Биһиги оскуолабыт сыл аайы 1000 тахса киһилээх хору толорон, “Музыка барыбытыгар” бырайыакка кыттар.
Манна оскуола үлэһиттиин, үөрэнээччилиин бары 100 бырыһыан кыттыыны ылабыт. Бырайыагы музыка учуутала Галина Николаевна Игнатьева салайар. Хору бары кылаас салайааччылара бэлэмнииллэр. Оскуолабыт биир саамай киэн туттар хора Улуу Кыайыы күнүгэр улуус парадыгар кыттар. Ол тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн сылын ахсын иитэр отдел көҕүлээһининэн (О.А. Дьячковская.) “Кыайыы салюта” фестиваль ыытыллар.
Кыайыы 78 сылын көрсө, оскуолабыт иһинэн “Кыайыыга салют” диэн үгэскэ кубулуйбут фестивальбыт быйыл ыам ыйын 5, 6 күннэригэр буолан ааста. Бу фестивальга I кылаастан саҕалаан Х кылаастарга тиийэ бары кыттыыны ылаллар. Балаһыанньа быһыытынан, кылаастар “Хайыһар” уонна “День Победы” ырыалары толороллоро, Кыайыы эбэтэр сэрии туһунан уус-уран дьүһүйүү көрдөрөллөрө ирдэнэр. Бары кылаастар бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр. Оҕолор аҕа дойду сэриитигэр кыайыы хайдах курдук сыралаах, түөрт уһун сыл кэнниттэн кэлбитин бары өйдөөн, ону сүрэхтэригэр чугастык ылынан, сэрии уотугар охтубут уонна кыттыбыт бэтэрээннэрбитигэр сүгүрүйэн, хас биирдии уус-уран дьүһүйүү, ырыа ис хоһоонун өйдөөн, ону ырытан туран кыттыыны ыллылар. Киһини уйадытар нүөмэрдэр бииртэн биир үрдүк таһымҥа бэлэмнэммиттэрин бэлиэтиир наадалаах.
Маннык тэрээһиннэр оҕолору патриотическай тыыҥҥа иитэллэрэ саарбаҕа суох. Оскуолабыт учууталлара, бары үлэһиттэрэ биир киһи курдук түмсэ түһэрбититтэн олус астынабын, үөрэбин, киэн туттабын. Биһиги эйэлээх олоххо олорорбут туһугар кыргыһыы хонуутугар охтубуттарга, төннөн кэлэн бу алдьархайдаах сэрии туһунан үйэтитэн историяҕа киирэр гына, дьиҥнээҕинэн кэпсээбит буойуттарга, хорсун эһэлэрбитигэр сүгүрүйэбит. Ааттарын ааттата сылдьыахпыт диэн андаҕайабыт. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Сайаана СОРОКОУМОВА, IX “Б” кылаас,
С.А .Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.
Салайааччы Агафья Седалищева