Билиҥҥи кэмҥэ олох сайдан иһэринэн сылтаан, эдэр ыччат үксэ куоракка олохсуйа сатыыр. Ол эрээри саҥа үүнэр иһэр көлүөнэ иһигэр тыа сирин ордорор оҕолор бааллар. Оннук курдук Н.М. Заболоцкай аатын сүгэр Томтор орто оскуолатын оҕолоро бэйэлэрин санааларын билиһиннэрдилэр.
Дягилева Амелия, 5 кылаас
Дэриэбинэҕэ олорорбун быдан ордоробун. Ыраас салгын, айылҕалыын алтыһан, дьоммун кытта кустаан-балыктаан, сир астаан айылҕаҕа сынньанабыт. Миэхэ манна үгүс элбэх доҕоттордоохпун.
Дэриэбинэ үчүгэйэ диэн – манна ынахтар, сылгылар сүрдээх холкутук мэччийэ сылдьаллар. Дэриэбинэбит сылтан сыл аайы тупсан иһэр. Үгүс элбэх тутуулар бара тураллар, эдэр учууталларга икки этээстээх дьиэ туппуттара. Билигин киин уулуссабытыгар сквер тутулла турар,онно фонтаннаах буолуохтаах, оҕо-ыччат мустар, сынньанар сирэ буолуохтаах. Дэриэбинэҕэ куттал суох, чуумпу уонна олус кыраһыабай айылҕалаах. Мин дьиэм Эбэ хайатын аттыгар турар буолан олох кыраһыабай көстүүлээх. Дьиэбиттэн таҕыстым да тула айылҕа дьикти көстүүтэ, таҕыстым да тэллэйдии барабыт ийэбинээн, аҕам дьиэ таһыттан кустаан киирэр.
Биһиги дьиэ кэргэн буолан куруутун бары бииргэ балыктыы,отоннуу уонна тэллэйдии барабыт. Сороҕор хонугунан айылҕаҕа сынньанабыт, бырааһынньыктыыбыт. Дэриэбинэбит кыра да буоллар манна олох күөстүү оргуйар. Былырыын саҥа хочуолунай тутаннар, ититии ситимин холбооннор олохпут өссө тубуста.
Меркулов Давид, 6 кылаас
Дэриэбинэҕэ олорор быдан ордук. Тыа сиригэр кустаан, балыктаан, сир аһын астаан, ынах-сүөһү, сылгы иитэн олоруохха сөп. Үлэ да элбэх, үлэ суох дииллэр да, үлэһит киһиэхэ үлэ көстөр. Куораттан сайылыы кэлбит оҕолор кэлэн баран наһаа сөбүлээннэр, куоракка барыахтарын баҕарбаттар. Сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээн, оонньоон-көрүлээн, ким да дьиэтигэр барыан баҕарбат.
Биһиги дэриэбинэбититтэн чугас сааһын сырылыыр сир баар, саамай чугас турар хайабытыгар — Эбэ хайатыгар. Саас аҕабынаан бииргэ сылдьаммыт кустуубут, илим үтэммит балыктыыбыт уонна бары бииргэ, дьиэ кэргэмминээн балыктыы барабыт.
Бэс ыйын бүтүүтэ, от ыйын саҕана дьон оттуу тахсар. Ол курдук биһиги дэриэбинэбититтэн чугас турар Сордоҥноох диэн бөһүөлэккэ оҕо үлэлиир уонна сынньанар лааҕыра баар. Куораттан дьон бөҕө кэлэр. От лааҕырыгар үгүс элбэх оҕо араас улуустартан мусталлар, манна үлэлии, оттуу кэлэллэр. Оннооҕор куораттан кэлбит оҕолор күһүнүн барыахтарын баҕарбаттар. Манна оҕолор киэҥҥэ-куоҥҥа көччүйэллэр, спордунан дьарыктаналлар, элбэх табаарыстаналлар. Дэриэбинэҕэ наһаа үчүгэй.
