2023-2024 саҥа үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар төрөөбүт тылы үөрэтии хайдах барыахтааҕын, онуоха сөптөөх туох саҥа уларыйыылар, хайысхалар баалларын туһунан киэҥ түһүлгэлэр үгүстүк ыытылыннылар. Онно этиллибит санаалары түмэн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэхпит.
Эппиэтинэс – улуус баһылыктарыгар
Биир улахан түһүлгэ үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньахтарын чэрчитинэн Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтигэр буолан ааспыта. Төгүрүк остуолу салайан ыытарыгар педагогическай наука кандидата, профессор, СӨ Билимин академиятын Тыл Киинин салайааччыта Феодосия Васильевна Габышева Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии Кэнсиэпсийэтин 2023-2030 сс. олоххо киллэриигэ улуустарга, нэһилиэктэргэ үлэ күүскэ барыахтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Онуоха хас биирдии улуус баһылыгын өттүттэн бу хайысхаҕа үлэ күүскэ ирдэниэхтээҕин, төрөппүт өттүттэн интэриэс баар буолуохтааҕын, Кэнсиэпсийэ олоххо киириитэ аҥардас оскуола, оҕо саадын эрэ үлэтин курдук көрүллүө суохтааҕын туһунан санаатын эппитэ.
Кэнсиэпсийэ: Урут уонна билигин
Төгүрүк осуолга “Концепция преподавания якутского языка, литературы и культуры в Республике Саха (Якутия): от замысла к реализации” диэн саҥа кинигэни кытта билсибиппит. Бу кинигэ – Кэнсиэпсийэ олоххо киириитин бастакы улахан тэрээһин үлэтэ.
Ис хоһоонун ырытан оҥорууга Үөрэх уонна наука министиэристэбититтэн саҕалаан наука, үөрэхтээһин үлэһиттэрэ, учууталлар, иитээччилэр, общественнай түмсүүлэр – бары кыттыстылар. 1990 с. Кэнсиэпсийэ саха норуотугар хайдахтаах курдук дириҥ өйү-санааны иҥэрбитин, айар-тутар кыаҕын уһугуннарбытын, дойду ыһыллыытын уустук кэмнэригэр төрөөбүт тылбыт, төрүт култуурабыт тирэхпит, быыһанар суолбут, тыынар салгыммыт буолбутун бэркэ диэн билэбит.
Быйылгы сылтан саҕалаан 2030 с. диэри олоххо киириэхтээх Кэнсиэпсийэ 1990 с. туох уратылааҕый, эбэтэр ол кэмнээҕи Кэнсиэпсийэ салгыыта дуу, эбэтэр саҥа докумуон дуу диэн үгүс киһи мунаахсыйар. Онуоха Феодосия Васильевна Габышева бу сайын Чурапчыга буолбут үөрэх үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥкатыгар учууталлары кытта көрсүһүүтүгэр бэлиэтээн этэн турар: “1990 сылтан 2023 сылга диэри олохпут лаппа уларыйда. Сайдыы, глобализация күүскэ киирэн, тылбыт онно эмиэ оҕустаран эрэр. Ол иһин маннык кэнсиэпсийэлэри ылынан, саҥаттан саҥа көрүүлэри киллэрэн, тылбытын-өспүтүн кэм уларыйыытын кытта тэҥҥэ тутарбыт ордук диэн толкуйтан элбэх киһи үлэлэһэн бу Кэнсиэпсийэ оҥоһуллубута. Икки сүрүн сыалы тутуһабыт – саха тылын уонна литературатын үөрэтиини оҕо саадыттан саҕалаан үрдүк үөрэххэ диэри биир ситимҥэ киллэрэн, биир тыыннаан, биир кэлим тиһиги тэрийии уонна оҕолорбут бэйэлэрин тылларынан сахалыы саҥаралларын сайыннарыы.
Төрөөбүт тылы үөрэтэргэ туох ханнык иннинэ усулуобуйа баар буолуохтаах. Төрөөбүт тылын үөрэтэр баҕалаах оҕолор баар буолуохтаахтар. Билигин төрөппүт оҕотун сахалыы дуу, нууччалыы дуу кылааска биэрэрин бэйэтэ талар бырааптаах. Сокуон ити талларар хайысхатын төрөппүттэр үчүгэйдик өйдөөбөттөр. Ол иһин төрөппүттэри кытта үлэ, общественниктар көмөлөрүнэн, күүскэ ыытыллыахтаах. Бу Кэнсиэпсийэ уратыта диэн тугуй? Оҕо ийэтин иһигэр сылдьыаҕыттан кини үрдүк үөрэҕи бүтэриэр диэри олоҕун устатын тухары төрөөбүт тылыттан тэйбэт, ситимин быспат эйгэтэ баар буолуохтаах.
