Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Арассыыйа судаарыстыбаннай былааҕын күнүн чэрчитинэн, Дьокуускай куорат Ленин болуоссатыгар «СахаЛето» бэстибээл буолан ааста. «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕолор уонна ыччаттар Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһыннарын 12 хайысхатынан тыырыллан, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан оҕолор, лааҕыр салайааччылара, бизнес-инкубатор бэрэстэбиитэллэрэ, учууталлар кэлэн, маастар-кылаастары, быыстапкалары, атыыны-эргиэни тэрийдилэр.
Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй-интэринээтин эбии дьарыкка уһуйааччыта Диана Вячеславовна Иванова — Туой-Ди оҕолорго туойтан маастар-кылаас ыытта. Оҕолор тута өйдөөн, уруккаттан сатыыр дьон курдук, олус кылгас кэм иһигэр сыт таһаарар иһит оҥордулар.
«Олег Константинович Сосин директордаах Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй-интэринээт иһинэн «Ай-сатаа» технопарк тэриллэн, 12 хайысханан дьарыктар үөрэх дьылын устата ыытыллаллар. Хас биирдии куруһуокка 5-10 кылаастан 50-чалыы оҕо хабыллан сылдьар. Ол иһинэн номнуо сэттис сылын «Туос-Туой» лааҕыр тэриллэн, туойунан, туоһунан оҕолору кытта үлэлэһэбит. «Молодые профессионалы» күрэххэ, «Радуга Севера» быыстапкаҕа, педагогическай дьаарбаҥкаҕа, араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт, үлэбитин сырдатабыт, уопуппутун үллэстэбит. Билигин дьон-сэргэ илиинэн ураты оҥоһугу олус сэргиир. Оҕолор лааҕырга сылдьан оҥорбут туой, туос үлэлэрин ыһыахтарга, араас тэрээһиннэргэ сылдьан атыылыыбыт. Бүгүҥҥү өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ 2-с миэстэни ылан, үөрүүбүт үрдүк», — диэн Диана Вячеславовна — Туой-Ди кэпсээтэ.
Оттон Н.М. Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагога Баҕатаан Мутукча мулине сабынан түһэрэн, панно оҥорор маастар-кылаас ыытта. Манна оҕолор эрэ буолбакка, улахан дьон эмиэ көхтөөхүк кытынныллар. Сыл устата араас тэрээһиннэргэ оҕолор ситиһиилээхтик кытталлар.
Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, педагог кыргыттар лааҕыр ырыатын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр гитаралаах ырыанан кыттан, дьон биһирэбилин ыллылар. «Ыраах Сунтаартан үөрэнээччилэрбитин кыайан илдьэ кэлбэтибит, ол иһин барытыгар бэйэбит кыттан иһэбит», — диэн үөрэ-көтө сонуннарын үллэстэллэр.
Автор: Мария Иванова.