Чурапчыга ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин аатынан спортивнай Албан аат музейыгар сылдьан баран, спорт диэн аҥардас күүс-уох эрэ буолбакка, бу улахан үлэ түһүлгэтэ буоларын дьэҥкэтик өйдүүгүн.
Дмитрий Петрович Коркин тустуу көбүөрүгэр анаабыт үлэтэ барыта бу музейга арылхайдык көстөр. Биир киһи олоҕо, үлэтэ бүтүн норуот ситиһиитин, албан аатын оҥорбутун сөҕө-махтайа көрөҕүн.
Иитии, үөрэтии эйгэтигэр туох эрэ саҥаны, сонуну көрдүү сатыыр кэммитигэр холобур буолар үлэ муннубут анныгар бу саһарбыт лиистэргэ түмүллэн сыталлар.
Олоҕун тустууга анаабыт улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин хас дьарык, күрэхтэһии кэнниттэн уолаттарыгар анкета толотторон суруйтарар эбит. 8-10 кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин дьарыктарын, күрэхтэһиилэрин туһунан санааларын уу сахалыы тылынан олус чуолкайдык суруйбуттара барыта паапкаҕа кичэллээхтик түмүллэн, экспонат быһыытынан көрдөрүүгэ тураллар. Холобур, Каженкин Максим 1976 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр суруйбутуттан кылгатан биэрдэххэ маннык: “Мин бу 6-7 чыыһылаҕа буолбут күрэхтэһиигэ орто соҕустук туһуннум. Барыта сэттэтэ тустан алтатын кыайдым, биирдэ кыайтардым. Мин бу күрэхтэһиигэ саамай үчүгэйдик бастакы икки кругка туһуннум. Бастакы икки кругка тустарбар хайдах эрэ чувством үчүгэй баҕайы этэ, тустуох санаам кэлэр этэ. Мин бу күрэхтэһиигэ тустарбар уопсайынан олох сылайбатым кэриэтэ. Мин санаабар, манна күрэхтэһии иннинэ сүүрүүм туһалаата быһыылаах. Онтон саамай куһаҕаннык бэһис уонна сэттис кругка туһуннум”.
Онтон 1975 сыл ахсынньы 7 күнүгэр 9 “б” кылаас үөрэнээччитэ Керемясов Валерий бэйэтин тустууларын маннык сыаналаабыт: “Бу үөрэх дьылыгар мин иккитэ туһуннум. Кишеневка, Красноярскайга. Кишиневка син үчүгэйдик, Красноярскайга ортотук. Красноярскайга 6-та, Кишиневка 6-та. Мин күрэхтэһии бириэмэтигэр наһаа үлүһүйэн ыһыллан-аһыллан хаалабын. Уонна мостка сатаан турбаппын, туппаппын. Көбүөргэ холкутук сылдьан приемы өйдөөн оҥордохпуна уонна схватка иннинэ үчүгэйдик настройкаланнахпына кыайабын”.
1975 сыл ыам ыйын 2 күнүгэр 10 кылаас үөрэнээччитэ Сивцев Максим суруйбут: “Сүһүөҕү хамсатан тустар үчүгэй. Мин кыратык хамсатан үлэлиибин. Киһини равновесиетыттан таһаараҕын. Ол кэмҥэ приемҥа киирэр момент үөскүүр”.
Музей матырыйаалларын барытын түмэн, кичэллээхтик харайан, сааһылаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии туспа сыралаах үлэ. Егор Васильевич Пудов дириэктэрдээх спортивнай Албан аат музейын коллектива научнай сотрудниктан харабылыгар тиийэ үйэтитиигэ сыралаһан туран туруулаһар үлэһит дьон. Тустуу сүгүрүйээччитэ Сидор Сидорович Попов саха тустуутун туһунан үгүс сылларга бэчээттэммит хаһыаттары биири да көтүппэккэ мунньубутун икки сыллааҕыта Албан аат музейыгар туттарбыт. “Сидор Сидорович муспут хаһыаттарын туох да омуна суох сыалай биир массыынаҕа тиэйэн аҕалбыта. Анна Петровна Спиридонова ону барытын сылларынан, ыйдарынан наардаан, кырыйан сааһылыыр. Биһиги, харабыллар, сменабытыгар кэллэхпитинэ, бу маннык улахан хортуоҥканы бэлэмнээн, онно килиэйдиибит. Хаһыакка суруллубут хас биирдии матырыйаал тустуу историятын кэпсиир буолан олус интэриэһинэй. Бэйэбит да билиибит хаҥаата, үлэбит биир сонун хайысхатынан да буолла. Музей анала үйэтитии буолар. Ол туһугар бары бииргэ түмсэн, биир санаанан үлэлиибит”, – диэн кэпсиир музей харабыла Дмитрий Гаврильевич Решетников.
Сидор Сидорович Попов муспут матырыйааллара бу курдук сылларынан наарданан, сааһыланан, “Саха тустуутун саргыта” диэн ааттаах барыта 30-тан тахса альбом оҥоһуллуохтаах.
“Үлэбитин быйыл түмүктээн, альбомнарбытын барытын бүтэрэн аны күһүн Саха сиригэр физкультура уонна спорт сайдыытын 100 сылын бэлиэтиир улахан тэрээһиннэргэ дьоммутугар-сэргэбитигэр көрдөрөн быыстапкалыахпыт”, – диэн этэр музей дириэктэрэ Егор Васильевич Пудов.
Сардаана МАТВЕЕВА