Мин хос хос эһэм Степан Петрович Новиков 1910 сыллаахха элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ Көҕөн Саарбыкка бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Кыратыгар ийэлэрэ өлөн хаалан хара үлэни туппутунан киһи буолбута. Ол курдук окко сылдьара, мас мастаан тиэйэрэ, онтон “Пятилетка” холкуоска киирэн сайынын окко кыһынын субан сүөһү көрүүтүгэр, от тиэйиитигэр, мас тиэйиитигэр үлэлээбит.
Иэдээннээх сэрии саҕаланан, бастакы хомуурга 1941 сыл сайыныгар сэриигэ барар. Сталинград анныгар уоттаах сэриигэ сылтан ордук снайперынан сылдьар. Онтон контузияланан инбэлиит буолан, Аҕа дойду Улуу сэриитин уордьаннаах, “Хорсунун иһин” мэтээллээх дойдутугар эргиллэр.
Холхуоһугар үлэлээбитинэн барар. Субан сүөһү көрөр, быыһыгар олоппос, кыраабыл, атырдьах, сыарҕа оҥорор эбит. Тимиринэн эмиэ уһанара дииллэр. Быһах, аньыы, булка туттуллар батыйа оҥороро.Техника тимирэ хайдыбытын, тостубутун эмиэ уһаардан оҥорор эбит.
Хос хос эһэм Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыт. “Сүрдээх сындылҕаннаах уһун айаны айанныырбыт. Тоҥорбут-хатарбыт. Үлүйэн, тымныйан да өлбүттэр бааллара. Буурҕа, чысхаан бөҕөтө буолара. Таас хайанан айан буолан сыарҕаларбыт сыҥааҕын тоһутан ыларбыт. Өрүһү туоруурга тааҥҥа түбэһэн диэн, хайаттан аттарбыт сыарҕалара таһаҕастар баҕастары түҥнэстэн түһэллэрэ диэн… эрэй бөҕө буоларбыт. Ол таһаҕастаах сыарҕаны үксүн ити көтөҕөн, бу сыҕарытан сыра да бөҕө барара”, – диэн кэпсиир эбит.
Онтон хос хос эбээбин Елена Петровнаны кэргэн ылан, ыал буолан 11 оҕону төрөтөн, иитэн дьон оҥортообуттара. Холхуостарыгар илиилэрин араарбакка дояркалаабыттар. Хос эһэм кэнники булка сыстан, 40 сааһыттан кадровай булчут буолбут. Государствоҕа түүлээх бөҕөтүн туттарбыт: андаатара, куобах, кырынаас, солоҥдо, саһыл, бөрө, эһэ тириитэ. Оннук 70-ча сааһыгар диэри бултаабыт. Оҕолорун булка, үлэҕэ, олох ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэппит. Бэйэлэрэ үйэлэрин тухары сүөһү-ас туталлара. Элбэх оҕолорун иитээри биирдэ олорон турбакка кыһыннары, сайыннары мөхсөллөрө.
Хос хос эһэм барахсан сэрииттэн көхсүгэр өстөөх буулдьатын илдьэ кэлбитэ 60-с сылларга диэри ириҥэрэрэ эбитэ үһү. Аны иһигэр эпэрээсийэлээх буолан, эрэй бөҕөтө көрөрүн оҕолоро, сиэннэрэ көрөн улааппыттар. “Сорох тарбахтара токур, көнтөс этилэр. Төбөтүгэр улахан чэр баастааҕа”, – диэн билигин биһиэхэ кэпсииллэр.
Ити курдук Улуу Кыайыы туһугар турууласпыт хос хос эһэм олоҕун тиһэх күннэригэр диэри сэрии ыар бааһын сүгэн илдьэ сылдьаахтаабыт. Эйэлээх олох туһугар бэйэтин олоҕун да харыстаабакка сэриилэспит.
Саша РОЖИНА уонна кини дьиэ кэргэнэ, I кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма