Гимназиябытыгар сылын аайы ыытыллар «Туйгун Уолан-2023» куонкуруска быйыл 14 уол кытынна. Кинилэр спортивнай, байыаннай түһүмэхтэри ааһан, түмүккэ сыанаҕа тахсан талааннарын көрдөрөн, өйдөрүн-билиилэрин тургутан, сатабылларын арыйдылар. ситиһиилээхтик кытыннылар.
Куонкурус түмүгүнэн анал ааттар иҥэрилиннилэр: «Эр хоһуун» – Арсен Попов (Х “а” кылаас),»Талба талаан» – Андрей Васильев (Х “б” кылаас), «Добун» – Владислав Слепцов (Х “б” кылаас), «Өркөн өй» – Саша Павлов (VIII “б” кылаас), «Сымса Боотур» – Артем Новгородов (IX “б” кылаас), «Эркин» –Алексей Ефремов (XI ”а” кылаас), «Сайдам» – Максим Аржаков (VIII 8 “а” кылаас), «Эрэл» – Аян Хомподоев (VII “а” кылаас), «Бэргэн» – Айсен Монастырев (V “а” кылаас), «Кэскил» – Коля Посельскай (VI “а” кылаас), «Чаҕыл» –Святослав Слепцов (V “б” кылаас), «Дьулуур» – Ярослав Саввин (VII 7 “б” кылаас), «Үрүҥ Уолан-2023» – Эрсан Матвеев (VI “б” кылаас).
Муҥутуур кыайыылаах «Туйгун Уолан» үрдүк аатын IX “а” кылаас үөрэнээччитэ Олег Макаров сүктэ.
Күрэхтэһии кэнниттэн Олег Макаровы кытта көрсөн сэһэргэстибит. Кэпсэтиибитин ааҕыҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт.
— Олег, «Туйгун Уолан» күрэххэ кыайыыгынан истиҥник эҕэрдэлиибит! Бэйэҕин кылгастык билиһиннэр эрэ.
— Махтал. Мин 2007 сыллааха алтынньы 8 күнүгэр түөрт оҕолоох Макаровтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм.
— Үөрэххэр хайдаххыный? Ханнык предметтэргэ сөбүлээн үөрэнэҕиний?
— Туйгун үөрэнээччибин, технология уонна история предметтэрин ордоробун.
— Тохсус кылаас буоларын быһыытынан сотору сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн туттараары сылдьаҕын. Ханнык предметтэри туттараҕыный? Хайдах бэлэмнэнэҕиний?
— Физика уонна информатика предметтэрин талан бэлэмнэнэ сылдьабын. Учууталларым кыһаллан үөрэтэллэр, эбиитин үөрэппит матырыйаалбытын киэһэ ахсын чинийэн хатылыыбын.
— Чинчийэр үлэнэн ситиһиилээхтик дьарыктанаргын билэбит. Хайдах саҕалаабыккыный?
—Бииргэ үҕрэнэр доҕорбун Стас Прокопьевтыын «Исследование физических свойств древесины, изготовленных в домашних условиях» диэн чинчийэр үлэлээхпит. Кэккэ ситиһиилэрдээхпит. Быйыл “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэҕэ III истиэпэннээх дипломант буолбуппут. Бэйэбит физика хайысхатын кэрэхсиир буоламмыт, учууталбыт көмөтүнэн, бу үлэни утумнаахтык суруйан, үөрэтэн саҕалаабыппыт.
— Олус интэриэһинэй тиэмэлээх эбиккит дии. Чинчийэр үлэҕитигэр салгыы туох былааннааххытый?
— Оннук, олус интэриэөинэй.. Мас сырдыгы аһардар свойстватын күүһүрдэн, өстүөкүлэ оннугар туттарга сөптөөх гына оҥорорго дьулуһабыт. Билигин чинчийэр үлэбитин өссө дириҥэтэн «Открой в себе ученого» диэн Санкт-Петербурга ыытыллар кэмпириэнсийэҕэ кыттыахтаахпыт.
— Үөрэҕи таһынан өссө туох дьарыктааххыный?
— Үөрэҕим таһынан мас тардыһыытынан сөбүлээн дьарыктанабын. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттаммын эмиэ ситиһиилэрдээхпин.
– Хайдах барытын дьүөрэлээн сылдьаҕыный?
— Бэйэм тэтиммэр сөптөөх былааннаахпын. Ону күүскэ туттуһабын. Үөрэхпин уонна дьарыкпын сөпкө дьүөрэлээн сылдьабын. Мин санаабар, баҕалаах киһи тугу барытын ситиһэр.
— Ханнык идэни баһылыыр былааннааххыный?
— Инникитин баһылыыр идэбин быһаарына иликпин эрээри IT-хайысханы сэргиибин.
— Кырдьык, туохха барытыгар дьоҕурдаах «Туйгун Уолан» эбиккин. Кэпсэниҥ иһин махтал. Ситиһиилэри баҕарабыт. Биир саастыылаахтаргар, уолаттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Үтүө санааҕытыгар махтал. Чөл олоҕу тутуһуҥ, саҕалаабыккытын тиһэҕэр тиэрдэргэ дьулуһуҥ, үөрэххитигэр кыаххыт баарынан кыһаллыҥ.
Кэпсэттэ Богдан ЛОГИНОВ, хаартыскаҕа Айсен ЗАХАРОВ түһэриитэ,
“Тумус кыһа” пресс-киин юнкордара, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията.