Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө оскуолабытыгар «Эр санаа» орден хаһаайына, «Хорсунун иһин» мэтээл кавалера, дойду көмүскэлигэр анал байыаннай дьайыы кэмигэр олоҕун толук уурбут выпускникпыт Степан Степанович Руфов аатынан улуустааҕы «Снежный барс» байыаннай-спортивнай оонньуу иккис сылын ыытылынна.
Тэрээһин арыллыытыгар улуустааҕы үөрэх салалтатыттан Николай Андреевич Платонов, спорт отделын cалайааччыта Егор Алексеевич Николаев, «Дүллүкү нэһилиэгэ» МТ баһылыга Николай Петрович Романов, оскуола дириэктэрэ Тихон Александрович Егоров эҕэрдэ тылы уонна үтүө баҕа санааларын эттилэр. Степан Степанович төрөппүттэрэ Сардаана Тусаховна Герасимова, Степан Дмитриевич Руфов, чугас аймахтара кыттыыны ыллылар.
Улуус оскуолаларыттан 16 хамаанда кэлэн строевой хаамыыны көрүүгэ, дойду историятын билиигэ, автоматы ыһыыга-хомуйууга, күүһү-уоҕу тургутарга, буулдьанан ытыыга уонна военизированнай эстафетаҕа күрэхтэстилэр.
Оҕолор салайааччыларыттан хайдах бэлэмнээх кэлбиттэрин, патриотическай иитии диэни хайдах быһааралларын, оскуолаҕа НВП предметэ уруок быһыытынан киирэрин туох дии саныылларын ыйыталастыбыт.
Григорий Степанович Золотарев, М.А.Алексеев аатынан ҮөБРЛИ ОБЖ, ОВС учуутала:
Куоталаһыыга кэлбит хамаанда хайаан да кыайыыга дьулуһар. Дүллүкү хамаандата инники иһэр. Ол кэнниттэн хаалсыбатах киһи диэн санаалаахпыт. Патриотическай иитии оҕо ийэ иһигэр сылдьар кэмиттэн саҕаланар. Ол кэмҥэ ийэ оҕотун кытта кэпсэтэр, таптыыр буоллаҕына, итинтэн саҕаланар патриотическай иитии.Тоҕо диэтэххэ, оҕо ийэтиттэн аһыыр. Кини оҕотугар хайдах сыһыаннаспыта, төһө таптыыра барыта бэриллэр. Оҕо төрөөтөҕүнэ бастаан ийэтин, онтон аҕатын көрөр, кинилэртэн олоҕу көрүүгэ үөрэнэр. Онтон уһуйааҥҥа барар, оскуолаҕа киирэр, устудьуон, үлэһит буолар. Төрөөбүт тиэргэниттэн саҕалаан дойдутун таптыахтаах, көрүөхтээх-истиэхтээх, киэн туттуохтаах, дойдутун бүтүннүү таптыахтаах. Онон хас биирдии киһи оҕотун хайдах үөрэтэн-такайан таһаарарыттан патриот иитиллэн тахсар. Оскуолаларга байыаннай уруога киирдэҕинэ, уол оҕо эр киһи курдук иитиллиэҕэ, эт-хаан өттүнэн биллэ сайдыылаах буолуоҕа, оччоҕо өй-санаа өттүнэн эмиэ күүһүрүө.
Уйгулаан Николаевич Тимофеев, Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с оскуолаҕа ОБЖ учуутала:
Быйыл эрдэттэн дьарыктаммыппыт. Күһүн республиканскай күрэххэ кыттыбыппыт. Оҕо төрөөбүт дойдутуттан, оскуолатыттан саҕалаан патриотическай өйгө-санааҕа иитиллэр. Эһиилгиттэн НВП уруога киирдэҕинэ, барыта орун-оннугар түһүө, бары биир өйгө-санааҕа киириэхпит диэн эрэнэбит.
Василий Николаевич Саввин, Маҥаас оскуолатын ОБЖ учуутала:
Биһиги оскуолабытыгар 30 оҕо үөрэнэр. Манна 7-9 кылаас оҕолоро кэлэн кытта сылдьаллар.Патриотическай иитии диэн, бастакытынан, хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун таптыахтаах: төрөөбүт түөлбэтин, Саха сирин, Арассыыйаны. Кини дойдутун көмүскүүргэ бэлэм буолуохтаах. Иккиһинэн, хас биирдии киһи патриот буолара кини төрөппүттэригэр тапталтан саҕаланар.НВП предметэ киирэрэ наада. Билигин киһи чопчу быһаарбат олоҕор олоробут, онон суһал байыаннай дьайыынанан да сибээстээн, хас биирдии киһи дойдутун көмүскүүргэ бэлэм буолуохтаах. Ол иһин бу предмет киирэрэ хайаан да наада. НВП предметэ ыччаты бэрээдэктиир.
