Женя, Радомир, Георгий уоннаах, уон биирдээх уолаттар. Биһиги, киҥкиниир киэҥ куорат олохтоохторо, саҥа тахсар күнү таас дьиэбит түннүгүнэн көрөр эбит буоллахпытына, кинилэр саҥа күн сардаҥаларын айылҕа киэҥ дуолугар тутан туран көрсөллөр.
Куорат сиригэр ким таксинан, ким оптуобуһунан, ким бэйэтин массыынатынан сылдьан күннээҕи сорукпутун ситиһэр эбит буоллахпытына, кинилэр Дьааҥы хайаларынан, сүүһүнэн ахсааннаах үрэхтэринэн сатыы, таба көлөнөн, оҥочонон сылдьаллар. Кинилэр хоту сир тыйыс айылҕатын кытта тэҥҥэ олох мындырын иҥэринэ сылдьар уолаттар!
– Биһиги Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүгэр олоробут. Билигин дойдубут ууга баран, оҕолору манна куоракка ыыппыттара. Элбэх буолан кэлбиппит. Дьааҥыттан оҕолор эмиэ бааллар, – диэн кэпсиир Женя Кривошапкин.
Георгий Степанов Сэбээн Күөлгэ биир саамай кэтэһиилээх бырааһынньыктара Таба сүлүөтэ буоларын туһунан кэпсиир.
– Эһиги онно кэлиэххитин сөп ээ. Таба сүүрдүүтүгэр мин наар кыттабын. Хата, кэллэххитинэ, миигин көрөөрүҥ, – диэн Георгий «Кэскил»оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрин дойдутугар Сэбээн Күөлгэ ыалдьыттата ыҥырда.
Хоту улуустартан кэлэн «Сосновый бор» кииҥҥэ сынньана сылдьар оҕолору кытта көрсүһүүбүт олус бэркэ ааста. Кэпсэтиибит сүрүн тиэмэтэ төрөөбүт тыл туһунан буолла. Төрөөбүт тыл киһиэхэ туохха көмөлөһөрүн туһунан ветеран учуутал Евдокия Федоровна Васильева бэйэтин олоҕуттан холобурдаан кэпсээтэ. Кини 70 сааһын ааспыт ытык кырдьаҕас. 30-тан тахса сыл оскуолаҕа аангылыйа тылын үөрэппит учуутал, аангылыйа суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастыыр ааптар. Бу күн Евдокия Федоровна сахалыы, аангылыйа тылларынан хоһооннору аахта, оҕолору кытта аангылыйа тылынан ахсаан суоттаата, күннээҕи олоххо туттуллар тылларынан кэпсэттэ.
Алексей Никифоров, «Сосновый бор» киин сүрүннүүр баһаатайа:
Билигин биһиэхэ ууттан эмсэҕэлээбит Дьааҥы уонна Кэбээйи улуустарын барыта холбоон 200-тэн тахса оҕо сынньана сылдьар. Күннэтэ араас тэрээһиннэри ыытабыт, көрсүһүүлэри оҥоробут, куорат устун күүлэйдэтэбит. Бассейҥа сөтүөлээтилэр, пааркаҕа, киинэ тыйаатырыгар сырыттылар. Үҥкүү, уруһуй, ырыа курһуоктарыгар дьарыктаналлар. Оҕолор олус сэргэхтэр, аһаҕастар. Саҥаны, сонуну наһаа сэргииллэр. Бүгүн оҕо сурунаалын үлэһиттэрин кытта көрүстүлэр. Уруһуйдаан, санаа атастаһан умнуллубат күнү атаардылар. Евдокия Федоровна Васильева аангылыйа тылын туһунан кэпсээбитин наһаа сэргээтилэр. Кини төрөөбүт тыл туһунан таһаарбыт кэпсэтиитин оҕолор бэйэлэр өссө кэҥэтэн ийэ тылларынан – эбээннии хоһоон ааҕан, ырыа ыллаан ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Евдокия Федровна «Дом, который построил Джек» диэн оҕо литературатыгар аангылыйа биир саамай чаҕылхай, өйдөнүмтүө хоһоонун «Дьээк туппут дьиэтэ» диэн сахалыы тылбаастаабытын ааҕан иһитиннэрдэ. Бу хоһоону булан ааҕалларыгар сорудахтаата. Көрсүһүүгэ көхтөөхтүк кыттыбыт оҕолорго Евдокия Федоровна «Дьээк туппут дьиэтэ» диэн аангылыйа суруйааччылара оҕолорго аналлаах хоһооннорун сахалыы тылбаастаабыт кинигэтин бэлэхтээтэ. Оҕолорго маннык «эттээх-сииннээх» көрсүһүүлэр үйэлээх өйдөбүлү хаалларалларыгар мин саарбахтаабаппын.
Женя Кривошапкин: «Биһиги төрөөбүт тылбыт – эбээн тыла. Манна кэлбит оҕолор эбээннии билэбит», – диэн уолаттарын, кыргыттарын бэйэтин тула түмэн, бу күн биһиги эбээннии хоһоону, ырыаны сэргии иһиттибит.
Онтон Георгий Степанов: «Улааттахпына, табаһыт буолуом, дойдубун сайыннарыам», – диэн эппитэ ураты истиҥник иһилиннэ.
Төрөөбүт дойдуларын ытыктыыр, харыстыыр, сүрэхтэрин чопчутугар тутар Женялаах Георгий курдук оҕолор баалларын тухары хоту сир сарсыҥҥыта киэҥ кэскиллээх.
Сардаана Матвеева.