Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин 18 уонна соҕуруу улууһуттан Кыһыл Аармыйаҕа 62091 киһи ыҥырыллыбыта. Кинилэртэн 35000 киһи фронтан тыыннаах эргиллэн кэлбитэ, 37965 киһи сэрии толоонугар охтубута.
Сэрии буолбутун туһунан биллэриини тутаат да, сэбиэт депутаттара учаастактарынан сылдьан миинин тэрийэн ыыппыттара. Түүннэри-күннэри дьуһуурустуба тэрийбиттэрэ. Дьон хаһан ыҥырыы сурук кэлэрин долгуйа күүтэллэрэ.
Фашисткай халабырдьыттар түөрт сылы быһа Сэбиэскэй Сойуус территориятын урусхаллаабыттара. Бу сэриигэ биһиги биир дойдулаахтарбыт ытык иэстэрин толорон Ийэ дойдуларын туһугар олохторун кэрэйбэккэ охсуспуттара. Олор истэригэр мин хаан-уруу убайым, эһэм Сиэйэ нэһилиэгин олохтооҕо Кузьма Иванович Илларионов баар этэ.
Кузьма Иванович мин ийэбинэн эбэм Мария Алексеевна аҕатын Алексей Иванович Илларионов бииргэ төрөөбүт быраата буолар. Биһиги хос эһэбит Алексей Иванович эдэр сааһыгар үс кыра оҕотун тулаайах хаалларан бу олохтон күрэммитэ. Кинилэри иитэргэ Кузьма Иванович кэргэнинээн Анна Николаевналыын туох баардарынан көрөн-харайан улаатыннартаабыттара, билигин даҕаны Анна Николевна көрө-истэ олорор. Биһиги ону өйдөөн кинилэргэ махталбыт улахан.
Кузьма Иванович 1923 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Хомойуох иһин, Улуу Кыайыы 70 сылын кыайан көрсүбэккэ 91 сааһыгар 2014 сыллаахха күн сириттэн суох буолбута. Кини «30 Оростор» диэн сахалыы хос ааттаах Илларионовтар аҕа уустарыттан төрүттээх. 1943 сыллаахха аармыйаҕа иккиһин ыҥырыллан сэриигэ кыттыбыта. Кыайыыны Японияҕа көрсүбүтэ. Салгыы убайбыт бэйэтэ тыыннааҕар суруйан хаалбыт ахтыытыттан тугу да уларыппакка суруйуом:
«1923 сыллаахха Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Долгуоһай диэн үрэх баһыгар, орто баай ыалга төрөөбүтүм. Аҕам Иван Иванович Илларионов, ийэм Прасковья Ивановна Илларионова дьиэ кэргэттэригэр саамай кыраларынан алтыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. 1932 сыллаахха Сиэйэ оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. 1940 сыллаахха VII-с кылааьы бүтэрбитим. Холкуоска үлэлии сылдьан, 1942 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан барбытым. Унуохпунан балтараа миэтэрэни кыайбат буолан Иркутскай уобалас Мальта станциятыттан төнүннэрбиттэрэ. Ол кэлэн баран холкуоска биригэдьиирдии сылдьан, 1943 сыллаахха иккиһин аармыйаҕа ыҥырыллан баран Забайкальскай уокурукка Чита уобалаһыгар Даурия станцияҕа 582-с стрелковай минометнай ротаҕа сулууспалаабытым. Сулууспалыыр кэммэр бойобуой-политическай бэлэмнэнии туйгуна этим. 1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр японскай импералистары урусхаллааһыҥҥа кыттыбытым.
Манчжурия истиэбинэн Хайлар, Харбин куораттары босхолооһуҥҥа, Хинхан хайатын туораабытым. Чань-чунь куоракка тиийэн кыайыыны түмүктээбиппит. 1500 Япония билиэннэйдэрин Советскай Союзка аҕалан сүөккээбиппит. Сулууспалыыр чааспытыгар кэлэн салгыы сулууспалаабыппыт.
1947 сыллаахха сулууспалаан бүтэн дойдубар төннөн кэлбитим. Дойдубар үлэбин 1947 сылтан саҕалаабытым: холкуоска 4 сыл, култуура үлэтигэр 10 сыл, сопхуоска 11 сыл суот-учуот үлэтигэр үлэлээбитим. Советсекретарынан, бухгалтерынан үлэлээбитим. Салгыы пенсияҕа тахсан олоробун. Үлэлээбит кэммэр араас мероприятияларга кыттарым. Ол курдук элбэх быыбардыыр учаастактарга председателинэн үлэлээбитим».
Бу эһэбит бэйэтэ суруйан хаалларбыт бүтэһик ахтыыта.
Кини сэрии кэнниттэн олоҕун аргыһын Анна Николаевнаны көрсөн ыал буолбуттара, сэттэ оҕону төрөппүттэрэ. Кинилэр элбэх сиэн уонна хос сиэннэр тапталлаах эһэтэ, эбэтэ буолбуттара.
Кузьма Иванович кимҥэ да суох кыараһыабай буочардаах уонна үчүгэйдик суоттуур дьоҕурдаах этэ. Ол да иһин буолуо кини өр кэмҥэ суот-учуот эйгэтигэр үлэлээбитэ. 10 сыл устата Сиэйэ нэһилиэгэр кулууп сэбиэдиссэйдээбитэ. Туох да аһара үчүгэйдик испэктээккэ, сыанкаларга оонньуура диэн олохтоохтор саныыллар. Буочара үчүгэйэ бэрт буолан, урукку сылларга араас былакааттары суруйара. Сэбиэт сэкирэтээринэн олорор кэмигэр олус эппиэтинэстээхтик үлэтигэр сыһыаннаһара, биир да алҕаһы, сыыһаны таһаарбакка пенсияҕа тахсыбыта.
Дьиэ кэргэнигэр сыһыана олус үчүгэй этэ, кэргэнигэр мэлдьи көмөлөһөрө, ол да иһин буолуо убайын тулаайах хаалбыт оҕолорун бэйэтин оҕолорун кытары тэбис-тэҥҥэ тутан улаатыннартаабыта.
Биһиги Кузьма Иванович аймахтара, сиэннэрэ Аҕа дойду уоттаах сэриитин кыттыылааҕа эһэлээхпитинэн киэн туттабыт. Ким да умнуллубатын, туох да умнуллубатын!
Ярослав Иванов, X кылаас,
В.М. Анисимов аатынан Түбэй орто оскуолата, Сунтаар улууһа