Иитиллибит
Ийэ тылбыт
Иинэҕэс сири
Имэҥинэн-быйаҥынан
Ибиирэн биэрэр…
Саппа
Садарах уотунан
Күтүр хараҥаны
Күлүмнэтэ сырдатар…
Ийэ тыл —
Быстар-ойдор күҥҥэ
Быыһал-абырал буолар,
Өлөр-сүтэр күҥҥэ
Өрөһүлтэ буолар.
Күндэ
Ийэ тылы, төрөөбүт дойдуну, өбүгэ билиитин, омугуҥ уратытын киһи аан маҥнай тас дойдуга сырыттаҕына, атын омуктары кытары алтыстаҕына суолталыыр, ис-иһиттэн билиэн баҕарар санаата уһуктар. Олох араас түгэнигэр силистээх киһи тирэхтээх, тулхадыйбат тулааһыннаах буолар. Бүгүн үгүстүк истэбит төрөөбүт тылбыт тутахсыйда, ыччаппыт ийэ тылынан саҥарбат буолла диэн. Оттон биир өттүнэн көрдөххө, бу боппуруоска киһи сэргиир гына араас хайысхалаах үлэ барара биллэр, ыччаппыт сыһыана эмиэ биллэ уларыйда. Ыстатыйа ааптардара, «Материнский язык – души целитель» диэн бырайыагынан Арассыыйа Президенин гранын кыайыылаахтара, бу үгүс саханы долгутар кыһалҕа быһаарылларыгар хайа эмэ өттүнэн күүс-кыах буолан үлэлэһэргэ сананан араас тэрээһиннэри ыытар.
Хайа баҕарар омукка ийэ тыл сүҥкэн баайа, дэгэтэ, эҥинэ бэйэлээх эгэлгэтэ төрүт үгэһи тута сылдьааччыларга баар. Киһи күн аайы туттубат буоллаҕына, бу тыл суолтата сүтэн барар. Ол курдук ыам ыйын 20 күнүгэр «Айыы кыһата» национальнай гимназия VIII кылааһын оҕолоро Үс Хатыҥ нэлэмэн сыһыытыгар сылгылары иитэн олорор үтүө-мааны ыалга тиийэ сырыттылар. Сылгыһыт Павел Павлович Васильев – Кымыс Байбаллыын көрүстүлэр. Павел Павлович бу тэрил маннык ааттаах диэн көрдөрө-көрдөрө атын ыҥыырдаан, тэрилин кэтэрдэн, аты хайдах сөптөөхтүк миинэллэрин көрдөрдө. Кымыс Байбал анаан сымнаҕас сылгыны баайан туруорар буолан, кэлбит уолаттар миинэн көрдүлэр. Сылгыһыт киһи оҕолор төһө өйдөөн хаалбыттарын билгэлээн, миинэн олорор кэмнэригэр ат тэрилин ааттарын ыйыталаста. Үксүн бастакыларын истибит тылларын балай эмэ өйдөөн хаалбыт этилэр. Саамай сүрүнэ – билэ, өйдүү сатыырга оҕолор дьаныардарын көрдөрдүлэр. Көрсүһүү түмүгэр үөрэнээччилэр тургутук толордулар. Элбэх сөптөөх эппиэти биэрэн, Павел Васильев бастаата, сылгыһыттан анал бэлэх тутта.
Соһуйуох да, кыбыстыах да иһин, улахан дьон биһиги кытары, билбэппит, умнубуппут эмиэ баар суол эбит. Ол эрээри бу түгэнтэн санааны түһэрэн, хомойон барбакка, олус маанытык тигиллибит ат киэргэлиттэн, маанытык оҥоһуллубут тэрилиттэн сөҕө-махтайа, дьиктиргии, тыл алыбын, амтанын билэ, ийэ тылга, өбүгэҕэ тапталы, ытыктабылы уһугуннарар үтүө түгэн үөскээбитигэр махтана санаан, салгыы бэйэҕэ үлэлэһэргэ сананныбыт.
Ийэ тыл дьылҕатын туһунан биир кылгас көрсүһүүгэ эдэр дьон санааларын истибиппит. Кэпсэппит уолаттарбыт эмиэ бу – киэҥник биллэр, үгүс оҕо, төрөппүт тапталлаах учууталлара, киһи киэнэ кэрэмэһэ Лидия Петровна Шамаева төрүттээбит Айыы кыһатыттан быйыл хараҥаччы буолан көтөөрү сылдьар оҕолор. Ийэ тылга сыһыан, омук инники дьылҕата уолаттары долгутара тута харахха быраҕыллара. Эппиэтинэстээх эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэн, диктант суруйан бастакы тахсыбыт оҕолор санааларын бу курдук эттилэр. «Бу кыһалҕа чахчы баар. Кэтээн да көрдөххө, билигин VIII кылааска диэри оҕо үксэ нууччалыы тылынан саҥарар. VIII кылаастан үөһэ үгүспүт сахалыы кэпсэтэбит. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах дии саныыбыт. Биһиги, холобур, доҕотторбутун кытары сахалыы кэпсэтэбит, дьиэбитигэр эмиэ сахалыы.
Оҕо сахалыы оҕо саадыгар сылдьыан наада, оҕо төрөөбүт тылыттан атын тылга көһөн хааларыгар бу улахан оруоллаах дии саныыбынт.
Саха омук омук быһыытынан инникитин баар буолуо дии саныыбыт. Куораппыт даҕаны, Бырабыытылыстыбабыт даҕаны улаханнык өйүүр. Култуура өссө сайдан, силигилээн иһиэ. Сахалыы тыыллаах оскуолалар, уһуйааннар үксээн эрэллэр. Саамай сүрүнэ сахалыы тыыннаах тэрээһиннэр элбэхтик ыытыллар буоллулар. Төһөнөн оннук элбэх тэрээһин буолар да, соччонон уйуктаах буолан иһиэхпит. Кыра саастаах оҕолор билигин төлөпүөн оҕолоро, ол да буоллар сахалыы эйгэҕэ сырыттахтарына, кэмниэ- кэнэҕэс сахалара уһуктан, сахалыы кэпсэтэр буолуохтара дии саныыбыт».
Биһиги билэрбитинэн, бу оскуолаҕа нуучча тыллаах улуустан төрүттээх, нууччалыы саҥалаах эйгэлээх оҕолор манна кэлэн, сахалыы ааҕар, суруйар эрэ буолбакка, өйдүүр, кэпсэтэр буолбуттара. Дьиэ кэргэҥҥэ, ийэ ууһугар, аҕа ууһугар бу – улахан ситиһии дии саныыбыт.
Инникибит туһугар эркин курдук эрэллээх санааланан, үүнэн иһэр үтүө ыччаппытын кэлэр кэрэкэ кэскилгэ алгыспыт маанытын анаатахпыт буолуохтун.
Хас биирдиибит хайдах санааны тутуһарбытыттан, хайдах эйгэни олохтуурбутуттан олохпут суола улахан тутулуктаах.
К.И. Максимова — Сайыына аатынан
Духуобунас киинин үлэһиттэрэ