Саха тылын учууталларын I, II сийиэстэрин дэлэгээтэ, Россия норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, “Учууталлар учууталлара”, поэт, суруналыыс, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Солоҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Тарасов Александр Адамович-Адаам уола Өлөксөөн“Саха тылын үөрэтии кэнсиэпсийэтэ” ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырытыллан, ырааҕы-кэскиллээҕи анааран ылыллыахтаах” диэн санаатын тиэрдэр.
— Норуот тапталлаах суруйааччыта Суорун Омоллоон бэргэн этиитэ олус да киэҥ ис хоһоонноох. Кыһыл оҕо күн сирин көрөөт, ийэ-аҕа, эбээ-эһээ уонна да атын чугас дьонун сүрэҕин сылааһыгар угуттанан, истиҥ сыһыаныгар иитиллэн, салгыы биэбэйик, уһуйаан, оскуола үлэһиттэрин уҕараабат кыһамньыта ууруллан, тулалыыр дьон-сэргэ сабыдыала эбиллэн, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, үрдүк сайдыылаах ыччат буола иитиллэн тахсар кыахтаах. Бу сорук табылларын туһугар, төрөөбүт тыл эйгэтэ тэриллиэхтээх. “Саха тылын үөрэтии кэнсиэпсийэтэ” ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырытыллан, ыксаабакка-ыгылыйбакка, ырааҕы-кэскиллээҕи анааран ылыллыахтаах. Тылга, үөрэххэ сыһыаннаах тэрилтэлэри сэргэ, Өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата, Ил Дархаммыт, Ил Түмэммит сомоҕолоһон үлэлээтэхтэринэ табыллар кыахтаах.
Уус-уран литература иитэр күүһүн туһаныахха
Оскуолаҕа төрөөбүт тыл эйгэтэ баар буоллаҕына, киһилии сиэр-майгы, төрөөбүт дойдунан, норуотунан киэн туттуу үөрэнээччигэ дириҥник иҥэр, бигэ акылаат оҕо үүнэн-сайдан иһэригэр үйэтин тухары туһалыы турар. Маннык эйгэ араас айар куруһуоктары үлэлэттэххэ, НПК-лары, суруйааччыларга анаммыт ааҕыылары (нэһилиэккэ, улууска) тиһигин быспакка ыыттахха үөскүүр. Уус-уран литература абылыыр, иитэр күүһүн таба туһаныахха. Кылаас аайы “Эбээ, эһээ сүбэтэ” диэн түмсүүнү тэрийдэххэ, көлүөнэлэр ситимнэрэ бөҕөргүүр, бэриниилээх буолууга иитии бэйэтэ тахсан кэлэр. Оскуола төрөппүттэрин сүрүн соруга—оҕо дьиэ кэргэниниин истиҥ-иһирэх, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыанын, тапталын иитии буолар. Дьиэ кэргэнигэр бэриниилээх киһиттэн эрэ дойдубут патриота үүнэн тахсар кыахтаах.
Педагогическэй үлэ бэтэрээнэ, РФ үтүөлээх учуутала Василиса Романовна Шишигина этэрин курдук, баарга тирэҕирэн, бүгүҥҥү кэм-кэрдии ирдэбилигэр сөп түбэһэр саҥа хайысхалары элбэх дьон санаатын түмэн, сиидэлээн, саха тылын үөрэтии омук сайдар суолун аартыга, бөҕө тирэҕэ буоларын ситиһэр сыал-сорук туруоруохха. Ол инниттэн омук салгыы сайдыытыгар быһаарар оруоллаах иитэр-үөрэтэр үлэһиттэр статустарын үрдэтиэххэ, хамнастарын эбиэххэ, үчүгэй үлэлээх специалистары эдэр эрдэхтэриттэн бэлиэтээн, аат-суол иҥэриэххэ.
