон Удалянчи куруорка барбыппыт. Баран иһэн минеральнай источниктан уу ылбыппыт. Манна «музей вулканов сылдьан элбэх интэриэһинэйи билбиппит. Удалянчи санаторнай курорт буолан чуумпу куорат эбит.
Бэһис күммүтүгэр бары күүтүүлээх аквопаркабытыгар барбыппыт. Онно киирээт харахпыт бэлдьиэ барбыта, араас горкалар баар этилэр, искусственнай долгуннарга сөтүөлээбиппит, сылаас, тымныы ууларга сыппыппыт, үрдүк сиртэн ыстаммыппыт, хамсыы турар муостаҕа кытай быыһааччыларын кытта ким өр турарыгар куоталаһан оонньообуппут. Биһигиттэн тэлэбэдиинньийэ үлэһиттэрэ интервью ылбыттара, бассейн кытыытыгар үҥкүүбүтүн устубуттара. Бу интервьюбутун дьиэбитигэр кэлэн баран ютубка көрбүппүт. Барарбытыгар аквапарка үлэһиттэрэ термо сумка бэлэхтээбиттэрэ. Киэһээтигэр паркаҕа күүлэйдии сылдьан кытайдары кытта «Урааҥхайдар» ырыанан оһуохайдаабыппыт, Чурапчы оҕолорун кытта сыанаҕа тахсан ыллаабыппыт, үҥкүүлээбиппит.
Алтыс күн Хэйхэҕэ төннүбүппүт, атын гостиницаҕа түспүппүт да буоллар, хайдах эрэ дьиэбитигэр кэлбит курдук санаммыппыт. Бу күн шоппинг күнэ буолбута, дьоммутугар кэһии, сувенир ылаттаан баран киэһэ ыллыыр фонтаҥҥа күүлэйдээн, дуоһуйан, дойдубутугар барарга бэлэмнэммиппит. Кытайга аҕыйах күн сырыттарбыт, элбэҕи билэн, көрөн, элбэх доҕоттордонон, улааттахпытына эбэһээт өссө бара сылдьыахпыт дэһэн, дьоллоох баҕайы дьон дьиэбитигэр кэлбиппит.
Бу кэрэ түгэннэри, кэмнэри биһиги хаһан да умнуо суохпут! Улуу Кытай сиригэр баран кэлбиппитигэр салайааччыбытыгар Галина Прокопьевнаҕа, төрөппүттэрбитигэр, спонсардаабыт биир дойдулаахтарбытыгар, ансамбылбыт выпусниктарыгар барыларыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!
Оля КУРАЕВА, Люба АНАНЬЕВА, Эвелина ЯКОВЛЕВА, IX кылаас үөрэнээччилэрэ,
«Кэскил» ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ, Күндээдэ орто оскуолата, Ньурба улууһа.