Анатолий Алексеевич Михайлов олоҕун 40-ча сылын тыа оскуолатын кытта ситимнээбит учуутал. Бэйэтэ Үөһээ Бүлүү Оҥхой нэһилиэгиттэн төрүттээх.
Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр күтүөт буолан, 1976 сылтан, пенсияҕа тахсыар диэри, харыс сири халбарыйбакка, бу нэһилиэк оскуолатыгар үлэлээбитэ. Бастаан физкультура, онтон география учууталынан, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан.
Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана, Эмис нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Анатолий Алексеевич Михайлов оскуолаҕа үлэлээн ааспыт сылларын түмэн, ырытан көрдөҕүнэ, биир санааҕа кэлэр: тыа сирин оскуолата төһө да кэми кытта тэҥҥэ уларыйан испитин иһин, тирэнэр тирэҕэ – үлэ.
– Анатолий Алексеевич, Эн тыа сирин оскуолатыгар учууталлаабыт кэмнэрин дойду уларыйыытын үс түһүмэҕин таарыйан ааспыт эбит. Оччотооҕу учууталлар ити уларыйыыларга оҕону сөптөөхтүк иитиигэ туохха тирэҕирэр этигитий?
– Кэргэмминээн Ольга Саввичналыын Эмис аҕыс кылаастаах оскуолатыгар 1976 үөрэх дьылыгар үлэлии кэлбиппит. Кэргэним алын кылаас, мин физкультура учууталынан. Ити иннинэ биһиги Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, биир сыл Амма Наахара оскуолатыгар учууталлаабыппыт. 1975 сыллаахха Саха госуниверситетыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбиппит. Ольга Саввична – филологическай факультекка нуучча тылын отделениетыгар, мин – география учууталыгар. Биир сыл физруктаан баран, салгыы наар география предметин үөрэппитим, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан эмиэ үлэлии сылдьыбытым. Кэргэмминээн иккиэн 40-ча сыл устата үлэлээбит оскуолабыт – В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата быйыл 100 сылын бэлиэтээтэ.
Этэн аһарбытын курдук, кырдьык, оскуолаҕа үлэлиир кэмим дойду уларыйыытын үс кэрдиис кэмигэр түбэспитэ: сэбиэскэй кэм, 90-ус сыллар уонна саҥа үйэ саҕаланыыта.
Ханнык баҕарар уларыйыы уустуктардаах, түһүүлээх-тахсыылаах, мөккүөрдээх буолар. Онуоха учууталларга үөрэтии, иитии таһымын мөлтөппөт туһугар олус улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Ханнык да кэмҥэ сиэрдээх-майгылаах, дьонугар-сэргэтигэр, төрөөбүт сиригэр-уотугар чугас, истиҥ сыһыаннаах ыччаты иитэн таһаарыыга үлэттэн ордук туһалаах суох. Билигин оҕону иитиигэ үлэ суолтата үрдүтүк тутуллар буолбутуттан, үөрэх, иитии эйгэтигэр сүрүн хайысха быһыытынан киирэн эрэриттэн ордук үөрэбин.
– Сэбиэскэй кэмҥэ оҕону үлэнэн иитиигэ тыа сирин оскуолата хайдах үлэлиир этэй?
– Оччолорго сайыҥҥы кэмҥэ үлэ сынньалаҥ лааҕырдарын (ЛТО) үлэлэтии оскуолалартан кытаанахтык ирдэниллэр этэ. Инньэ гынан сайыҥҥы өттүгэр учууталлар, ордук эр дьоннор, үлэ лааҕырдарыгар оҕолорбутун кытта тэҥҥэ сылдьарбыт. “Сайын уоппускаҕа барбакка эмиэ үлэлиибит дуо” диэн коллектив ортотугар киҥир-хаҥыр саҥарсыы баарын олох өйдөөбөппүн. Бары биир сүбэнэн мунньахтаан, үксүн эр дьон учууталлар, бириэмэбитин биирдии ый, ый аҥардыыта үллэстэн, график оҥостон, “тып-тап” курдук былааннаан үлэлиирбит.
