Суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ
Москва икки төгүл Ленин, Октябрьскай революция орденнарынан наҕараадаламмыта. Герой- куорат үрдүк аата инэриллибитэ. Мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр кыргыттар, уолаттар столица сүүсчэкэ үрдүк үөрэҕин кыһатыгар үөрэнэллэр.
Куораты Москва өрүс быһа охсон ааһар, онтон өрүс Яуза уонна Сетунь диэн улахан боротуохалардаах. Куорат 878,7 квадратнай километр иэннээх. Москва өрүскэ балык 15 арааһа, онтон күөх айылҕатыгар көтөр 160 көрүҥэ баар. Москваҕа үйэлэригэр үктэммэтэх сахалар бу улуу куорат туһунан кыра саастарыттан ааҕан, элбэҕи билэллэр-көрөллөр. Кинилэр Москваҕа бастакы сырыыларыттан, куорат историческай тутууларын эндэппэккэ билиэхтэрин сөп. Онтон москвичтар Саха сирин туһунан билиилэрин таһыма тутах. Аҥардас табалаах кыраай, алмаас, кыһыл көмүс диэн тылларынан итиэннэ тымныы диэнинэн эрэ муҥурданаллар.
Биһиги кырдьаҕастарбыт эдэр саастара төһө да тиийиммэт-түгэммэт дьадаҥы, ыарахан олохтоох да буоллаллар, Пушкин, Тургенев, Достоевскай, Блок айымньыларын ааҕан, Суриков, Айвазовскай, Шишкин, Врубель, Левитан хартыыналарын кинигэттэн көрөн сыаналыы, биһирии үөрэммиттэрэ. Третьяковскай галерея диэн баарын билэллэрэ.
Москвичтар 75 бырыһыаннара икки тус-туһунан омуктар ыал буолууларын утарбаттар, онтон 90 бырыһыаннара уулуссаҕа ханнык да омуктуун аалсалларын суолтаҕа ылбаттар. Үлэ коллективыгар национальнай састаап араас буоларын москвичтар 80 бырыһыаннара утарбаттар, онтон 79 бырыһыаннара салайааччы хайа да омук буоларыгар сөбүлэһэллэр.
1996 сыл тохсунньу 1 күнүгэр оҥоһуллубут регистрация түмүгүнэн Москваҕа 753 религиознай тэрилтэлэр бааллар. Олортон Московскай патриархатка 319 эрэ киирэр. (42,4 %) 434 атын конфессиялар. 20 мусульманскай. 100 сыл анараа өттүгэр Москваҕа 4658 мусульман баар эбит буоллаҕына, билигин 220,313 мусульманскай итэҕэллээхтэр олороллор. Онтон дьиҥэр, экспердэр ааҕыыларынан, Москваҕа 800,000-тэн итэҕэһэ суох мусульман баар буолуохтаах дииллэр.
Хатыламмат ураты талааннаах сөбүлүүр киноартиһым Андрей Миронов ийэтэ, Москва кырдьаҕас олохтоохторуттан биирдэстэрэ, ССРС народнай артистката Мария Владимировна Миронова иллэрээ сыл 87 сааһын бэлиэтээбитэ. Кини ол сыл «Российская газета» (8.V.1997) хаһыакка биэрбит интервьютугар:
«Москва наһаа ыраас куорат этэ. Канализация хаһан да киртийбэтэ. Саас хаар ириэриитин саҕана, тротуардар аттыларыгар туруоруллубут улахан хочуолларга анныларыгар кутаа оттоннор, көһөҥө муустары уганнар ууллараллара. Онтон Москва өрүстэн куруусканан баһан ууну иһэрин. Оннук өрүс ырааһа. Ити мин оҕо эрдэхпинэ. 1917 сыллардаахха этэ», – диэбитэ.
Билигин Москва өрүс уутун испэккин.
Иван МИГАЛКИН, саха норуотун поэта
«Москва саха киһитин хараҕынан» кинигэтиттэн, 1999 с.