Сахаачча музей-дьиэтигэр Аммаҕа араас интэриэһинэй экспонаттар бааллар. Олортон Николай Захаров бэйэтин илиитинэн суруллубут блокноттара буоллаллар.
Арыый эрдэтээҥҥи бордуобай өҥнөөх блокноту арыйабыт. Инники страницаларыгар «Восток-3» «Восток-4» ракеталар уруһуйдаммыттар, аллараа өттүгэр сиэрпэ уонна өтүйэ, Сэбиэскэй Сойуус былааҕа. Иккис страницаҕа халлаан куйаарыгар эмиэ космонавтар, сирбит мөссүөнэ уонна «Растет семья небесных братьев» диэн суруктаах.
Тоҕо маннык уруһуйдаммытын таайаары Интернеты хасыһабыт. Андриян Николаев «Восток-3», Павел Попович «Восток-4» утуу субуу космоска көппүттэр эбит, биирдэрэ атырдьах ыйын 11 күнүгэр, иккиһэ – атырдьах ыйын 12 күнүгэр уонна киэҥ космос куйаарыгар ракеталар бэйэ-бэйэлэригэр чугаһаабыттар. Коля Захаров оччотооҕу оҕолор курдук ити Аан дойдуну тэлийэ сүүрбүт сонуну уруһуйдаан хааллардаҕа.
Онтон салгыы бэрт кичэллээх буочарынан геометрия билиэттэрэ, хаһан ханнык чыыһылаҕа, хас чааска консультациялар буолаллара, нуучча тылыгар билиэттэргэ эппиэттэр суруллубуттар. Страницалары көтө-көтө нуучча улуу суруйааччыларын айымньыларыттан быһа тардыылары суруммут. «Безумству храбрых поем мы песню!», «Самое дорогое у человека – это жизнь…», «Я земной шар чуть не весь обошел. И жизнь хороша, и жить хорошо!».
Аҕыйах ол кэмҥэ ылланар ырыалар суруллубуттар. Быһа холоон сабаҕалаатахха, Чурапчыга Х кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут блокнота быһыылаах.
Иккис блокнот кыһыл тастаах «Спутник москвича» 1967 сыл ежедневник. Манна ханна сылдьыбытын, тугу гыммытын, хайдах тустубутун суруммут. Ол быыһыгар Сахаачча кэмигэр ылланар ырыалар, сылдьыбыт киинэлэрэ, өс хоһоонноро, табаарыстарын аадырыстара, телефоннара, кимҥэ хаһан сурук суруйбута, онтон да атын бааллар.
***
Бу икки блокнот Сахаачча аҥардас спортсмен эрэ буолбакка, элбэҕи билэ-көрө сатыыр, кыһамньылаахтык үөрэнэр, дойдутун кытта бииргэ хардыылыыр, инникигэ эрэллээх эдэр киһи буоларын туоһулуур.
Бэлэмнээтилэр Дария Иннокентьевна Захарова,
академик Л.В. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйин
«Музей в чемодане» бырайыак кыттыылаахтара