Аны үлэ лааҕыра сопхуос үлэтин былаанынан тэриллэр. Бастакы сылларбытыгар оҕолорубутун кытта окко үлэлээбиппит. Икки сайын устата Эмиһи эргийэ быһыт (күрүө) туппуппут. Быһыппытын Сыырдахтан саҕалаан Таастааҕынан, Сымалааҕынан, Уҥа, Хаҥас алааһынан, Тэгэрээттэнэн, Илбистээҕинэн эргитэн аҕалан холбуубут. Биир сайын Ураһалаахха эмиэ улахан быһыты туппуппут. Оҕолор онно көмөлөрө диэн мас кэрдэллэр, суораллар, тоһоҕо саайаллар. Сыыһа-халты туттаннар, тоһоҕолорун токурутан кэбиһэллэр уонна үрүт-үрдүгэр саайаллар. Суоруллубут маска токур-макыр сааллыбыт тоһоҕолор бытык курдук көстөрүн “эмиэ бытык бөҕөтүн оҥорбуккут ээ”, – диэн күлсүү-салсыы бөҕөтө буоларбыт. Күрүө тутуутугар сылдьыбыт, оччолорго 12-лээх, 13-тээх уолаттар билигин бэйэлэрэ хайыы-үйэ ыал эһэлэрэ. “Анатолий Алексеевич, билигин бэйэбит сиэттэрбитигэр хаһан эрэ эн этэриҥ курдук, бытык бөҕөтүн оҥорбуккут диэн күлэбит ээ”, – дииллэр, лааҕырга үлэлээбиттэрин сүрдээх үчүгэйдик ахталлар.
– Эмис оскуолатыгар оҕону үлэнэн иитиигэ биир сүрүн миэстэни кирпииччэ лааҕыра ылара. Оччотооҕу хас иккис оҕо сайыҥҥы сынньалаҥа бу лааҕыры кытта сибээстээх диэтэххэ, бука, омуна суоҕа буолуо.
– Оннук. Сэбиэскэй кэмҥэ тыа хаһаайыстабата муҥутаан сайдыбыт кэмигэр оройуон сопхуостарыгар үгүс тутуу ыытыллара. Онон нэһилиэктэргэ сайыҥҥы кэмнэргэ кирпииччэ оҥорон таһаарыытын күүскэ киллэрбиттэрэ. Сайын устата 10-12 тыһыынча кирпииччэни үктээн туттарар этибит. Эбэ алаастан тардыыланар Биэтимэ үрэх төрдүгэр тумул тэллэҕэр кирпиччэни оҥорорго анаммыт курдук, маҥан кумахтаах сир баар. Эр дьон учууталлар Павел Егорович Сутаков, Иосиф Васильевич Петров буоламмыт сопхуос көмөтүнэн, база тэриннибит, сарай туттубут, кирпииччэ хоруудаларын оҥордубут. Оҕо сылдьан дойдубар Оҥхойго кирпииччэҕэ үлэлээбит буоламмын, син сыһыаннаах этим.
Оҕолорбут саамай кыралара үһүс кылаастар уонна онтон үөһээҥҥилэр. Бастаан дьиэлэриттэн сылдьыбыттара. Иккис сылбытыгар эбии сарай тутаммыт, хоно сытан үлэлиир буолбуппут. Аспытын-үөлбүтүн сопхуос дэлэччи хааччыйар. Илии үлэтэ оҕолорго сылаалаах, оҥорон таһаарыыбыт да кыра. Кириисэ диэн ааттаах улахан баҕайы оҕустаахпыт. Кирпииччэ “тиэстэтин” мэһийиигэ Кириисэ күүһүн туһаныахха диэн буолла. Алта көлүөһэни кэчигирэччи туруордубут, хаптаһынан истиэнэ оҥордубут, ортотугар Кириисэбитин туруоран хаамтарабыт. Атахпытынан тэпсэн мэһийэр курдук буолуо дуо – механизация аата механизация, оҥорон таһаарыыбыт тута үрдээтэ. Алта биригээдэҕэ түөртүү оҕо сылдьар. Кириисэбит мэһийэн таһаарбыт “тиэстэтэ” былдьаһык буолла. Нэдиэлэ аайы ханнык биригээдэ төһө элбэх кирпииччэни оҥорбутун ааҕан, түмүк таһаарабыт. Бастыҥнар кэккэлэригэр киирээри оҕолор көхтөөх бөҕөлөр. Итинник кирпииччэ үктээһинигэр оройуоҥҥа бастаан турардаахпыт.
Кэнники сылларга лааҕырбытын нэһилиэккэ чугаһатан, Саппыйаҕа көһөрбүппүт. Ферма турбут базатын сөхсүтэн, өрөмүөннээбиппит. Сопхуос ытыктанар тырахтарыыһын, рационализатор Василий Васильевич Куприяновы кытта механизация боппуруоһун тобуллубут. Арыы собуотун сүөгэй иирдэр эргэ оборудованиетын ылан, кирпииччэ буорун мэһийэргэ сөптөөх гына оҥордубут. Итинник икки сайын устата үлэлээбиппит. Кэнники сылларбытыгар сопхуос ферматыгар “Чэчиргэ” уруккута бурдук сарайыгар базаламмыппыт. Көөнньөрбө оҥорорго туһаныллар оборудованиены таҥан, туһаммыппыт. Онтон улам уот-күөс умуллан, сопхуостар эстэн, лааҕырбыт үлэтэ оннук түмүктэммитэ. 20-н тахса сыл устата үлэ лааҕырын нөҥүө элбэх оҕо ааспыта. Киһи үөрэрэ диэн ол кинилэр инники олохторугар туһалаах буолбута. Эт-хаан өттүнэн сайдыы, айылҕаҕа сылдьыы, коллектив диэн тугун билии уонна саамай кылаабынайа, үлэ үөрүйэхтэрин иҥэриммиттэрэ, производство диэн тугун билбиттэрэ.
40-ча сыл тыа сирин оскуолатыгар учууталлаабыт киһи үөрэх хайысхатын син биир интэриэһиргиибин, оҕону иитии, үөрэтии идеологиятыгар сүрэҕим син биир ыалдьар. Үөрэхтээһиҥҥэ үлэнэн иитии ханнык да кэмҥэ суолталанар, оскуола нэһилиэги кытта ситимнээх үлэни олохтууругар туһалыыр. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн, итиннэ социуму кытта үлэ холобура көстөр.
– Сэбиэскэй кэмҥэ үлэлээн ааспыт кэмнэргиттэн ураты тутан өссө тугу бэлиэтиэҥ этэй?
– 70-80 сылларга ССРС үрдүнэн оскуолаларга предметтэри үөрэтэр кабинеттары оҥоруу үлэтэ олус киэҥник ыытыллыбыта. Оҕо кылааска кинигэни ааҕан, тэтэрээккэ, дуоскаҕа эрэ суруйан буолбакка, технология сайдыытын бары кыаҕын-күүһүн туһаныахтаах диэн сүрүн сорук турбута. Ити кэмҥэ Эмис аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн Николай Егорович Иванов үлэлээбитэ. Билигин санаан көрдөхпүнэ, кэм-кэрдии хаамыыта салайааччылары бэйэтэ булан таһаарар курдук. Тоҕо диэтэххэ, Николай Егорович саҥа сүүрээннэри, уларыйыылары олус түргэнник ылынар, миэстэтигэр сөптөөхтүк сыһыары тутан, олоххо киллэрэр, коллективы онно сирдиир салайааччы этэ. Кабинеты оҥорууга биһиги оскуолабытыгар завуч Прасковья Петровна Яковлева, нуучча тылын учууталлара Прасковья Семеновна Неустроева, Анна Денисовна Иванова, математика учуутала Николай Дмитриевич Григорьев күүскэ ылсан үлэлээбиттэрэ. Кинилэргэ коллектив бары күүс-көмө буолбуппут. Чурапчынан, Тааттанан, Мэҥэ Хаҥалаһынан сылдьан уопут атастаһарбыт. Николай Дмитриевич Григорьев Донецкайга тиийэн Виктор Шаталов ааптарскай методикатын ыкса билсэн кэлбитэ коллектив ортотугар улахан сэргэхсийиини таһаарбыта.
Түмсүүлээх үлэ түмүгэр Эмис аҕыс кылаастаах оскуолата кабинеттары оҥорууга өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоҥҥа бастаабыппыт. 1979 сыл күһүнүгэр Монголия Народнай өрөспүүбүлүкэтин Гоби-Алтайскай аймагын үөрэҕин салаатыттан оҕону иитии-үөрэтии үлэтигэр уопут атастаһа түөрт киһилээх учууталлар делегациялара ыалдьыттаабыта. Үөрэх миниистирин солбуйааччы Петр Семенович Скрябин тус бэйэтинэн арыаллаан кэлэ сылдьыбыта. Билигин омук сиригэр кэлии-барыы улахан сонун буолбатаҕын иһин, сэбиэскэй кэмҥэ тыа сирин оскуолатыгар омук делегацията кэлэрэ диэн киһи өйүгэр батан киирбэт улахан хамсааһын этэ.
– Анатолий Алексеевич, национальнай оскуола концепциятын, оҕо бэйэтин норуотун үгэстэригэр, өйдөбүллэригэр тирэҕирэн үөрэтии идеятын оччотооҕу коллектив олоххо хайдах киллэрбиккитий?
– Биһиги бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев 90-ус сыллар уларыйыыларыгар норуот национальнай өйүн-санаатын судаарыстыба таһымыгар таһааран, иитии, үөрэтии эйгэтигэр күүстээх үлэ барбыта. Ити кэмҥэ оскуолабыт дириэктэрэ Алексей Ильич Гаврильев анаабыт курдук саха тылын уонна литературатын учуутала этэ. Төрөөбүт тыл ис кыаҕын-күүһүн кини курдук эндэппэккэ билэр учуутал-салайааччы национальнай оскуола концепциятын олоххо киллэриигэ элбэх үлэни ыыппыта. Омос көрдөххө, бу саҥа хайысха курдук этэ эрээри, бу барыта биһиэхэ барыбытыгар иҥэн сылдьара – оппут-маспыт үлэтэ, сүөһү-ас ииттэр дьарыкпыт, күннэтэ көрөн ааһар алаастарбыт, күрүө-хаһаа тутарбыт, иһиппит-хомуоспут, тиэргэммит, сахабыт тыла, эбээ, эһээ үгэстэрэ. Ону барытын түмэн, сааһылаан национальнай концепция чэрчитинэн, үөрэх, иитии ситимигэр киллэрэн биэрбиппит. Оҕолор перемена кэмигэр сахалыы остуол оонньууларынан дьарыктаналларыгар сахалыы остуоллары, хабылыктары, хаамыскалары оҥорбуппут. Бэйэбит оҕо сылдьан оонньообут оонньууларбыт буолан, оҕолорбутугар хабылыгы, хаамысканы кэпсиир, оонньоон көрдөрөр этибит. Кэлин үөрэнээччим Владислав Попов сахалыы остуол оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэ чемпиона буолбута, 2017 с. Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт “Манчаары оонньууларын” кыайыылааҕа, 2022 сыл түмүгүнэн “Сахаада-спорт” бастыҥ спортсменын аатын ылбыта.
Билигин Эмискэ ыал буолан олохсуйан олорор оҕолорбун кытта тэҥҥэ сахалыы остуол оонньууларыгар оройуон күрэхтэһиилэригэр киирэн ситиһиилээхтик кыттабыт, нэһилиэкпит чиэһин көмүскүүбүт.