Сэнэбиллээх сыһыаҥҥа киирбэтиннэр
Хайа да оскуолаҕа, нэһилиэккэ, улууска, куоракка саха тылын учуутала төрөөбүт тылбыт төннүбэт төлкөтүн түстээччи быһыытынан сыаналаныахтаах, өйөнүөхтээх. Оттон хас биирдии саха оҕото төрүт тылын оскуола бырагырааматынан толору билиэхтээх. Төрөөбүт тылын билиитэ үөрэххэ киириигэ биир сүрүн ирдэбил буоларын сокуон көмөтүнэн ситиһиэхтээхпит. Өр сылларга Үөрэх миниистиринэн үлэлээбит Ф.В. Габышева: “Ийэ үүтүн кытта тылбыт, култуурабыт иҥэриллиэхтээх. Оҕо төрөөбүт тылын билбэт буоллаҕына, элбэҕи сүтэрэр”,—диэн мээнэҕэ суруйбатаҕа биллэр. Төрүт тылын билбэт киһини хайа да сиргэ, омукка силиһэ суох мас курдук көрөллөр, култуурата, духуобунаһа суох маргиналынан ааҕаллар. Оҕолорбут инники дьылҕаларыгар маннык сэнэбиллээх сыһыаҥҥа киирбэттэрин туһугар хас биирдии төрөппүт кыһаллыахтаах.
“Тылы атаҕастааһын – норуоту атаҕастааһын”, диэн норуот суруйааччыта И.М. Гоголев-Кындыл биир хоһоонугар суруйбуттаах. Улуу поэт бэргэн тылларын олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэбит салалтатын түмэ тардан төрөөбүт тылбыт, норуоппут симэлийбэтин туһугар ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, икки тылынан уу тэстибэтин курдук ыпсаран саҥарар сайдам саха саарына Ил Дархаммыт Айсен Сергеевичкэ эрэлим, итэҕэлим улахан.
Эдэрбиттэн эрэммиттэрэ
Түмүкпэр, бэрт кылгастык бэйэм туспунан билиһиннэрэбин. Мин 1968 с. Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бүтэрээппин кытта, төрөөбүт нэһилиэгим Өрт VIII кылаастаах оскуолатыгар интэринээт иитээччитинэн ылбыттарын таһынан, литератураҕа сыһыаннаахпын билэн, саха литературатын үөрэтэрбэр аҕыйах чааһы эрэнэн биэрбиттэрэ. Икки сыл үлэлээн баран, саха салаатыгар туттарсан киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн, 1975 сылтан үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, саха тылын, литературатын учууталынан ананан Өрт оскуолатыгар 2020 сыллаахха диэри үлэлээбитим. Үөрэммит сылларбын аахтахха, таптыыр төрөөбүт тылбын, литератураны үөрэтиигэ олоҕум 52 сылын анаабыт эбиппин. Үлэлиир сылларбар оскуола үлэтигэр, учууталларга, үөрэнээччилэргэ көмө буолуон сөптөөх үс кинигэни бэйэм үбүлээн таһааттардым: “Кэскилтэн” куорсун куурдунан” (Бэрдьигэстээх, 2016), “Норуот суруйааччылара учуутал хараҕынан” (Дьокуускай, 2016), “Үтүмэн үтүөлээхтэр” (Олоҥхо – норуот муудараһа, Дьокуускай, “Дани-Алмас”, 2019). Лоп курдук 50 сыл устата “Кэскил” литературнай куруһуогу тэрийэн үлэлэппитим. Бу кинигэлэри улууһум саха тылын үөрэтэр учууталлара сэҥээрэ, кэрэхсии көрсүбүттэрэ. Хомойуох иһин, үөрэнээччигэ да, учууталга да көмө буолуох кинигэлэрим үп суоҕуттан хос бэчээттэммэккэ хааллылар. Бу үс кинигэм “Саха тылын кэнсиэпсийэтэ” олоххо киириитигэр күүс-көмө буолуохтарын сөп этэ.
Учууталлар XII сийиэстэригэр сылдьан баран, “Сийиэстэн саҕыллыбыт санаалар” диэн ыстатыйабар маннык хоһоону суруйбуппун:
Ийэттэн бэриллибит
Ийэ тылбыт дьылҕатын
Түстэһиэхтээх бэйэбит
Түлэй-балай нууччалаан,
Түөкэйдиирбит дьиктитин,
Төлкөлүүрбүт дьиибэтин.
Түөрэккэй кэскиллэммит
Төрүт тылбыт дэһэбит…
Түөн саҕа туһалааҕы
Түстэспэтэх эрээрибит
Сата баһын тардабыт,
Саргыбытын быһабыт.
Төрүт тылы билээччи
Түөрэҥнээбэт төлкөлөөх.
Сайдыылаах саҥа саха
Сахалыы сайдам тыллаах.
Ийэттэн бэриллибит
Ийэ тылбыт кэхтибэт!