Эбээн Бытантай улууһугар атырдьах ыйын 31 күнүгэр маҥнайгы хаар түһэн, үгүс дьону соһутта. Хоту дойду дьоно тымныыны тымныы, хаары хаар диэбэккэ саҥа үөрэх дьылын көрсөргө үөрэ-көтө бэлэмнэммиппит.
Учууталларбыт оскуолабытын киэргэтэн, балаҕан ыйын 1 күнэ хаар, самыыр, буурҕа быыһынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Билии күнүгэр оҕолор маҥнайгы хаары көрөн үөрүүбүт муҥура суох буолла.
Оттон VI кылаас үөрэнээччитэ Ранид Горохов бу көстүүттэн улаханнык соһуйбат. Тоҕо диэтэххэ, кини сайыҥҥы сынньалаҥын куруук ыстаадаҕа атаарар.
Кини биһиэхэ бу курдук кэпсээтэ: “Ыстаадаҕа сылдьан көрдөххө, хаар сайын да ортото түһүөн сөп. Холобур, быйыл сайын от ыйыгар хаардаабыта. Ол иһин атырдьах ыйын хаар түспүтүгэр улаханнык соһуйбатым. Ураты айылҕалаах хоту дойду олохтооҕо буоларбынан киэн туттабын”.
Наум НАУМОВ, IX кылаас,
«Бытантай кэскилэ» пресс-киин, Кустуур, Эбээн Бытантай.