Таатта улууһугар Ытык-Күөлгэ А. Е. Мординов аатынан лиссиэйгэ анаан 450 миэстэлээх саҥа оскуола тутулла турар.
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр саҥа оскуолабыт аһыллыахтаах. Оскуола үлэтин туhунан «Кэскил» медиа оскуола юнкора Дарина Малышева лиссиэй дириэктэрин Изабелла Александрова Сивцеваны кытта көрсөн араас хабааннаах ыйытыылары биэрдэ.
– Изабелла Александровна, бэйэҕит тусктунан кылгастык кэпсииргитигэр көрдөhөбүн.
– Мин Ытык-Күөл орто оскуолатын 1979 сыллаахха бүтэрэн Саха Государственнай университетын математика салаатыгар киирэн үөрэммитим. Педагогическай наука кандидатабын. Таатта лиссиэйин 2023 сыллаахтан салайабын. Бэйэм 4 оҕолоохпун.
– Оскуоланы салайарга сүрүн ирдэбил тугуй?
– Мин санаабар, коллективы салайарга бүттүүн коллектив тыынын, кини туохха сүрүннээн олоҕурарын, дьоно-сэргэтэ туох дьоҕурдааҕын көрөн үлэни тэрийиэхтээхпит. Коллектив үлэтэ ситимнээх уонна систиэмэлээх буолуохтаах. Систиэмэни оҥоруу хаачыстыба сүрүн тирэҕэ буолар.
– Саҥа оскуола хас миэстэлээҕий?
– Икки сыллааҕыта икки оскуоланы холбообуттара. Ол кэннэ саҥа 450 миэстэлээх оскуола тутуута саҕаламмыта. Билигин биһиги оскуолабытыгар барыта 90 үлэһит үлэлиир, оҕолорбутун 62 учуутал үөрэтэр.
– Үөрэх хаачыстыбатын туохха көрөҕүнүй, сүрүн болҕомтону туохха уураҕытый?
– Хас биирдии оҕо киһи быһыытынан үтүө киһи буолан тахсарыгар улахан болҕомтобутун уурабыт. Сахабыт сирин Саарыннарын олохторун холобуругар олоҕуран, хас биирдии оҕо бэйэтин тус траекториятынан сайдарыгар үлэни түhүлүүбүт.
– Оскуола нэһилиэк сайдыытыгар оруолун туһунан санааларыҥ?
– Оскуола былыр былыргыттан нэһилиэк эргийэр киинэ буолар. Биһиги хас биирдии оҕо бэйэтин олоҕун суолун оҥостон үтүө майгылаах, дойдутун туһугар туруулаһар киһи буолан тахсарыгар эйгэ тэрийэбит. Выпускниктарбыт төрөөбүт дойдуларыгар төннөн бэйэлэрин кылааттарын киллэрэлэринэн киэн туттабыт. Холобур, 15 выпускник үөрэммит кыһаларыгар кэлэн учууталлыы сылдьаллар. Кинилэр бэйэлэрэ түмсүүлээхтэр, күргүөмнээх үлэлэринэн үтүө холобур буолаллар.
– Изабелла Александровна, махтал. Ситиһиилээх үлэни. Саҥа оскуолабыт уота түргэнник сандаара тыктын!