Өктөмҥө Билим дьоҕус академиятыгар “Кэскил Медиа-ракета” сменатыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 30 бастыҥ кэрэспэндьиэн оҕо үөрэнэ, үлэлии сылдьабыт.
Социальнай ситимнэргэ тарҕанар информациялары биһиги хайдах ылынарбыт туһунан кэпсэттибит. Бастаан социальнай ситимнэргэ хас группалаахпытын, биир күҥҥэ ортотунан төһө информацияны ыларбытын аахтыбыт. Аны ол информацияларбыт ис хоһооннорун көрөммүт “куһаҕан” уонна “үчүгэй” диэҥҥэ араардыбыт. Үксүбүт ылар информациятын ис хоһооно соччото суох эбит. Ону таһынан телеграмм ханаалга элбэх группалаахпытын биллибит. Биир оҕо ортотунан 50-60 группалаах эбит, күҥҥэ ылар информациятын ахсаана – 300-500.
Биһиги, кэрэспэндьиэн оҕолор, аҥардас оскуолабыт эрэ иһигэр ыытыллар тэрээһиннэри сырдатар буолбакка, нэһилиэкпит олоҕун, кини үлэһит дьонун, интэриэһинэй көстүүлэрин, түгэннэрин суруйан, сырдатан тарҕатар соруктаахпытын өйдөөтүбүт. Куһаҕан ис хоһоонноох иһитиннэриилэр, киһи киһини холуннарар сонуннара ордук ватсабынан уот курдук түргэнник тарҕанар. Ол туһунан биһиги элбэҕи кэпсэттибит, санаабытын үллэһиннибит. Уонна медиа-оскуолаҕа дьарыктанар оҕолор сонун көрүүлээх, үчүгэйи, сырдыгы ыралыыр, кырдьыгы кэпсиир матырыйааллары оҥорон, ватсап ситимигэр улахан сэргэхсийиини таһаарыахпытын, куһаҕан информациялары “саба үрэн” кэбиһиэхпитин сөп эбит. Дьон толкуйдуур өйүн-санаатын сааһылыахпытын да сөп эбит. Тоҕо диэтэххэ, киһи син биир кэрэҕэ, үтүөҕэ тардыһыыта күүстээх уонна баһыйар.
“Медиа-ракета” сменаҕа бастакы үс күннээҕи үлэбит устата уопсайа аҕыс матырыйаалы оҥорон таһаардыбыт. Ол кэнниттэн бары бииргэ олорон түмүкпүтүн аахтыбыт. Хайдах? Хас биирдии тахсыбыт матырыйаалы хас киһи көрбүтүн, лайктаабытын барытын ырыттыбыт. Бу аҕыс матырыйаалы 1500 кэриҥэ киһи көрбүт уонна 100 киһи лайктаабыт. Үс күннээх үлэбит түмүгүттэн астынныбыт. Өссө сонун матырыйааллары таһаара туруохпут.
Күннээҕи олоххутугар чугас доҕотторгутун, оҕолоргутун, аймахтаргытын кытта үтүө эрэ сонуннары үллэстэргитигэр баҕарабыт.
Олег АДАМОВ, Х кылаас, I-Хаҥалас, Ньурба.
Вика Андреева (VIII кылаас, Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас) уруһуйа.
1
Учугэй барыта Учугэй