Биһиги гимназиябытыгар куруук араас интэриэһинэй тэрээһиннэр, көрсүһүүлэр буолаллар. Биир оннук ураты түгэнинэн саха норуотун суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат уонна “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрэ Данил Николаевич Макеев ыалдьыттаан, оҕолору, учууталлары кытта көрсүбүттэрин ааттыахха сөп.
Бу күн гимназия үөрэнээччилэрэ, учууталлара ытыктыыр, убаастыыр суруйааччыбытын 80 сааһынан эҕэрдэлээтибит. Александр Пушкин улуу айымньытын “Евгений Онегин” Дьуон Дьаҥылы сахалыы тылбааһын сыанаҕа туруорууттан быһа тардыыны оонньоон көрдөрдүбүт. Семен Андреевич олус астыммытын, сэргээбитин үрдүк сыанаттан эттэ, махталын биллэрдэ:
Мин 80 сааспын туолбуппар анаммыт, олохпор наһаа күндү уонна суолталаах тэрээһин буолар. Төһө үчүгэй суруйааччы буолбуппун, суруйааччы норуоту хайдах арыйарын, суруйар киһи дьоҕурун наһаа үчүгэйдик ылынаргытын көрдөрдүгүт. Бу курдук салгыы сайдыаххытын баҕарабын.
БИҺИГИ ТҮГЭНИНЭН ТУҺАНАН СЭМЭН АНДРЕЕВИҺЫ КЫТТА СЭҺЭРГЭСТИБИТ.
– Семен Андреевич “Сэмэн Тумат” диэн аатыҥ туох суолталааҕый?
– Мин олус бэлиэ сиргэ төрөөбүтүм – саха норуотун тапталлаах Өлүөнэ өрүс салааларын биирдэстэригэр Булуҥ оройуонун Тумат нэһилиэгэр олунньу 23 күнүгэр 1944 сыллаахха. Псевдониммын талар кэммэр учууталым бэйиэт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Вениамин Павлович Миронов төрөөбүт дойдум аатын ылынарбар ыйан биэрбитэ. Бу ааты талбытым олус үчүгэй эбит. Кэлин историяны үөрэттим. 120-тэн тахса түүр омуктар аҕалара Тумат омуктар буолаллар эбит. Олус киэҥ остуоруйалаахтар, географиялаахтар.
Инньэ гынан түүр омук аҕаларын аатын сүгэ сылдьарбынан олус киэн туттабын, учууталбар махтанабын.
– Суруналыыс буолуон, суруйуон баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
Дьиҥнээх суруналыыс элбэҕи аахпыт, киэҥ билиилээх буолуохтаах. Олох кырдьыгын туһунан суруйуохтаах. Тиэтэйбэккэ, бэйэтин көмүскэнэр өттүн өйдөөн туран, үлэ кыһалҕаларын ааһыахтаах. Бэйэтин эйгэтиттэн үйэтин, обществотын чинчийэн таһаарар, анааран көрөр дьоҕурун сайыннарыахтаах. Күүһүн-кыаҕын, өйүн-санаатын сөпкө туһаныахтаах.
– Билигин туох туһунан суруйа сылдьаргын кылгастык кэпсиэххин сөп дуо?
– Мин, арааһа, 50-тэн тахса кинигэни суруйдум быһыылаах. Аҥардас Чурапчы суруйааччыларыгар анаммыт 298 ыстатыйа, информация суруйан таһааттардым. Ол оннук курдук билигин да үлэ үлэлэнэр, үлэ барар.
Бу курдук биһиги кылгастык да буоллар, дириҥ ис хоһоонноохтук Семен Андреевиһы кытта сэһэргэстибит. Кини киһи быһыытынан олус истиҥ, аламаҕай уонна наһаа үчүгэй сэһэргэһээччи. Кинини истэ-истэ олоруоххун баҕараҕын.
Арина СОТНИКОВА, X кылаас, “Тумус кыһа” пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията