Биһиги оскуолабытыгар ох саанан ытыы күрэҕэ буолан ааста. Уопсайа 17 оҕо кыттыыны ылла. Ох саанан ытыы оҕоҕо туох туһалааҕын, бу дьарык хайдах тэриллибитин туһунан күрэҕи тэрийэн ыыппыт учууталларбыттан сэргээн ыйыталастым.
Марьяна Маркеловна Михайлова, физкультура учуутала:
Ох саанан ытыы оҕо этин-хаанын сайыннарар спорт көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ буолар. Биһиэхэ саҥа сайдан эрэр спорт сүрүн көрүҥэ. Ох саанан ытыы дьарыгын 10 ураты өрүтү ааҕааччыларга сүбэлиибин:
1. Ох саанан сааһыттан, доруобуйатыттан тутулуга суох ким баҕарар ытыан сөп. Бу спорт көрүҥэр ыйааһыныҥ, уҥуох улахана-кырата, эдэриҥ-кырдьаҕаһыҥ учуоттаммат.
2. Ох саанан ытарга киһи былчыҥнара сайдар.
3. Толкуйдаан сыалы табарга өй-санаа үлэтэ күүһүрэр.
4. Ох саанан дьарыктаныы бириэмэни сөпкө аттарарга, туһанарга үөрэтэр.
5. Сыалгын таба ытыы үөрүүнү бэлэхтиир. Хотторор түгэҥҥэр хотторуу хомолтотун сөпкө ылынаргар, ону туоратарга салгыы сайдаргар олук уурар (эмоцияҕын туттуна үөрэнии).
6. Ох саанан ытыы тулуурдаах, дьаныардаах санааны, сөпкө тыыныыны эрэйэр.
7. Ох саанан дьыл араас кэмигэр дьарыктанар табыгастаах.
8. Күрэххэ кыттан элбэх дьону кытта алтыһаҕын, доҕордоһоҕун
9. Оҕунан ытыы бэйэҕэр эрэллээх буолуу хаачыстыбатын иитэр.
10. Ох сааны сыыһа туттан, болҕомтото суох буолуу эчэйиини аҕалыан сөп. Ол иһин сэрэхтээх буолуу, ох саанан туттуу быраабылатын толору билиэхтээххин.
Потапов Николай Николаевич, история уонна ОБЖ учуутала, эбии үөрэхтээһин педагога:
Ох саа түҥ былыргы сахалар биир саамай суолталаах уонна уустук оҥоһуулаах булка-алка туттар тыын суолталаах тэриллэрэ буолар. Ох саанан уһулуччу бэргэнник ытааччылар тустарынан үһүйээннэр күн бүгүҥҥү диэри уос номоҕуттан түспэттэр. Былыр хайдах курдук бэргэнник ыталларын биһиги Эллэй Боотур, Тыгын Дархан туһунан уонна «Тулаайах оҕо» диэн кэпсээннэргэ истиэхпитин, ааҕыахпытын сөп.
Бу спорт көрүҥэ биһиги нэһилиэкпитигэр ыһыахтан саҕалаан киирбитэ. «Модун» спортивнай комплекстан ох саа ыламмыт, бастакытын, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо буолбут «Ааппый оонньуулара» күрэххэ туттубуппут. Оскуолабытыгар оҕунан ытыы куруһуога быйылгы үөрэх дьылыттан үлэтин саҕалаата. Күрэхпит 2 сүһүөҕүнэн буолла. Бастакы сүһүөххэ 5, 6, 7 кылаас оҕолоро, оттон иккис сүһүөххэ 8-с кылаастан 11 кылаастарга дылы кыттыыны ыллылар. Күрэхпит балаһыанньатынан, оҕолор очкуолаах сыалга буолбакка эрэ, булт эйгэтигэр ытар сыалларынан куобах (1 очкуо), кус (5 очкуо) уонна тииҥ (7 очкуо) буоллулар.
Бастакыларын күрэхтэһэр оҕолорго бу улахан ситиһии. Ох саанан дьарыктанар оҕолорго бастакы үс ааҕыллыбат ытыыгытыгар сыалгытын сөпкө булан, чочуйан биэриҥ уонна алта ааҕыллар ытыыгытыгар, ол сөпкө таппыкытын көрөҥҥүт, сыалгытын сөпкө ытаргытыгар сүбэлиибин. Иникитин күрэхтэргэ көхтөөх, ситиһиилээх буолуҥ!
Ох саа сайдан истин, күрэхпит оскуолабыт иһинэн эрэ буолбака, улуус таһымыгар тахсарын эрэнэ кэтэһэбин!
Илларион Старостин,
XI кылаас,