Кэнсиэпсийэ биэс сүрүн соруга
Кэнсиэпсийэ биэс сүрүн соруктаах. Бастакыта, бу кэмҥэ диэри наар биир программанан үөрэнэн кэлбит эбит буоллахпытына, билигин бу Кэнсиэпсийэҕэ биэс алын программа оҥоһуллар: сахалыы үчүгэйдик билэр оҕолорго; саха эрээри тылларын мөлтөхтүк билэр оҕолорго; атын омук оҕолоругар саха тылын судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтии; дьоҕурдаах оҕолорго аналлаах туспа программа; доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анал программа. Бу бүгүҥҥү олох ирдэбилэ саха тылын үөрэтиигэ наадалааҕынан көрдөрдө. Иккиһэ, программабытын научнай түһүлгэ олохсутаммыт оскуолаҕа үөрэтиэхтээхпит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр научнай методика сайдан, онуоха сөптөөх кыахтар толору бааллар. Үсүһэ, билиҥҥи кэмҥэ анал специалистары, иитээччилэри саҥалыы көрүҥүнэн иитэн-үөрэтэн таһаарар сорук турар. Төрдүһэ, биэс алын программаҕа сөптөөх, үөрэх киэбигэр эппиэттиир кинигэлэр, учебниктар, пособиелар оҥоһуллуохтаахтар. Бэсиһэ, тиһиктээх мониторинг, чинчийии ыытыллыахтаах. Бу чинчийии биһиги тылбытын биэс алын программанан сайыннаран иһэрбит хас биирдии оҕо саадын, оскуоланы хабан төһө кэскиллээҕин көрдөрүөхтээх. Чинчийиилэр түмүктэрэ саха тылын уонна литературатын учууталларын үстүү сыл буолар сийиэстэригэр барыта оҥоһуллан көстүөхтээх.
Кэнсиэпсийэ 2023 -2030 сылга диэри үс түһүмэҕинэн олоххо киирэр: бастакы түһүмэх – 2023-2025, иккис – 2026-2028, үһүс – 2029-2030.
Төрүт тыллары өйүүр Киин
Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтигэр буолан ааспыт төгүрүк остуолга “Барҕарыы” пуонда билигин төрүт тыллары өйүүр Киин буолбутун туһунан салайааччы Альбина Иннокентьевна Поисеева кэпсээтэ: “Барҕарыы” пуонданы 1990 с. Михаил Ефимович Николаев өссө Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолан олорон тэрийбит бастакы улахан пуондабыт буолар. Пуонда аан бастаан тэриллиэҕиттэн ыла сүрдээх элбэх үлэни ыытан кэллэ. Быйыл Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Казахстаҥҥа сырыытын кэнниттэн пуонда салайааччытын быһыытынан миигин ыҥыран кэпсэппитэ. 20 мөл. казах олорор дойдутугар салалта “тылбыт буомурар кутталланна, тылбыт көйгөтүллэн эрэр, эһиэхэ хайдаҕый” диэн тыл туһунан боппуруоһу сүрдээҕин дьүүллэспиттэр. Михаил Ефимовиһы кытта сүбэлэһэн баран, “Барҕарыы” пуонданы саҥаттан хайысхалаан төрүт тыллары өйүүр Киин оҥоруохха диэн быйыл олунньу 13 күнүгэр, Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, Айсен Сергеевич бэйэтин дакылаатыгар этэн турар. Онон үп-харчы көрүллэн, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Васильевич Местников салалталаах бырабылыанньа тэриллэн, сыллааҕы былааммыт торумун оҥорон үлэлии сылдьабыт”.
Альбина Иннокентьевна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ инники өттүгэр оҕо чинчийэр үлэтин сахалыы тылынан көмүскүүр хайысханы киллэрэр былааннааҕын туһунан сэргии иһиттибит.
Манна сыһыаран эттэххэ, быйыл 27-с төгүлүн ыытыллыбыт “Инникигэ хардыы” НПК-ҕа Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата үлэ бу хайысхатын “Төрүччү” бырайыагынан киллэрбитэ. “Дьиэ кэргэним төрүччүтэ” диэн хайысхаҕа 300-тэн тахса оҕо чинчийэр үлэтин бастаан кэтэхтэн сахалыы тылынан көмүскээбитэ. Кыайыылаахтар “Инникигэ хардыы” НПК кыттар ыҥырыыны туппуттара. Онно кыайбыттар Россия түһүлгэлэригэр кыттар быраабы ылбыттара. Онон оҕо чинчийэр үлэтин сахалыы тылынан кэпсиир эйгэтэ быйыл өссө кэҥиир буолбутун үөрэ иһиттибит.
