Күрэх Прасковья Ивановна Емельянова 60 сааһыгар ананна. Кини СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, өр сылларга Амма улууһун социальнай эйгэтин салайбыта.
Бу күрэх Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыгар буолла. Барыта 8 кыыс кытынна, Амма, Горнай улуустарыттан, Тулагыттан кэлбиттэр.
Күрэхпит «Удьуор утума», «Мин Сахам сирин сарсыҥҥытын салайсабын», «Саха сирин салайааччы дьахталлара», «Үлэ – дьол доҕуһуола», «Мин сөбүлүүр дьарыгым» диэн түһүмэхтэртэн турара.
Тэрээһин олус интэриэһинэйдик ааста, элбэҕи биллим, үөрэнним. Кыргыттары кытта билистим.
Муҥутуур кыайыылааҕынан Алтантан сылдьар Саргылана Сутакова буолла. 1 миэстэни Сэргэ Бэстэн Саргылана Данилова ылла. Мин 2 миэстэ буоллум. Маннык күрэх саҥа бастакытын ыытылынна уонна улаатан эрэр кыыс оҕоҕо олус наадалаах эбит дии санаатым. Инникитин өссө элбэх кыыс кытыннын диэн баҕа санаалаахпын.
Яна Егорова, VIII кылаас,
«Аартык» медиа киин,
Амма Наахара