Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Саха сирин сорох оройуоннарыгар кураан дьыл буолбута. От-бурдук үүүммэтэҕэ, онон сүөһү-сылгы сылы туоруур ото суох буолбута. Дьон аһыыр астара кэмчи этэ. Ол иһин сэрии кэмигэр элбэх киһи Чурапчыттан хоту улуустарга көһөрүллүбүтэ. Көспүт дьон онно тиийэн бэйэлэрэ олорор дьиэ булунан, балыктаан, тоҥон-хатан, аччыктаан эрэйдэммиттэрэ.
1942 с. Чурапчы оройуонун холкуостарыгар дьаһал тахсыбыт. Онон Чурапчы оройуонун 41 колхуоһа, 4988 киһи хоту улуустарга күүс өттүнэн көһөрөллүбүттэр. Ол иһигэр Булуҥҥа 10 колхуос, 759 киһи көспүт.Борохуотунан айанныыларыгар аччыктааһын саҕаламмыт. Эрдэттэн даҕаны аччык сылдьар дьон тымныйан өлбүттэр, аара арыы аайы тохтоон кинилэри кистииллэр эбит. Антах тиийбиттэригэр бултааһын тута табыллыбатах, онон дойдуларыттан илдьэ барбыт сүөһүлэрин сиэбиттэр.Балыктарын балык собуотугар туттараллара, ол оннугар бурдук, саахар, чэй, табах уонна таҥас атыылаһар эбиттэр. Тымныыга үлэлиир дьоҥҥо эбии бородуукта, толуонунан таҥас биэрэллэрэ. Оттон оҕолор, кырдьаҕастар, ыарыһахтар кэргэттэрин нуорматыттан аһыыллара, кинилэргэ тугу да биэрбэттэрэ.
Мин Николай Алексеевич Габышев «Төрөөбүт буор» кэпсээнин аахтым. Онно сэрии кэмигэр Чурапчы көһөрүүтүгэр ыраах хоту Булуҥ оройуонугар барбыт Балбаара эмээхсин төрөөбүт алааһыгар төннөн иһэрин туһунан кэпсэнэр.
Суруйааччы Николай Габышев кэпсээнигэр Чурапчы алдьархайыттан төлө көтөн тыыннаах кэлбит дьон уобараһын Балбааранан көрдөрбүт. Кырдьаҕас киһи ыраах сиртэн айаннаан төһө да сылайан истэр, алааһыгар тиийэ охсоору ыксыыр, борохуот кэлэрин тэһийбэккэ күүтэр. Төттөрү-таары хаамыталыыр, долгуйар. Биэрэккэ баар дьон ону өйдөөбөттөр, сорохтор соһуйар курдуктар, сорхтор сапсыйан кэбиһэллэр, кэпсэппэттэр.
Арай Балбаараны кытта борохуоту күүтэр учуутал киһи кэпсэтэр. Кини болҕомтолоох буолан, бу кырдьаҕас киһини дьон ортотуттан бэлиэтии көрөр, сэһэргэһэр. Балбаара дьиэтиттэн араҕан Чурапчыга барарыгар алааһын буорун саппыйаҕа уктан этэрбэһин оһугар укта сылдьар эбит. Дойдутун аҕыннаҕына, ылан сыттыыр, кыратык сиирэбит. Оннук ахтылҕанын таһаарар. Балбаара:“Эрэй бөҕөнү эҥэрбинэнтэлэн, муҥ бөҕөнү муннубунан солоон, утуйар ууну умнан, аһыыр аһы аһаамына төрөөбүт алааспын Хомустаахпын ахтан иһэбин”-, диэн аргыһыгар кэпсиир. Кини борохуотунан туораат, Чурапчыга сатыы барар. Аара суол кытыытыгар сылайан эстэн, атаҕа иһэн сытарын массыына ситэр. Салгыы Хомустааҕар эмээхсин сатыы хааман тиийэн икки илиитин быластаан туран, ытыы-ытыы салгыны кууспут уонна умса түһэн сытан алааһын кырсын сыллаабыт, имэрийбит.
Чурапчыга 1108 эрэ киһи тыыннаах эргиллибит. Онон киһи кыайан тулуйан олорбот ыарахан олоҕун бу дьон олорбут. Балбааранан суруйааччы Николай Габышев сэрии биир алдьархайын мүлчү түспүт, төрөөбүт буоругар тыыннаах үктэммит киһини ойуулаабыт. Кини төрөөбүт дойду ахтылҕана хайдах курдук күүстээҕин итэҕэтиилээхтик суруйбут.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ өйтөн сүппэт ыарахан өйдөбүл буолан,үйэлэргэ өлбөөдүйбэт, сүрэхпитигэр өрүү баар.
Александра Иванова,
7 кылаас
Дүллүкү ортооскуолата, Үөһэ Бүлүү