Сунтаар холобура
Сунтаар улууһугар 2023 сыл Төрүт тыл сылынан биллэриллэн турар. Ол түмүгэр Сунтаарга төрөөбүт тылы сайыннарар биэс сыллаах программа ылыллыбытын туһунан Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатыттан Владимир Владимирович Уаров кэпсээтэ. Билиҥҥитэ ханнык да улууска сунтаардар курдук биэс сыллаах төрөөбүт тыл сайдыытын программата ылылла илик. Билиҥҥитэ ханнык да улууска сунтаардар курдук Төрөөбүт тыл сыла биллэриллэ илик. “Онон муниципальнай таһымҥа төрөөбүт тыл сайдыытыгар үлэни ыытарга Сунтаар улууһуттан холобур эрэ ылыахха сөп”, – диэн Феодосия Васильевна чопчулаан эттэ.
“Эркээйи эргиирэ”
Педагог, педагогическай наука кандидата Екатерина Петровна Чехордуна олоҥхо методиката билиҥҥи үөрэх, иитии систиэмэтигэр XXI үйэҕэ оҕо кыра сааһыттан киһилии киһи буола сайдарын, улаатарын хааччыйар кыахтааҕын туһунан санаатын үллэһиннэ: “Билэрбит курдук улуу дьоммут олоҥхоҕо түмүллүбүт саха ытык өйдөбүллэригэр, төрүт иитиини, сиэри-туому, үрдүк күүрээннээх уран тылы олох үөрэҕин быһыытынан иҥэриммиттэрэ. Олоҥхо педагогикатыгар оҕону иитии моделын арыйар СЭДИП технология сүрүн тирэх, төһүү күүс буолар. Ханнык баҕарар предмети ис сыалын арыйан, оҕону сөптөөх суолга иитэргэ улахан сыал турар. Билиҥҥи үөрэҕирии, иитии систиэмэтигэр иитээччилэр, учууталлар, интэриэстээх салайааччылар уруок, кылаас таһынан үлэ араас көрүҥүн сөпкө дьүөрэлии, таба алтыһыннарар ньымалары билэр буолаллара ирдэнэр. Маныаха ийэ тыл киһи бигэ тирэҕэ буоларынан төрөөбүт тыл учууталлара ойуччу улахан аналлаахтар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр 2020 с. оҕо, ыччат сайдар эйгэтин тэрийэр “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама үлэлиир. “Эркээйи эргиирэ” Саха өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх, иитии үлэтигэр олоххо киирэр араас көрүҥнээх кэнсиэпсийэлэр, бырайыактар, тосхоллор олорор сир, ол эбэтэр эрэгийиэн, айылҕа уратыларын учуоттуур хас биирдии олохтоох омук тылын, култууратын, сиэрин-туомун харыстыыр, кэнчээри ыччатыгар туттарар усулуобуйатын олохтуурун хааччыйар соруктаах. Бу бырагыраама чэрчитинэн, олохтоох матырыйаалга олоҕурбут ханнык баҕарар бырайыак киирэр. Мин үгүс бырайыктартан биири бэйэм сэргиир “Өксөкүлээх үөрэҕэ” диэн бырайыак туһунан этиэхпин баҕарабын. Бу улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт бырайыак олоххо киирэн эрэр. Матырыйаалын хааччыйыыта Тыараһа, Дьохсоҕон, Чычымах орто оскуолалара уонна Тааттатааҕы лиссиэй бэйэлэрин уратыларыгар олоҕуран, арыйан көдьүүстээх ньымаларынан таҥыллан оҥоһуллубута. Маныаха Тыараһа орто оскуолата үлэлиир хайысхатыгар “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” кылаас чаастарыгар киллэрэн саҕалаатылар. Бу улахан күүстээх үлэҕэ “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата күүс-көмө буоларга, видео/аудио матырыйаалларынан оҥорорго ылсыбыта улаханнык биһирэниэхтээх.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оҕо киһилии киһи буолан сайдарын, улаатарын хааччыйар “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама олоххо киириитигэр икки суолу көрөбүн. Бастакытынан, ыал – оҕо саада – оскуола – нэһилиэк тэрилтэлэрэ хардарыта дьайсан үлэлэһэн, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөн, атыннык эттэххэ, сомоҕолоһон үлэлээтэхтэринэ, бу кыаллар. Иккиһинэн, саамай барҕа баҕам диэн – төрөөбүт тылбыт, литературабыт, төрүт култуурабыт учууталлара күүс-көмө, сүрүн тирэх буолаҥҥыт кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт сахалыы саҥарар, ийэ тылын иҥэриммит эрэ буолбакка, кутугар-сүрүгэр киллэрэн КИҺИЛИИ КИҺИ буолан тахсарыгар бииргэ үлэлиэҕиҥ”.
