Кэбээйи улууhун Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох дьиэ коммунальнай хаһаайыстыба 2007 сыллаахха котельнай быһыытынан онтон 2011 сыллаахха микротурбиналарга холбонон бөһүөлэк бары социальнай эбийиэктэрин сылытан турар.
Уһун тымныы кыһыммытыгар нэһилиэк тэрилтэлэрэ, оскуолабыт куруук сылаас туралларыгар түүннэри-күнүстэри ОдьКХ үлэһиттэрэ үлэлииллэр-хамсыыллар. Онон станция үлэтэ сүҥкэн улахан суолталаах дии саныыбын.
Бу үлэни кытта ыкса билсээри ГМТЭС (газомикротурбинная электростанция) маастарын Сивцев Александр Спиридоновиhы кытта кэпсэттим, станция үлэтин туһунан кылгастык сырдатарыгар көрдөстүм.
— Республика үрдүнэн уоту, итиини тэҥинэн биэрэр аҕыйах ахсааннаах станциялартан биhиги станциябыт биирдэстэрэ буолар. Станция иhигэр 3 микротурбиннай генератор уонна 2 котел баар. Ол 3 микротурбина итиини эмиэ биэрэллэр, минус 15 кыраадыска дылы турбина бэйэтин кыаҕынан холбонон турар эбийиэктэри ититиэн сөп.
— Ханнык эбийиэктэри итиинэн хааччыйарый ?
— Биhиги станциябытыгар оскуола, детсад,ФАП, почта, сибээс дьиэтэ АТС, администрация, спортзал, култуура дьиэтэ холбонон тураллар.
— Оттук кэмэ хайдах баран иhэрий, туох өрөмүөн үлэтэ ыытылынна?
— Оттук кэмэ этэҥҥэ баран иhэр. Өрөмүөн үлэлэрэ былаан быhыытынан ыытыллар. Ол курдук итии ситимин сыл аайы чаас чааhынан өрөмүөннүүбүт. Быйыл 2024 сылга станциябыт мас көрүҥэр тендер биллэриллэн үлэ барда.
— Биhиги нэhилиэкпитигэр кыстыгы туоруурга төhө гаас нааданый?
— Кыстык тымныы ыйдарыгар 40-55 тыhыынча кубометр гаас ороскуоттанар.
— Биhиги нэhилиэкпитигэр гаас хантан, хайдах кэлэрий?
— Гааспыт сүрүн трассаттан, ол аата Кыhыл Сыыртан Дьокуускайга барар трассаҕа холбонон олоробут.
— Кочегардар нэhилиэк тутаах дьонноро буолаллар. Кинилэр кимнээҕий?
— Уоту итиини тэҥинэн биэрэрбит иhин станциябытыгар кочегар диэн көрүллүбэт. Машинист газотурбинных установок диэн үлэhиттэр бааллар. Yлэhиттэр бары олохтоохтор. Барыта 8 үлэhит баар: машинист-5, электромонтер- 1, слесарь- 1, маастар- 1.
Станция үлэтэ олус ыарахан уонна эппиэтинэстээх эбит дии санаатым. Нэһилиэк дьоно итиигэ, үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэнэллэрин-үлэлииллэрин туһугар дьон кыһаллар, үлэлиир-хамсыыр.
Биhиги сылдьыбыт күммүтүгэр операторынан Охлопков Дмитрий Иванович баар этэ. Кини элбэх оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн эhэтэ. Тыа ыала сиэринэн оҕолорун кытта кэтэх хаhаайыстыба табыгастаахтык тэринэн, оҕолорун, сиэннэрин олоҕун тупсараары дьаныардаахтык үлэлиир-хамсыыр. Нэһилиэкпит биир киэн туттар киһитэ буолар.
Бу курдук, биһиги ОДьКХбытыгар чөл олоҕу өрө туппут көхтөөх дьон үлэлииллэринэн киэн туттабыт.
Ньургун Сивцев, 8 кылаас,
В.Е.Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолата, Кэбээйи