Кулун тутар 29 күнүгэр Дьокуускай куорат Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар «Зажигая сердца детей: от Пионерии до новой системы дополнительного образования» диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин сүрүн хайысхата Сунтаар улууһун Н.М.Родионова аатынан оҕо айар киинин 65 сылыгар ананна. Бу күн Сунтаар улууһуттан үс тэрилтэ педагогтара эскурсияларга, уопут атастаһыытыгар кыттыыны ыллылар. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн, оҕо аймах былыргылыы хабылык түһүлгэтин тула муһуннулар. Уопсайа, биирдиилээн күрэххэ 73 оҕо кыттыыны ылла, онтон дьиэ кэргэн күрэҕэр Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас уонна Эдьигээн улууһуттан кыттыыны ыллылар.
Оҕо-аймах былыргылыы хабылык тула
Саамай ыраах, хоту улуустан турнирга кытта кэлбит ыалдьыппытыттан, Эдьигээн улууһун общественнай тренерэ Саргылана Афанасьевна Яковлеваттан тус санаатын үллэһиннэ:
«Быйыл оҕолорбун остуол оонньуутугар элбэхтэ кытыннардым. Бэйэм эмиэ бэтэрээннэр күрэхтэригэр хаалсыбатым. Оҕолорум, сиэннэрим араас күрэхтэрэ ситиһиилээхтэр. Бүгүн эбэ, эһэ, аҕа, оҕо буолан кытта сылдьабыт. Кыайыыга эрэллээхпит. Билэргит курдук, Эдьигээн улууһа олус ыраах, проезд ыарахан. Ол да буоллар айаннаан кэллибит. Онон үөрүүбүт үгүс. Түгэнинэн туһанан улууспут баһылыгар Василий Николаевич Сорокинҥа махталбытын тиэрдэбит. Кини үп-харчы, айан чааһыгар күүскэ көмөлөһөн, дойдубут аатын көсмүскүү сырыттахпыт. Оҕолорум олус дьоллоохтор. Киэҥ сиргэ, саҥа эйгэни көрөн, кыахтарын билинэн, сайдыбыт буолуохтаахтар».
«Үөрэх экспедицията»
Киһи көхсүгэр көстө сылдьар кыната – кини билиитэ. Сытыы кыната – өйүн, сүрэҕин инники дьулуһуута.
Лидия Ивановна Григорьева, Сунтаар улууһун оҕо айар киинин директорын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччыта:
«Биһиги тэрилтэбит быйыл 65 сыла. Ол чэрчитинэн үөрэх экспедициятын тэрийдибит. 30-ча буолан сылдьабыт. Дьокуускай куоракка баар үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьыахтаахпыт.
Оҕо дыбарыаһа олус тупсаҕай, оҕо үөрэнэригэр бары-барыта баар диэн сөхтүбүт. Хас биирдии педагог бэйэтин талаанынан, билиитинэн оҕону угуйар. Ол иһин бу саҥа үлэлээн эрэр эдэр коллегаларбытын батыһыннара сылдьан көрдөрө сылдьабыт. Элбэх билиини ылыахтара, харахтара арыллыа этэ диэн бу санааҕа кэлбиппит. Киһи маннык сылдьан көрдөҕүнэ, биллэҕинэ сайдар. Бу идеяны директорбыт Ангелина Владимировна Антонова толкуйдаан, олоххо киирдэ. Хас биирдии педагог саҥа эйгэни көрөн, дьону кытта алтыһан ыырдара кэҥиэ, билиилэрэ сытыырхайыа диэн эрэнэбит».
Захарова Нюргуяна