Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар Арассыыйа Федерациятын сенатора Егор Афанасьевич Борисов 70 сааһыгар аналлаах «Инники идэҕэ хардыы» орто анал үөрэхтээһин устудьоннарын форума буолла.
Саха сирин араас улуустарын орто анал үөрэх кыһаларын устудьуоннара бэйэлэрин чинчийиилэрин экспердэр иннилэригэр көмүскээтилэр. Ол курдук, «Сервис уонна туризм» хайысхаҕа уопсайа 14 эдэр чинчийээччи, олортон үһэ онлайн холбонон кыттыыны ыллылар.
Экспердиир хамыыһыйа:
Наталья Никитична Слепцова – ООО «Сэргэлээх» ас-үөл комбинатын дириэктэрэ;
Татьяна Георгиевна Винокурова – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Финансово-экономическай институтун дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы, экономика уонна үп-харчы кафедратын доцена;
Туяра Николаевна Понамарева — М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Россия Федерациятын Хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун «Социально-культурный сервис и туризм» кафедратын доцена, педагогическай билим кандидата.
Кыттааччылар үлэлэрин сүрүн хайысхатынан Саха сиригэр туризм сайдыыта буолар. Саха сирин иһигэр туристическай маршруттары оҥоруу уонна өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлбит ыалдьыттарга Саха сирин айылҕатын, чуолаан саха аһын-үөлүн билиһиннэргэ анаммыт үлэлэри иһиттибит. Ол курдук, повар үөрэҕэр үөрэнэ сылдьар Александр Опподонов саха төрүт сыырын сүүмэҕи тупсаран аныгы кэмҥэ сөп түбэһэр, киһи болҕомтотун тардар астары аҕалан көрдөрдө, амсатта. Эдэр чинчийээччилэр бу курдук хабааннаах үлэлэри, холобура, убаһа этиттэн чипсы, киһи доруобуйатыгар туһалаах бурдук ас туһунан кэпсээтилэр.
Сахайаан Максимов Р.И. Брызгалов аатынан Транспортнай техникум III кууруһун устудьуона, Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас: «Сахабыт сирэ Аан дойдуга киэҥ сирдээҕинэн, кэрэ айылҕатынан биллэр. Араас сиртэн кэлбит туристар бу кэрэ-бэлиэ сирдэри көрөллөрө табыгастаах буоллун диэн тимир суолунан сылдьар туристическай маршрут бырайыагын оҥордум. Бу үлэбинэн сылтан ордук кэм тухары дьарыктанабын. Аан маҥнай бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта Өлүөнэ очуостарыгар кэлэ сылдьан «бу сиргэ тимир суолунан кэлбит буол арай, төһө элбэх киһи сылдьыа этэй» диэн толкуйдаабытым уонна бу үлэбин саҕалаабытым».
Бу курдук аныгы кэми кытта тэҥҥэ сайда турар туризм хайысхата өрөспүүбүлүкэҕэ үп-харчы киириитин, хоту сир олохтоохторун култууратын тарҕатыыга улахан суолталаах, сайдар кэскиллээх. Эдэр чинчийээччилэрбитигэр ситиһини баҕарыаҕыҥ.