Бэйэм география учуутала буоламмын туризм куруһуогун салайан үлэлэппитим. Национальнай концепция олоххо киириитигэр, туризм хайысхатын кытта алтыһыннары тутаммыт, “Өбүгэ суолунан” диэн нэһилиэк алаастарынан айаны саҕалаабыппыт. Бу V-XI кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыларын, история, география, саха, нуучча тылларын, төрүт култуура, физика, физкультура, үлэ уруогун учууталларын – барыларын хабар айан этэ. Үөрэх дьылын устата оҕолор кырдьаҕастарга дьиэлэригэр сылдьан алаастар ааттарын, онно кимнээх олорбуттарын туһунан матарыйаал хомуйаллар. Саас үөрэх дьылын алаастарынан сылдьан түмүктүүбүт. Оҕолорбутун хамаанданан араарабыт. Хас биирдии хамаандаҕа анаан айан картатын оҥорон биэрэбит, учууталлары сыһыартыыбыт. Оҕолор алаастарынан тохтоон, кырдьаҕастартан ылбыт информацияларын миэстэтигэр олорон сиһилии билсэллэр, тыынан уста сылдьан алаастар күөллэрин кээмэйдииллэр, айылҕатын, сирин-уотун, үүнээйитин көрөллөр-истэллэр. Оннук хас да хайысханан айаннаан, киэһэ бары биир алааска түмсэн балаакканан хонобут. Иккис күммүтүгэр тугу билбиттэрин-көрбүттэрин айылҕа матарыйаалларынан киэргэтэн хаһыат таһаараллар, альбом оҥороллор, тугу интэриэһинэйи булбуттарын ырыталлар. Оҕолор наһаа сөбүлүүр, кэтэһэр, күүтэр айаннара этэ. Үлэ маннык көрүҥэ оҕо күннэтэ алтыһар киһитин “кини аймахтара бу алааска олорбуттара” диэн дьону ытыктыырга, төрөөбүт дойдуларын сирин-уотун билэргэ, сыаналыырга үөрэтэр. Алаастан анааран көрүү оҕо сайдыытыгар олус туһалаах. Итинник үлэлээн, Эмис нэһилиэгин алаастарын барытын кэрийбиппит. Билигин онно сылдьыбыт оҕолор бары үлэһит, ыал дьоннор. Ити кэмнэрин олус истиҥник ахталлар. Умнубаттар.
Биһиги кэннибититтэн бэйэбит олохтоох уолбут Николай Васильевич Уваров оскуола үлэлии кэлбитэ. Онон “Өбүгэ суолунан” айаммыт тохтоон хаалбакка, 2000 сыллартан саҕалаан уол оҕону иитии таһымыгар тахсыбыта. Николай Васильевич “Эр киһи эрэлбит, уол оҕо кэскилбит” диэн атынан айаны тэрийэн, уолаттары бэйэтин тула түмэн, бастаан Эмис алаастарынан, онтон улуус нэһилиэктэринэн айанныыр буолбуттара.
Билигин сааһыран олороммун, Михаил Ефимович Николаев саҥа кэмҥэ норуот сайдыытын түстээбит, өйүн-санаатын күүһүн уһугуннарбыт сүдү докумуонун – национальнай оскуола концепциятын олоххо киллэриигэ үлэлэспиппиттэн, үөрэтэр оҕолорбор умнуллубат түгэннэри хаалларбыппыттан үөрэбин.
– 40-ча сыл наар оҕо ортотугар сылдьыбыт учуутал сынньалаҥҥа таҕыстаҕына, бука, оскуолатын суохтуура буолуо.
