Бүгүҥҥү күҥҥэ үөрэх, иитии хайысхатыгар «Россия 2025 сылга диэри иитэр үлэтин стратегията» диэн Арассыыйа Президенэ В.В. Путин илии баттааһыннаах докумуонунан үлэлии олоробут.
«Орлята России» федеральнай бырайыак Арассыыйа гражданиннарын патриотическай тыыҥҥа иитэр сүрүн соруктаах.
«Оҕо саас сирдьиттэрэ» тирэх киин кэккэ сылларга федеральнай бырайыактарга, национальнай, региональнай компонены киллэрэргэ туруулаһан үлэлээтэ. Ол чэрчитинэн А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын алын сүһүөх кафедратын учууталлара «Орлята России» бырайыак ис хоһоонун, уопсай тутулун уларыппакка сахалыы тылбаастаан бэлэмнээн оҥордулар.
Ол барыта түмүллэн, Саха сиригэр «Өксөкү сиэннэрэ» диэн бырагыраама быһыытынан 2024-2025 үөрэх дьылыгар олоххо киирэр.
Хас биирдии норуот киэн туттар, тумус туттар дьонноох. Кинилэри холобур оҥостоммут, олохпутугар киллэрэммит, иитии эйгэтигэр туһанаммыт, дойдутугар, сиригэр-уотугар чугас киһини иитэн таһаарыахпытын сөп. Сахаларга оннук дьоммут элбэх. Онтон биирдэстэрэ Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй буолар.
«Орлята России» Саха сиринээҕи бырайыага «Өксөкү сиэннэрэ» диэн ааттаммыта түбэһиэхчэ буолбатах. Өксөкүлээх Өлөксөй сүдү олоҕор тирэҕирэн, иитии үлэтигэр дириҥ толкуйдары иҥэриэ диэн эрэнэбин.
Нюргуяна Владимировна Макарова, «Росдетцентр» ФГБТ
«Оҕо саас сирдьиттэрэ» регионнааҕы тирэх киинин салайааччыта