Владимир Николаевич Николаев, Дүллүкү орто оскуолатыгар парашютнай кулууп салайааччыта:
Патриот диэн төрөөбүт дойдутун, нэһилиэгин, улууһун, өрөспүүбүлүкэтин олоҕун барытын интэриэһиргиир, кини туһугар ыалдьар киһи. Патриотическай иитии диэн бу буола турар. Оҕолор күрэхтэһиигэ дьулуһаллар, бэлэмнэнэллэр, түмсэллэр. Бүгүн үөрэнээччибит Степан Степанович Руфов кэриэһигэр буола турар күрэхтэһии, онон улахан суолталаах түмсүү. НВП уруогун үөрэтэри 1992 с. тохтоппуттара. Биһиги 8-11 кылаастары үөрэтэ сылдьыбыппыт, онон базабыт баар. Үөрэх предметин быһыытынан киирэрэ сөптөөх.
Күрэхтэһии кэмигэр кэлбит ыалдьыттар, кыттааччылар «Память поколений» оскуола түмэлин көрдүлэр. Түмэл хоһун СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Валентина Захаровна Иванова тэрийэн үлэлэтэр. Кини оскуолабытыгар история учууталынан үлэлээбит Василий Иванович Ан матырыйаалларыгар олоҕуран түмэл тэриллибитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Манна Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл, сэрии оҕолорун хаартыскалара, ахтыылара бааллар. Оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыт учууталлар тустарынан тус матырыйааллар сэһэргииллэр. Дүллүкүттэн байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт дьоҥҥо анал истиэндэ оҥоһуллубут. Степан Степанович Руфовка аналлаах муннукка бойобуой наҕараадалара, тутта сылдьыбыт маллара, таҥаһа ууруллубутун оҕолор болҕойон көрдүлэр.
Тыҥааһыннаах, элбэх түһүмэхтээх күрэхтэһии түмүгүнэн үчүгэй бэлэмнээх, кыахтаах хамаанданан Дүллүкү орто оскуолатын “Десантник” хамаандата ааттанна. Иккиһи – М.А.Алексеев аатынан лицей-интэринээт оҕолоро, үсүһү – Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ыллылар. Улуустааҕы үөрэх салалтатын аатыттан Николай Андреевич Платонов кыайыылаах хамаандаларга харчынан наҕараадалары туттартаата. Степан Степанович дьиэ кэргэнин уонна оскуола коллективын аатыттан тустаах көрүҥнэргэ бириистэр туттарылыннылар.
Күрэхтэһии тэтимнээхтик барда. Биһиги оҕолортон спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктаналларын, хайдах кыттан иһэллэрин, «патриот» диэни хайдах өйдүүллэрин ыйыттыбыт.
Гаврилин Игорь, Ороһу оскуолата, XI кылаас: Пулевойга үчүгэйдик кытынным, 26 балы ыллым. Бэйэм волейболунан дьарыктанабын. Патриот диэн дойдутун көмүскээччи, харыстааччы буолар.
Дмитриев Иннокентий, Боотулуу, IX кылаас:
Нам уонна лицей оҕолоро күүстээхтэр диэн көрдүм. Тустуунан дьарыктанабын, волейболлуубун. Патриот диэн дойдутун таптыыр, көмүскүүр киһи.
Иванов Альберт, Маҥаас, IX кылаас:
Мас тардыһабын, тустабын, сүүрэбин. Физкультура учуутала Саввин В.Н. дьарыктыыр. Патриот диэн дойдутун көмүскүүр киһини этэбит. Мин патриоппун дии саныыбын, дойдубар туһалааҕы оҥорорго бэлэммин.
Абрамов Коля, Туобуйа, IX кылаас:
Көҥүл тустуунан дьарыктанабын, өрөспүүбүлүкэ призерабын. Физкультура учуутала Оржак Начын Орланович эрчийэр. Кини Туваттан кэлэн үлэлиир. Манна кыахпынан кытынным. Дүллүкү, Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с оскуола үчүгэй бэлэмнээхтэр дии санаатым. Бэйэм элбэҕи биллим-көрдүм. Дойдугутар бэриниилээх, дьону таптыыр киһини патриот дииллэр. Сахам сирин таптыыбын.
Степанов Андрей, М.А.Алекссев аатынан ҮөБРЛИ, XI кылаас:
Спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанабын. Туста сылдьыбытым, боксанан дьарыктаммытым. Бары тэҥ курдукпут. Дүллүкүлэр КСУ-га саамай элбэҕи оҥордулар. Патриот төрөөбүт дойдутун таптыыр, наада буоллаҕына көмүскүөхтээх. Мин патриоппун дии саныыбын. Сахабынан киэн туттабын, сахалыы саҥарабын, сахалыы үҥкүүнэн дьарыктаммытым. Маннык күрэхтэр бэрээдэктээх, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларга туһалаахтар.
Семенов Тимур, Харбалаах IX кылаас:
Хамандыырбын. Салайааччыбыт Арнольд Николаевич, физкультура учуутала. Дүллүкүлэр үчүгэй бэлэмнээхтэр диэн көрдүм. Волейболга оонньуубун. Патриот диэн төрөөбүт дойдутун таптыыр, үтүөнү оҥорор киһи. Саха сиригэр олорорбунан киэн туттабын.
Спордунан дьарыктаныҥ, бэйэҕитигэр эрэллээх, күүстээх-уохтаах буолуҥ, хорсун санааланыҥ!
Тэрэһин хайдах ааспытын көрүөҕүҥ:
Алина Санникова IX кылаас, Степания Григорьева VIII, Сааскыйа Васильева VIII кылаас, Александра Иванова VII кылаас, Айыына Петрова VII кылаас
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.