Олунньу 13 күнэ — Ийэ тыл, сурук-бичик күнэ
Бүгүн оҕолорго арыычча соһуччу, бэрт дьикти түгэн тосхойдо! Ийэ тылларын иҥэринэн илдьэ сылдьар кырачааннар саха оҕуһун, саха ынаҕын туһунан, сорохтор аан маҥнай, иһиттилэр, сорохтор син билэр буолан, бары ыйытыктарга илиилэрэ күп-күөрэҥнэс буолла. Тугун үчүгэйэй?
Ити биһиги бүгүн А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан (дириэктэр В.С. Пермякова) Дьокуускай куорат национальнай гимназията I “А” (кылаас салайааччыта Н.М. Максимова) кылааһыгар ыыппыт уруокпутун этэбит.
Кылаас салайааччыта Наталья Михайловна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын иһинэн тэриллибит “Саха сүөһүтэ” , республикатааҕы “Чуораанчык” уонна “Колокольчик” сурунаал холбоһуктаах “Саха сүөһүтүн уратыта” диэн анал бырайыакка бииргэ үлэлиэхтэрэ, 4 сыл устата саха ынаҕын уонна сылгытын үөрэтиэхтэрэ, чинчийиэхтэрэ. Тоҕо эбит диир буолларгыт, манна төрөөбүт тыл баар — саха тыла. Бу курдук, кыра кылаастан орто сүһүөххэ, салгыы үрдүкү кылаастары барыларын хабан, иитиибит эйгэтигэр биир туспа салаа гынан саханы саха дэппит төрүт ынахпыт уонна сылгыбыт үйэлэргэ уһун тыыннанан элбээн, тэнийэн барарыгар үлэлэһиэхпит. Маныаха, биһиэхэ, сүбэһиттэрбитинэн “Саха сүөһүтэ” (дириэктэр А.Е. Артемьев) тэрилтэ үлэһиттэрэ буолуохтара диэн бигэтик эрэнэбит.
Ылан көрүөҕүҥ, аҥардас сылгы өҥүн-дьүһүнүн, сааһын, туттар тэрилин, ынахтан, сылгыттан бэлэмнэниллэр саха төрүт аһын, тигиллэр таҥас-сап арааһын, онтон салгыы өссө төрүччүнэн түмүктэниэн сөп. Инньэ гынан, гимназиябыт хас биирдии үөрэнээччитэ ийэтин, аҕатын, эбээтин, эһээтин кытта — бүтүн дьиэ кэргэнинэн саха үгэһин үөрэтэр олус үчүгэй эйгэтэ баар буолуоҕа уонна ол туолуоҕар эрэниэххэ.
Бүгүн бу уруогу “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ үлэһиттэрэ, суруналыыс Екатерина Захарова, технолог Александра Жиркова наһаа үчүгэйдик ыыттылар, барыта орун-оннугар, уруок уруок курдук сааһылаан.
Бастаан саха ынаҕын, сылгытын түҥ былыргы баар буолбут историятыттан саҕалаан, саха ынаҕын туһунан киинэни кытта көрдүбүт, оҕолорго ытыгынан күөрчэх ытыйтаран күөрчэх сиэтибит, амсайдыбыт. Саха оҕуһун сувенирын тутан-хабан көрөн: “Бу маннык эбит дии?”, — диэн оҕолуу соһуйуу долгунугар бары да киирэн аастыбыт.
Уруок түмүгүнэн, саамай элбэх хоруйу ылбыт Арылхан Артемьев Захарова Екатерина илиитинэн бэйэтэ өрбүт саха оҕуһун бэлэх тутта. Уонна наһаа үөрдэ.
Бу күн биһиги кырачааннарбыт саха ынаҕа уонна саха сылгыта диэн тугун билэн-истэн, өссө өттүк харалаах — сахалыы халандаар кэһиилээх дьиэлэригэр тарҕастылар.
А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан
Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын
Норуот педагогикатын киинэ.