– Учуутал үлэтэ хаһан даҕаны биир сиргэ тохтоон турбат. Күн аайы саҥа, сонун суоллары тобулан иһэри ирдиир. Онтукан олоҕун устата арыаллыыр. Учуутал оскуолаттан бүтэн да баран бэйэтигэр сөптөөх дьарыгы син биир булунар. Мин тыа киһитин сиэринэн булка, балыкка сылдьарбын сөбүлүүбүн. Географ идэлээх буоламмын араас дойдулар, куораттар сувенирнай чуораанчыктарын мунньабын. Билигин коллекциябар 140-ча устуука чуораанчыктаахпын.
Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэр сылларбар хайыһарынан, тустуунан, сүүрүүнэн дьарыктанар этим. Училище бары күрэхтэһиилэригэр кыттарым. Биир сыл Благовещенскай куоракка копье быраҕыытын күрэхтэһиитигэр кыттан, иккис, үһүс миэстэ буолан турардаахпын. Оскуолаҕа үлэлиир сылларбар учууталлар күрэхтэһиилэригэр, кэлин пенсияҕа тахсан баран, сахалыы остуол оонньууларыгар нэһилиэк, улуус чиэһин көмүскүүбүн.
Биир сөбүлүүр дьарыгым – хаартыскаҕа түһэрии. Күтүөт буолан кэлбит бастакы сылларбар кэргэним ийэтин Баян-Слу Николаевнаны кытта Эмис нэһилиэгин кырдьаҕастарын, сэрии, тыыл ветераннарын барыларын дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппиппит.
Нэһилиэк култуурунай олоҕор тойуктаан, испиктээккэ оонньоон кыттабын. Быйыл Эмис нэһилиэгин “Эйгэ” театральнай бөлөҕө Иннокентий Иванов “Чуумпу Бүлүү: алмаас уонна харах уута” диэн бөдөҥ айымньытынан Марианна Ефимова режиссердаан испиктээк туруорбуппут. Онно Павлов кинээс оруолун оонньообутум. Бу үлэбит өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх сылыгар анаан Саха тыйаатырын сыанатыгар сүрэхтэммитэ.
Кэргэним Ольга Саввична эмиэ общественнай үлэ көхтөөх кыттааччыта. 10 сыл “Көлүкэчээн” эбээлэр ансаамбылларын салайан үлэлэтэр. Кэлэр сылга ансаамбыл 20 сылын туолар. Тас дойдуларынан, Россия киин куораттарынан, Эдьигээн, Чурапчы курдук Саха сирин улуустарынан элбэхтик айаннаабыттара. Ольга Саввична сүүтүк мунньар дьарыктаах. Билигин коллекциятыгар 50-ча устуука сүүтүктээх.
Быйыл ыал буолан олорбуппут 50 сыла. Түөрт уол оҕолоохпут, 8 сиэннээхпит, биир хос сиэннээхпит.
– Эдэр учууталларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Оҕону үөрэх стандарын киэбигэр уган, биир тэҥник толкуйдуурга үөрэппэккин. Оҕо иитиллэр эйгэтигэр баар көстүүнү холобурдаан, онно чугаһатан үөрэтэр учууталга даҕаны, оҕоҕо даҕаны интэриэһинэй. Эбэҕэ кирпииччэ лаҕыырыгар үлэлии сылдьаммыт биир сайын оҕолор кумахтаах тумултан сэлии сототун, лаппаахытын уҥуохтарын булбуттара. Оччолооҕу булбут дьон омун-төлөн, сэргэхсийии бөҕөтө буолбуттара. География уруогун үөрэтэрбитигэр ол уҥуохтарбытын элбэхтик туһаммыппыт. Уруок тиэмэтин олохтоох матарыйаалга сыһыаран кэпсээтэххинэ, оҕо хараҕа уоттанар, үөрэтэр предмеккэр эрэ буолбакка, хас да предмеккэ тэҥинэн интэриэһэ улаатар, толкуйдуур дьоҕура сайдар, хабар эйгэтэ, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Онон эдэр учууталларга нэһилиэк, улуус историятыгар чугас буолуҥ диэн сүбэлиэм этэ.
Сардаана МАТВЕЕВА