Сэтинньи 11 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро орто оскуолатыгар Дьокуускайтан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй – интэринээттэн «КҮН» оҕолор түмсүүлэрэ ыалдьыттаата. Оҕолору лиссиэй интэринээтин сэбиэдиссэйэ Сардаана Петровна Кириллова салайан илдьэ сылдьар. Бу түмсүү төрөөбүт тылбыт чөл хааларын, сүппэтин туһугар үлэлиир-хамсыыр.
Билигин уһуйаан уонна алын кылаас оҕолорун ортотугар күннээҕи олохпутугар сахалыы тылынан кэпсэтии аҕыйаабытын, отой да сүтэн хаалыах курдугун хас биирдии киһи бэлиэтии көрө, истэ-билэ сылдьара буолуо дии саныыбын. Мин маннык көстүүнү суотабай төлөпүөҥҥэ уһуннук олорууттан, дьиэ кэргэҥҥэ ханнык тылынан кэпсэтэллэриттэн тутулуктаах дии саныыбын. «Мин оҕобор саха тыла наадата суох, нуучча уонна омук тылын баһылаатын», – диир төрөппүттэр бааллар. Ол сыыһа, киһи ханнык омук буоларынан, ол омук тылынан саҥарарынан киэн туттуохтаах. Сахабыт тыла олус баай. Тыла суох омуктар аҕыйах кэминэн симэлийэн хаалар кутталлаахтар. Ийэ тылбыт сүппэтин туһугар саха дьоно бары үлэлиэхпитин наада.
Мин лиссиэй үөрэнээччилэрин көрсөн хаһааҥҥыттан бу үлэ саҕаламмытын ыйыталастым, тыл туһунан санааларын иһиттим.
Ангелина Лукачевская, лиссиэй – интэринээт XI-с гуманитарнай хайысхалаах кылааһын үөрэнээччитэ, «КҮН» оҕо түмсүүтүн төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ:
- «КҮН» түмсүү бу сааскыттан баар буолбута. Ол саҕана «Ойкумена» диэн ааттаах этибит. Бастакы сырыыбыт ыам ыйын 19 күнүттэн саҕаламмыта. Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Чурапчы улуустарыгар сылдьыбыппыт. Онтон бэс ыйын 3-4 күннэригэр «Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ» диэн улахан семинар буолан ааспыта. Онно киин улуустар уонна куорат оскуолалара кэлэн кыттыыны ылбыттара. Бэс ыйыгар «Ойкумена» лааҕыр үлэлээбитэ, онно Таисия Софронеева «КҮН» диэн ааттыахха диэн этии киллэрбитэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар улуустарынан сылдьан «КҮН» бөлөхтөрүн арыйар санаалаахпыт. Төлөпүөҥҥэ бөлөх арыйан тугу гыммыттарын, тэрээһиннэрин, санааларын үллэстэр буолуохтара.
Анатолий Баишев, лиссиэй – интэринээт X кылаас үөрэнээччитэ:
- «КҮН» оҕо түмсүүтүн туһунан бу күһүҥҥэттэн билбитим, ол иннинэ эрдэ истэр эрэ этим. Ол курдук бэйэм ис санаабыттан үлэлэһэргэ санаммытым. Дьэ кырдьык оҕолор үлэлииллэр -хамсыыллар эбит. Бэйэм баҕабынан сахабыт тыла сүппэтин туһугар үлэлэһиэм диэн бигэ эрэллээхпин.
Нина Афанасьева, Үөһээ Бүлүү, Боотулуу орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ:
- Оҕолор бииргэ түмсэн, төрөөбүт тылбыт суолтатын өйдөөн-өйөөн үлэлииргэ сананныбыт. Саха тыла саха киһитигэр олус наадатын бу тэрээһиҥҥэ сылдьан ордук өйдөөтүбүт дии санаатым.
