Таатта улууһун Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатыгар уопсайа 57 оҕо үөрэнэр, 24 учуутал үөрэтэр. Быйыл оскоулабытыгар директорынан анаммыт, эрдэ дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччытынан үлэлээбит Алгыстаан Михайлович Толстякову кытары атах тэпсэ олорон кэпсэттибит.
– Бэйэн тускунан кылгастык билиһиннэринэн дуо?
– Дорооболорун. Бэйэм туспунан кылгастык кэпсиир буоллахха, Таатта улууһун Чөркөөҕүттэн төрүттээхпин, Чымынаайы оскуолатыгар 2012 сыллаахха үлэлии кэлбитим, аан бастаан нуучча тылын учууталынан үлэлэлии сылдьан Ытык-Күөлгэ, Дьокуускай куоракка баран үлэлээбитим, ол кэннэ Харбалаахха үлэлии сылдьан Николай Николаевич Блахиров директорынан ананан олордоҕуна дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлии кэлбитим, бу сыл олунньу ыйыттан дириэктэринэн анаммытым.
– Учуутал үлэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
– Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин сэҥээрэр этим. 8 кылааска номнуо бу эйгэнэн барабын диэн быһаарыммытым. 2011 сыллаахха Уус-Майа Эдьээнигэр учуутал быһыытынан үлэм саҕаламмыта.
– Эн санааҕар, дириэктэр идэтэ сүрүн ирдэбилэ туохха сытарый?
– Мин санаабар, дириэктэр үлэтигэр эппиэтинэстээх, эппит тылыгар турар буолуохтаах, коллективы кытары биир сомоҕо буолан, биир сүбэнэн оҕо туһугар үлэлэлиэхтээх.
– Оскуола билиҥҥи кыһалҕата тугуй?
– Бүгүҥҥү кыһалҕабытынан, былырыын оскуолабытын хаарбах туруктаах буолан сабыллан, билигин 4 сиринэн үөрэнэр, үлэлии сылдьабыт. Бу үөрэнээччилэргэ, учууталларга улахан уустуктары үөскэтэр. Саҥа оскуолабыт тутулла охсоро буоллар диэн улахан баҕа санаалаахпыт.
– Үөрэнэр кинигэбит хааччылыыта хайдаҕый?
– Үөрэх кинигэтин боппуруоһа биһиэхэ эрэ буолбакка бүтүн Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сытыытык турар. Тоҕо диэн үөрэхтээһин бырагырааммата сылын аайы уларыйар, ону кытта тэҥҥэ кинигэбит эмиэ уларыйар. Ол эрэн күн бүгүн биһиэхэ үөрэнэр кинигэбит баар, барыларыгар тиийэр.
– Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Манан сибээстээн ыйыттахха эн санааҕар оскуола дьиэ кэргэнин кытта хайдах үлэлэһиэхтээҕий?
– Оскуола дьиэ кэргэни кытта күүскэ үлэлэһиэхтээх, тоҕо диэтэххэ, оскуола үлэтэ оҕолортон тахсар, оҕолору кытта биир тыл булсарга оҕо ис туруга, санаата, үөрэххэ дьулуһуута барыта дьиэ кэргэнтэн тахсар, ол иһин оскуола уонна төрөппүт биир ситиминэн үлэлиир буоллахтарына эрэ үөрэх таһыма үрдүк буолар дии саныыбын.
– Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруола эн санааҕар?
– Мин санаабар, Чымынаайы бөһүөлэгэ кыра буолан, бары биир ыал курдук олоробут, тэрилтэлэр бэйэ-бэйэбитин кытта ыкса сибээстээхпит, куруук бииргэ үлэлэһэбит.
Кэпсэтиин иһин улахан махтал!
Кэпсэтиини ыытта: Нария Хоютанова
Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан
Чымынаайы орто оскуолатын юнкора,
9 кылаас