Егорова Аурика, 11 кылаас
Мин санаабар дэриэбинэҕэ олорор үчүгэй, мин манна төрөөбүт буоламмын туох да кыһалҕаны билбэккэ, куһаҕан дьаллыкка ылларбакка олороробун. Ыраас уу, ыраас салгын, дьон ынах-сүөһү, сылгы, таба иитиитинэн манна дьарыктанар буоланнар барыта бэйэ аһа, туох да буортута, эбии химиката суох дьиҥнээх бэйэ оҥорон таһаарбыт аһа. Булт сезона арылыннаҕына бултуу бараҕын, балыктыыгын. Күһүн аайы сир аһын эгэлгэтин, арааһын хомуйуохха, хаһааныахха сөп. Тыабыт, үрэхпит чугас буолан ханна да ырааппакка сүрдээх чөкү олорорбутуттан астынабын.
Биһиги дэриэбинэбит төһө да киин куораттан ыраах турдар, манна эмиэ олох күөстүү оргуйар, тохтоон турбат. Дэриэбинэбит кыра кыралаан тупсан, сайдан иһэр, үгүс элбэх тутуулар бараллар, бөһүөлэк иһин тупсарыы үлэтэ барар. Маҕаһыын арааһа, успуортсаалата, муусука оскуолата, култуура дьиэтэ уонна да атын үгүс элбэх баар. Оҕолор барытыгар сылдьаллар, олоҕу кытта тэҥҥэ сайдабыт. Суолбутун тупсаран биэрдэхтэринэ олохпут өссө сайдыа турдаҕа. Оннукка мин эрэнэбин, баҕар бэйэм эмиэ кэлин оскуоланы бүтэрэн, үлэһит буолан баран дэриэбинэм сайдарыгар хайаан да олук ууруом диэн бигэ эрэллээхпин.
Слепцова Снежана, 11 кылаас
Мин Өймөкөөн улууһун Томтор бөһүөлэгэр дьиэ кэргэммэр соҕотох оҕонон төрөөбүтүм. Бөһүөлэгим ааттыын да Томтор, ол аата үрдүк сиргэ томтойон турар кыра диэххэ кыра буолбатах, улахан диэххэ улахан буолбатах, инникигэ кэскиллээх, сайдар кыахтаах, Саха сиригэр эрэ буолбакка аан дойдуга аар саарга аатырар дэриэбинэм буолар.
Мин дэриэбинэҕэ олорорбун сөбүлүүбүн, дэриэбинэҕэ наһаа үчүгэй, таас оскуолалаахпыт. Дэриэбинэбит иһигэр оҕо сайдарыгар эҥин араас дьарыктар, эбии үөрэхтээһиннэр үгүстэр: ДЮСШ, ДШИ, култуура дьиэтэ, библиотека, кыраайы үөрэтэр түмэл. Оскуола иһинэн араас консультациялар, куруһуоктар, үгүс элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Киһи үүнэригэр, сайдарыгар туох барыта баар, оннооҕор республиканскай күрэхтэһиилэр, международнай таһымнаах «Тымныы өрөгөйө» фестиваль буолар. Кулууппутугар киинэ көрдөрөллөр, былырыын Олоҥхо ыһыаҕа сүрдээх үрдүк таһымҥа буолан ааспыта, үгүс элбэх ыалдьыт кэлэн сэргээн аҕай барбыттара.
Дэриэбинэҕэ ыраас салгыннаах, тыа чугас турар. Тыаҕа тахсан отоннуохха, тэллэйдиэххэ, балыктыахха, сынньаныахха сөп. Дэриэбинэ дьоно ыарахан үлэни кыайар, тулуурдаах, ыарахантан толлубат, сайдыан баҕалаах буолар дии саныыбын. Мин куоракка бардахпына син биир дэриэбинэбин ахтабын, манна бааллар мин доҕотторум, төрөппүттэрим, дьонум-сэргэм, аймахтарым, бииргэ үөрэммит, алтыспыт оҕолорум. Дэриэбинэ оҕото буоларбынан киэн туттабын.
Н.М. Заболоцкай аатын сүгэр Томтор орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Өймөкөөн