2002 с. Кэбээйи оскуолатыгар «Нуклеус» үөрэнээччилэр научнай түмсүүлэрэ химия уонна экология учуутала Вера Николаевна Заровняева салалтатынан тэриллибитэ. Наука күнүн көрсө учууталбытын кытары кэпсэттибит.
— “Нуклеус” научнай түмсүү хайдах тэриллибитэй, тоҕо маннык диэн ааттаабыккытый?
— Мин оччолорго оскуолабытыгар научнай-методическай үлэҕэ директоры солбуйааччынан үлэлиирим. Республикаҕа оҕолорго араас научнай-практическай конференциялар ыытыллар буолбуттара, оскуолаларга научнай түмсүүлэр тэриллибиттэрэ. Ол иһин элбэх бэлэмнэнии үлэ кэнниттэн «Нуклеуспут» 2002 с. балаҕан ыйыгар нэһилиэккэ үүнүү быыстапкатыгар бэлэмнэнии кэмигэр баар буолбута. Бастакынан биолого-химическай кылааһым оҕолоро уонна сайын «Экос» лааҕырга сылдьар оҕолор киирбиттэрэ. Ааппыт латыынныы «клетка ядрота» диэн суолталаах.
— Түмсүү сыала-соруга?
— Үөрэнээччи бэйэни сайыннарыыга дьулуһарыгар усулуобуйа тэрийии. Үлэбит хайысхалара — төрөөбүт дойдуну үөрэтии, чинчийэр үлэнэн дьарыктаныы, айылҕа харыстабылыгар аналлаах үлэлэргэ кыттыы, хаһыат уонна сурунаал тиһиликтэрин билсиһии, кинигэ ааҕыыта.
— Оҕолору кытта үлэҕэ туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?
— Үгүс үлэ бастакы саҕалааһын буолан ыарахаттар бааллара. Экспедицияны тэрийэр, айаны бэлэмниир, оҕоҕо сөптөөх тема булан дакылаат да суруйтарар сыралаах. Төрөппүт өйөөтөҕүнэ эрэ, барыта кыаллар.
— “Нуклеус” түмсүүгэ умнуллубат үлэҕит ханныгый?
— Кэбээйибит ытык кэрэ сирдэринэн — Турбаахыга, Таалаайыга, Тукулааҥҥа, Таас Тумуска айаннар, ”Күөх төлөн” бырайыак, Кэбээйибит күөллэринэн экспедициялар. “Тимофей Сметанин олоҕун суолунан”, “Томтор – Кэбээйи ытык сирэ”, “Священные места Кобяя” диэн оҕолорум баҕа санааларын бырайыактара билигин нэһилиэкпит киэн тутта көрдөрөр ытык сирдэрэ.
— Туохха тирэҕирэҕитий?
— Оҕо тус интэриэһигэр уонна дьоҕуругар. Төрөөбүт-үөскээбит Кэбээйилэрин истиҥник ахтар-саныыр сүбэһиттэрбэр, көмөлөһөөччүлэрбэр. Саха төрүт үөрэҕэр. Республикатааҕы оҕолорго аналлаах научнай уонна экологическай тэрээһиннэр хайысхаларынан үлэлиибит.
Баҕарабыт «Нуклеус» түмсүүбүтүгэр саҥа саҕалааһыннары, өссө үрдүк ситиһиилэри, үүнүүнү-сайдыыны!
Аэлита Егорова, Диана Кобякова, 11-б кылаас, “Нуклеус’’ пост, Кэбээйи оскуолата.