Патриотизм – дойдуга бэриниилээх буолуу. Билигин дойдубутугар балыһыанньа ыараханын бары истэ-билэ олоробут. Ийэ дойдубутугар патриотическай өйдөөх-санаалаах ыччаттар үүнэн тахсаллара наада. Онон сирдээн оҕолорбутугар дойдуга тапталы, бэриниини иитии үлэтэ күүскэ ыытыллар.
Сэтинньи 1-2 күннэригэр А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолатыгар байыаннай тэрээһин буолан ааста.
Бу күн оскуола үөрэнээччилэрэ сарсыардаттан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр муус ылан, тиэйэн аҕалан биэрдилэр. Ити курдук патриотизм аһыныгас буолууну кытта эмиэ сибээстээх.
Ол кэнниттэн сыал ытыыта буолла. Дора Кимовна бастакы медицинскэй көмөнү оҥоруу туһунан көрдөрөн кэпсээтэ. Салгыы оҕолор киэһээҥҥи рейдэҕэ сылдьан, бэрээдэги тутуһуу туһунан билистибит.
Сэтинньи 2 күнүгэр тэрээһиммит эти-хааны чэбдигирдэр дьарыктан саҕаланна. Бу – уолаттарга аармыйаҕа сулууспалыыр диэн тугун билсиһиннэрэр сыаллаах.
Икки күннээх тэрээһиммит баһаарынай чааска эстафетанан түмүктэннэ.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, IX кылаас,
А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолата, Амма