“Саас” саҥа мобильнай сыһыарыы
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата быйылгы үөрэх дьылыгар “Саас” мобильнай сыһыарыыны үлэҕэ киллэрдэ. Бу туһунан сиһилии “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова маннык кэпсиир: “Историяны ылан көрдөххө, Саха сиригэр оҕоҕо аналлаах медиа эйгэни сайыннарыы урут-уруккуттан баара. 1936 с. эмиэ судургута суох кэмҥэ Саха сиригэр сахалыы тыллаах хаһыат тахсыаҕыттан, 1980-1990-с сыллар кирбиилэригэр медиа эйгэни тэрийии муҥутаан турбут кэмнэрэ бааллар этэ. Оччолорго “Кэскил”-“Бэлэм буол” уонна “Юность Севера” хаһыаттар олуктарынан өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар 300-тэн тахса юнкорпостар тэриллэн үлэлии сылдьыбыттара. Оччолорго юнкордаабыт оҕолор үгүстэрэ саха тылын учууталларын кэккэлэригэр элбэхтэр.
Биһиги бу үтүө үгэһи салгыы сайыннарар сыалтан аныгы технологияларга олоҕуран, оҕону кытта медиа эйгэни сайыннарыыга үлэлээбиппит төрдүс сыла буолла. Былырыын балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥа дьылга диэри саха тылын сайыннарар государственнай программа чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ 40 оскуолатыгар медиа-кииннэри аһан саҕалаабыппыт. Ити уопут бэрт кэрэхсэбиллээҕин уонна туһалааҕын өйдөөн, биһиги тэрилтэбит тустаах Министиэристибэтин – инновация уонна инфокоммуникационнай технология министиэристибэтин информационнай обществоны сайыннарыыга государственнай программатыгар тирэҕирэн, 2022-2023 үөрэх дьылыгар медиа—оскуолалар ахсааннарын 158 оскуолаҕа диэри улаатыннардыбыт. Ааспыт үөрэх дьылыгар үөрэх үлэһиттэрин идэни үрдэтэр институтун кытта 4800-тэн тахса педагогу видеоконтены оҥорууга учууталлар куурустарыгар киллэрэммит үөрэппиппит. Онтон талан ылбыт 158 оскуолабытын кытта билигин үлэлии олоробут.
Урукку өттүгэр суругунан-бичигинэн эрэ үлэлиир буоллахпытына, билигин “Саас” мобильнай сыһыарыылаах буоллубут. Бу “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата хас да сылга былааннаабыт, улахан медиа эйгэни тэрийэр мобильнай сыһыарыыта буолар. Бастаан саҕалыырбытыгар оҕолорбутун кытта кэпсэппиппит. “Төрөөбүт тылгытын төһө билэҕит?“ диэн ыйытыкка 7-8 кылааска үөрэнэр 1175 оҕо кыттыбыта. Кинилэртэн 725 оҕо төрөөбүт тылын толору баһылаабат уонна саҥарбат. Бу ыйытык Дьокуускай куоракка буолбакка, Саха сирин улуустарыгар ыытыллыбыта. “Хайдах гынабыт?” диэн толкуйдаан бараммыт, ааспыт үөрэх дылыттан география уонна история уруоктарыгар 5-11 кылаастарга диэри туох баар параграфтары барытын испиэһэктээн, улуустарынан наардаан бараммыт, медиа-оскуолаларбытыгар видео оҥорорго техническэй сорудахтары биэрбиппит. Оҕолор учууталларын кытта сценарий суруйан, видео устан, монтажтаан, тылын-өһүн чочуйан бараннар, биһиэхэ соҕотуопка быһыытынан ыыталлар. 158 медиа-оскуола ый аайы 1738 видеоконтенты оҥорор кыахтанна. Бу көрдөрүү орто статистическай кээмэйэ биир киһи гаджекка ыытар бириэмэтин иһин охсуһуу биир көстүүтэ буолар. Оҕолор оҥорбут видеоларын учууталлар география уонна история уруоктарыгар туттар кыахтаахтар. Сүрдээҕин сэҥээрдилэр. Холобур, география уруогар 5 кылааска рельеф тиэмэтин барар буоллахпытына, мин «Саас» мобильнай сыһыарыыга төрөөбүт нэһилиэгим рельебин туһунан видеону көрүөхтээхпин.
