Кустуур орто оскуолатыгар алтан чуораан чугдааран, саҥа үөрэх дьыла саҕаланна! Быйыл оскуола боруогун түөрт оҕо атыллаан, бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар, билии-көрүү киэҥ аартыгар бастакы эрэллээх хардыыларын оҥордулар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар Кустуур орто оскуолатыгар барыта 80 оҕо үөрэниэҕэ. Ол курдук 1 кылааска – 4 (кыл. сал.Мария Семёновна Слепцова), 2 кылааска – 6 (кыл. сал. Вера Михайловна Горохова), 3 кылааска – 10 (кыл. сал. Надежда Егоровна Старостина), 4 кылааска – 4 (кыл. сал. Элеонора Мирословавна), 5 кылааска – 8, 6 кылааска – 12 (кыл. Сал. Владимир Владимирович Старостин), 7 кылааска – 10 (кыл. Сал. Зинаида Анатольевна Колесова), 8 кылааска – 7 (кыл. сал. Виктория Ивановна Захарова), 10 кылааска – 7 (кыл. сал. Елена Афанасьевна Горохова) оҕо үөрэниэҕэ.
Оттон выпускной кылаастары ылан көрдөххө, 9 кылааска – 7 (кыл. сал. Раиса Гаврильевна Старостина), 11 кылааска – 5 (кыл. сал. Цецен Бембеевич Гаряев) баар.
Үөрүүлээх тэрээһиммит сарсыарда 11 чаастан буолла. Оҕолор учууталлар, төрөппүттэр бары бииргэ мустаммыт өссө биир саҥа үөрэх дьылын көрүстүбүт. Бастакы кылаастары билии киэҥ аартыгар алҕаан туран атаардыбыт. Төһө да халлааммыт туруга бүгүн үөрдүбэтэҕин иһин, оҕо үөрбүт-көппүт саҥата, учууталлар эйэҕэс мичээрдэрэ, дьон-сэргэ бырааһынньыктааҕы настарыанньата барыбыт сүргэтин көтөхтө.
9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ патриотическай флешмобтарынан, үлэһиттэр, үөрэнээччилэр ырыаларынан, хоһооннорунан киэргэттилэр. Маннык курдук талааннаах оҕолор үөрэнэр буоланнар Кустуур орто оскуолата сайдыы суолугар эрэллээх хардыылары оҥорор.
11 кылаас үөрэнээччитэ Айгелана Стручкова: ”Бүгүҥҥү тэрээһин олус үрдүк таһымҥа ааста. Халлааммыт төһө да тымныытын иһин бырааһынньыктааҕы настарыанньа, сырдык санаа сүргэбитин көтөҕөн, санаабытыгар күн кытта тыкпыкка дылы буолла. Хомойорум диэн үөрэнээччи быһыытынан оскуолаҕа бүтэһик Билии күнүн бэлиэтиибин. Алын кылаастарга үөрэнэр оҕолорго улаатарга тиэтэйимэҥ диэн сүбэлиэм этэ”, – диэн санаатын үллэһиннэ.
Кырдык,”үөрэх баар – бараммат баай” диэн өс хоһоонун сөпкө да эппиттэр эбит! Билиҥҥи ХХI үйэҕэ ким үөрэхтээх – ол олоҕор элбэҕи да ситиһэр.
Биир саастылаахпар бу үөрэх дьылыгар кэрэттэн кэрэ, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, элбэх умнуллубат түгэннэри баҕарабын. Кустуур орто оскуолатыгар оҕолор куруутун үрдүктэн үрдүк ситиһиилэнэ турдуннар! Саҥаттан саҥаҕа, кэрэттэн кэрэҕэ эрэ эрэллээхтик хардылыы турдуннар!
Наум НАУМОВ, IX кылаас ,
«Бытантай кэскилэ» пресс-киин эдэр корреспондена, Кустуур, Эбээн Бытантай.