Тимуровскай көмө диэн уруккуттан билиҥҥи кэмҥэ диэри кэлбит олус туһалаах хамсааһын буолар. Күн бүгүн кыра кылаастан саҕалаан учууталларбытын кытта түмсэн, элбэх көмө тэрээһиҥҥэ кытынныбыт.
Үгэс быһыытынан, сыл ахсын бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор 40-тан тахса бэтэрээн-учууталга, үлэһиккэ араас көмөнү оҥоробут.
Күһүн-саас тиэргэннэрин ыраастыыбыт, оҕуруот аһын олордууга-хомуйууга көмөлөһөбүт. Бырааһынньыкка эҕэрдэлээн, кылаас чаастарын тэрийэбин, бэлэх уунабыт.
Биһиги нэһилиэккэ анал байыаннай дьайыыларга 20-чэ дьиэ кэргэн аҕалара, уолаттара кыттан кэлбиттэрэ уонна билигин да сылдьаллар. Дьэ маннык түгэннэргэ көмө, өйөбүл баар буолара хайаан да наада.
Сыл устата былаан быһыытынан анал дьайыыга сылдьар ыал оҕолоругар араас тэрээһиннэр ыытыллыннылар, болҕомто ууруллан, бэлэхтэри туттарбыппыт.
Саас кылаастар кэллэктииптэрэ эмиэ сыһыарыллыбыт ыалларыгар дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөн, ийэлэр барахсаттар махталларын ылбыттара.
Маны таһынан республикатааҕы, бүтүн россиятааҕы акцияларга кыттыһан, харысхал бэлиэлэри бары биир киһи курдук түмсэн оҥорон ыыппыппыт, учууталларбыт харыстанар плащ-балаакка, бленджанай чүмэчилэри тигэн, бэлэмнээн көмөлөспүттэрэ.
Бу маннык барыйыак үлэҕэ киирбитэ билиҥҥи бириэмэҕэ олус туһалаах буолар. Эдэр көлүөнэ кыра сааһыттан ыла үтүө сүрэхтээх — майгылаах буоларга, улахан дьону убаастыырга үөрэнэр. Эбиитин, бу үлэ нөҥүө элбэх кыаммат дьоҥҥо көмө кэлбитинэн, оскуола үөрэнээччилэрэ кырдьаҕастары кытта алтыһаннар куруук маннык курдук көмөлөһө — үөрдэ сылдьыахтара.
Сайаана ТЕРЕХОВА, IX кылаас
«Дьоҕур» медиакиин, Е.Е Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата