Быйыл Амма улууһун оскуолаларыгар суруналыыс идэтигэр угуйар сыаллаах медиакииннэр тэриллибиттэрэ. Ол курдук, аан бастакынан суруйар, кэпсиир, көрдөрөр, тарҕатар дьарыктаах оҕолорго олус сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Ахсынньы 10-11 күннэригэр В.Г. Короленко аатынан Амма орто оскуолатын бибилэтиэкэтигэр түөрт оскуола мустан, айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанныбыт. Түөртүү киһилээх хамаандалар аактабай саалаҕа куйаар ситими баһылаабыт «Мин идэм — ИТ» күрэһин кыттыылаахтарын сырдатар сыаллаах үлэлээтибит. Уопсайа үстүү киһилээх аҕыс хамаанда үс сорудаҕы толордулар: куйаар ситимигэр түөкүннээһини утары охсуһууга онлайн-платформаны, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анаан мэһэйэ суох түргэнник киирэр систиэмэни уонна киин маҕаһыыннар аадырыстарын, сыаналарын көрдөрөр геоинформационнай локацияны оҥорон көмүскээтилэр.
Бастакы күн медиакиин саҥа хараҥаччылара маастар кылаастары болҕойон иһиттибит, элбэх саҥаны көрдүбүт уонна туһалаах сүбэлэри бэлиэтэннибит. Амма улууһугар «Бастыҥнар хамсааһыннара» улуустааҕы салайааччыта Сахая Никонова хайдах видеоролик оҥорорго сүбэлэри биэрдэ, хаачыстыбалаах уонна табыллыбатах устуулары көрдөрдө. Оттон улууспут «Амма олоҕо» хаһыатын кылаабынай эрэдээктэрэ Наталья Бубякина куйаар ситимҥэ уонна хаһыакка тахсар үлэлэр туох уратылаахтарын өйдөттө, ис хоһоонноро майгыннаспат буолалларын быһаарда, матырыйаалы хайдах бэлэмнииргэ үөрэттэ.
Салгыы «Амма олоҕо» хаһыат уус-уран эрэдээктэрэ Евгения Портнягина уонна Амма мусуойун үлэһитэ, электроннай база эрэдээктэрэ Иван Новиков хаартыскаҕа, видеоматырыйаалларга сөптөөх ньымалары туттары кэпсээтилэр, сүбэлээтилэр. Бу кэннэ Амма үөрэҕин салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин исписэлииһэ Алтана Артемьева сахалыы сыыһа-халты суруйуулары ырыттарда уонна аахтаран көрдө. Үгүс сөптөөх хоруйдары Чакыр уонна Соморсун оҕолоро биэрдилэр.
Күрэх түөрт анал ааттарынан буолла: хаһыаты оҥорон таһаарыы, видеоролигы оҥоруу, куйаар ситимнэригэр ыытыы, хаартыска түһэриитэ. Хас биирдии бэйэбит сүрүн оруолларбытынан: эрэдээктэр–Виолетта Иванова, кэрэспэдьиэн–Юрьяна Гурьева, тиэхник–Латифа Маркова уонна фотограф–Сайнаара Сергеева буолан, буһа-хата үлэлээтибит. Манна кэккэ ыарахаттары да көрүстүбүт, тус бэйэбитигэр арыйыылары да оҥордубут, атын хамаанда оҕолорун көрөн элбэххэ үөрэннибит уонна суруналыыстыка эйгэтигэр олус наадалаах үөрүйэхтэри ыллыбыт. Бириэмэбитин олус туһалаахтык атаардыбыт. Икки күннээх күөн күрэспит бэрт түргэнник бүтэн хаалла, өссө кыратык тиийбэтэ диэххэ сөп.
Бу идэни баһылыырга баҕабыт өссө улаатта. Наталья Бубякина эппитин курдук, суруналыыс идэтэ олус интэриэһинэй эбит. Араас элбэх идэлээх дьону кытта алтыһаҕын, элбэҕи көрөҕүн, үөрэнэҕин уонна бу эйгэҕэ үлэлиир киһи олоҕо арылхай, чаҕылхай буолара чуолкай.
Түмүккэ, куйаар ситимин баһылааччыларга бастакы миэстэни Амма лиссиэйэ, иккис миэстэни Амма 2 №-дээх орто оскуолата уонна үһүс миэстэни Бөтүҥ орто оскуолатын хамаандалара ыллылар.
Медиакииннэргэ бастакы миэстэни Чакыр оскуолата, иккис миэстэни Амма лиссиэйэ уонна үһүс миэстэни Соморсун хамаандата ыллылар. Оттон биһиги «Бастыҥ хаартыска» уонна «Ийэ тылы баһылаабыт бастыҥ медиакиин» диэн анал ааттары ыллыбыт.
«Платформа» медиакиин чилиэннэрэ: Виолетта Иванова, Юрьяна Гурьева, Латифа Маркова, Сайнаара Сергеева, Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата, Амма.
keskil14.ru