Умсуура Прокопьева, Дүллүкү орто оскуолатын X кылааһын үөрэнээччитэ:
- Наһаа үчүгэй көрсүһүү буолан ааста, олус сөбүлээтим, билэр оҕолорум элбэхтэр эбит. Лиссиэй үөрэнээччилэрэ араас оонньуулары ыыттылар. Элбэх билбэт тылларбын саҥа иһиттим. Сахалыы тылы нууччаалыы тылбаастааһын, хамаандаҕа арахсан бырайыак оҥорон көмүскээһин, оһуохай уо.д.а. ыытылынна. 9-с кылааска диэри оскуолабытыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэбит Илона Руфова «КҮН» түмсүүгэ киирэн оҕолору кытта бииргэ үлэлэһэ сылдьарын көрүстүбүт, кэпсэттибит.
Алексия Михайлова, Дүллүкү орто оскуолата, X кыл.:
- Көрсүһүү үчүгэй баҕайы этэ. Оҕолору кытта билсистим, бэйэбэр элбэҕи арыйдым. Дьиэҕэ таах олоруохтааҕар олус туһалаах күн ааста. Мин санаабар, лааҕыр биир күнүн курдук. Оҕолорго араас үчүгэй санаа баар эбит. Улахан аҥаара боростуой курдук эрээри, олус интэриэһинэй. Маннык тэрээһиннэр төрөөбүт тылбыт сайдарыгар наһаа туһалаах буолуохтара дии санаатым.
Эрхан Васильев, Дүллүкү орто оскуолата, IX кыл.:
- Мин санаабар, олус бэрт тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, атын нэһилиэк оҕолорун кытары билистим, интэриэһинэй, киһини сэргэхситэр оонньуулары ыыттылар. Маннык тэрээһини оскуолабытыгар ыытыахха сөп эбит. Оччоҕо бэйэбит оҕолорбут төрөөбүт тылларын быдан үчүгэйдик билиэ этилэр уонна бары сиэттиспитинэн тэҥҥэ үлэлэстэхпитинэ кыайыа этибит дии санаатым.
Сахабыт тылын өрө тутар туһугар туох үлэни ыытыахха сөбүй диэн түмсүүгэ кэлбит оҕолор бырайыак оҥорон көмүскээтибит. Алта хамаандаҕа араартаабыттара, үлэбитигэр биир чаас бэриллибитэ. Дьэ, кырдьык, оҕолор интэриэһинэй бырайыактары толкуйдаабыттар.
«Тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа оҕолорго аналлаах биэриилэри оҥоруохха, хас биирдии оскуолаҕа саха тылын уруогун чааһын элбэтиэххэ, сахалыы төрүт оонньуулары үөрэх кэннэ эбии дьарык быһыытынан киллэриэххэ, ыалынан сахалыы ааҕыыны тэрийиэххэ».
«Сулустар»
«Бастатан туран, оҕо сахалыы саҥарарыгар сороҕор төрөппүттэр сыыһаны оҥороллор. Кинилэр оҕолоругар сахалыы кинигэни атыылаһан аахтарбакка, аахпакка, төлөпүөнү туттаран кэбиһэллэр. Холобур, күөх экраҥҥа туһалаах, ойуулуктары сахалыы тылбаастаан эрэллэрэ үөрүүлээх»
«Хотойдор»
«Төрүт култуурабытын, сахалыы ырыабытын, фольклор көрүҥнэрин сайыннарыахха».
«Тэтимнэр»
«Уол оҕону олоҥхолуурга, оһуохайга үөрэтэн, сахалыы хомоҕой тылга уһуйар сөптөөх».
«Кустук»
«Уһуйааннары,оскуолалары барытын сахалыы тылынан үлэлэтиэххэ. Төрөөбүт тылбыт сүппэтин туһугар биһиги эдэр көлүөнэ эбээһинэспит курдук санаан үлэлиэхтээхпит».
«Кэлэр кэм»
Түмүккэ көрсүһүүгэ кэлбит оҕолор салгыы сахабыт тыла сүппэтин туһугар бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдилэр. Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ!
Алина САННИКОВА, «Эрчим» корпост
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.