Саха тылыгар дэгиттэр эйгэни тэрийиигэ улахан болҕомтобутун уурабыт. Видео уонна аудио матырыйааллары таһынан «Кэскил» хаһыаты, “Бэлэм буол” сурунаалы таһаарабыт. Учууталлар идэни үрдэтэр институту, саха тылын учууталларын кытта оҕо уруокка туттарыгар аналлаах дидактическай матырыйааллары оҥорон саҕалаатыбыт.
“Саас” мобильнай сыһыарыы туһунан өссө чопчулаан кэпсээтэххэ, манна киһи сэргиирэ туох баарый? Оҕо бэйэтэ оҥорбут тэттик видеотун көрөр, бэйэ-бэйэлэригэр тарҕатар систиэмэ баар. Бэйэтин билиитин сыаналыыр бонуснай, рейтинговай систиэмэлээх. Ол оҕо тус кабинетыгар көстөр. Спорка, наукаҕа ситиһиилэрэ бонуснай систиэмэҕэ эмиэ ааҕыллар. Оҕо бонустарын мунньан, сыһыарыы иһинээҕи эйгэҕэ туттар кыахтаах. Биһиги партнербут «Алмаасэргиэнбаан» «Карта жителя Якутии» уонна «Карта жителя Кидс» диэн картатыгар партнердар көмөлөрүнэн чэпчэтиилэри туһаныан сөп.
Бу эйгэ кэҥээтэр кэҥээн иһиэхтээх. Манна Саха сирин улуустарын, историятын туһунан кэпсиир сахалыы мобильнай оонньуулар бааллар. Бастакы оонньуу Саха сирин улуустарыгар, сиртэн хостонор туһалаах баайдарыгар сыһыаннаах буолуоҕа. Хас улуус аайы наардаммыт түһүмэхтэрдээх.
“Саас” мобильнай сыһыарыы үлэҕэ киириэн иннинэ от ыйыгар 30 оҕо кыттыылаах тургутар бөлөх үлэлээбитэ. Туох ыарахаттар баалларын, ханна тугу сыыспыппытын туһунан оҕолор ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ. Саамай үөрбүппүт диэн – 50 бырыһыаннара видеону көрдүлэр.
“Саас” сыһыарыы оҕо үбү-харчыны сөпкө туһаныытын кытта эмиэ сибээстээх. Оҕо үөрэнэн, кылааһы таһынан дьарыктанан ылбыт бонустарын туохха туттуон туһунан ыйытык оҥорбуппут. Онно 50 бырыһыан оҕо «муспут бонуспун дьиэ кэргэним наадатыгар туттуом этэ» диэн хоруйдаата. Киһи киһитэ буолар, дьонугар-сэргэтигэр чугас, кинини саныыр, кини туһугар кыһаллар ытык өйдөбүллэр биһиги оҕолорбутугар баар эбит, сүтэ илик эбит диэн сүрдээҕин үөрбүппүт.
“Саас” мобильнай сыһыарыы кэскилэ олус киэҥ. Билигин “Моя школа” диэн РФ үөрэхтээһинин платформатыгар нууччалыы эттэххэ, “образовательный поставщик” быһыытынан аккредитациялыыр үлэни саҕалаатыбыт. Онон “Госуслугаҕа” регистрацияны судургутук ааһан, видеоконтеннары оҕолоргутугар тиэрдэр кыаххытын тэрийиэхпит диэн эрэнэбит.
158 оскуола ахсаана элбээтэҕинэ, оҕолор бэйэлэрэ контены өйдөөн, дьүүллээн оҥорор буоллахтарына, ол туһалааҕын өйдөөтөхтөрүнэ төрөөбүт тылбытынан медиа эйгэни тэрийэр кыахпыт күүһүрэр”.
***
Саҥа үөрэх дьылыгар саха тылын үөрэтиигэ туох уларыйыылар, саҥа хайысхалар туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник. Оҕо төрөөбүт тылын баҕаран, астынан туран үөрэтэрэ, «бу мин оҕобор, кини киһилии киһи буолан тахсарыгар наадалаах туһалаах
« диэн төрөппүт өрө күүрэн туран ылынара үчүгэй да буолуо этэ! Оннук сылаас, истиҥ эйгэни тэрийии биһигиттэн барыбытыттан тутулуктаах.
Сардаана МАТВЕЕВА