Дүллүкү орто оскуолата араас хайысханан үлэлии-хамныы турар. Оскуолаҕа уопсайа 153 оҕо үөрэнэр, 30 учуутал үлэлиир. Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылынан, эдэр корреспонденнар оскуолабыт дириэктэрин кытта кэпсэттибит, ыйытыыларга сөптөөх эппиэттэри ыллыбыт. Тихон Александрович Егоров Дүллүкү нэһилиэгин олохтооҕо. Дүллүкү орто оскуолатын, онтон үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, дойдутугар үлэлии кэлбитэ. Дириэктэринэн алтыс сылын үлэлиир.
— Тихон Александрович, оскуолаҕа хайдах үлэлии кэлбиккиний?
-Мин аан маҥнай 2014 сыллаахха Үөһээ Бүлүүтээҕи М.Т. Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин учууталынан үлэбин саҕалаабытым. Онно 4 сыл үлэлээбитим, үксүн роботехниканы уонна уол оҕолорго аналлаах уруоктары ыытар этим.
— Оскуоланы салайарга, эн санааҕар, туох, ханнык хаачыстыба ирдэнэрий?
-Бастатан туран, улахан эппиэтинэс. Иккиһинэн, ирдэбиллээх, дьону өйдүүр уонна билиҥҥи кэм ирдэбиллэрин барытын эрдэттэн билэн, үөрэтэн, инники сылдьар буолуохтаах.
— Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий, хас учуутал үлэлиирий?
-Оскуолабытыгар билиҥҥи туругунан 153 оҕо үөрэнэр, 30 учуутал үлэлиир.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
— Оскуолабыт 1976 сыллаахха тутуллубута. Билигин хаарбах туруктаах. Үөрэх министерствотыгар аварийнай туруктаах диэн докумуоҥҥа киирэн турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ оскуола тутуутугар 9-с миэстэҕэ сылдьабыт. Онон улахан кыһалҕабыт — саҥа оскуола тутуллуута. Тоҕо диэтэххэ, 9 ый үөрэнэрбит устата араас харгыстары көрсөбүт. Кылаастар үрдүлэрэ тимир каркастарынан бөҕөргөтүллэн турар, ититэр система эргэрэн, оскуолабыт кыһын тымныы.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыный?
— Билиҥҥи ирдэбилинэн, хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр биир кэлим эксээмэн туттарыыта, ону таһынан ВПР хаачыстыбалаах үөрэтиини ирдиир. Биир сыал, биир сорук туруоран оҕолору үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар киллэрэн, олох киэҥ аартыгар бэлэмнээх дьону таһаартыахтаахпыт.
— Үөрэх кинигэтинэн хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах барарый?
— Үөрэх кинигэтинэн хааччыллыыбыт билиҥҥи туругунан ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиир. 2024-2025 сылга былаан быһыытынан саҥа учебниктары ыларга сайаапканы ыытан олоробут. Бу үбэ-харчыта биһиэхэ ГОС-стандарт харчытыттан көрүллэр. Солбуйан, саҥаттан саҥаны ылан иһэбит.
-Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манна сыһыаран ыйыттахха, билигин эн санааҕар оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Оскуола хас биирдии дьиэ кэргэни кытта ыкса үлэлии олорор ситимин, биһиги кылаас салайааччыларбытыттан саҕалаан, хас биирдии оҕо дьиэҕэ хайдах хааччыллан олорорун, күннэтэ тугу аһыырын, кини үөрэнэр усулуобуйалааҕын билэн, ыкса үлэлэһэн олоробут. Ону таһынан, оҕолор айаннарыгар үксүн оскуола уйунан, оҕолору араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кытыннарабыт.
— Нэһилиэк инники сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Биллэн турар, хас биирдии оскуола нэһилиэккэ биир тутаах тэрилтэ буолар. Тоҕо диэтэххэ, оскуола дьиэтэ кылааһа аҕыйаан, сүрүн эбэтэр алын эрэ кылаас буолар түгэнигэр, нэһилиэк дьоно көһөн барыан сөп диэн биллэр боппуруоспут. Оскуола нэһилиэк туллар тутааҕа, инникитэ, кэнчээри ыччаттары иитэр кэскилэ буолар.
— Тихон Александрович, ыйытыктарбар эппиэтээбиккэр махтанабын!
Алина САННИКОВА,
IX кылаас,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү