Саха тыа ыалын баайа, кини тыына – сүөһүтэ. Былыр да, аны да тыа ыалын аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа сүөһүттэн ылар бородууксуйата буолар. Биһиги бүгүн биир оннук киһи Анастасия Иннокентьевна Филиппова туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт. Кини Мээндиги нэһилиэгэр ветеринарынан өр кэмҥэ бэриниилээхтик үлэлээн кэллэ.
– Анастасия Иннокентьевна, тоҕо тыа хаһаайыстыбатын идэтин талбыккыный?
– Кыра эрдэхпиттэн төрөппүттэрбэр ынах, сылгы көрсөр этим. Элбэх бииргэ төрөөбүт буоламмыт, дьоммут сүөһү көрөр уонна оҕуруот олордор этилэр, онно куруутун көмөлөһөр этибит. Билиҥҥи үйэҕэ ас-таҥас сыаната үрдүк буолан, бэйэ этэ, үүтэ, оҕуруотун аһа баара улахан көмөлөөх.
Мин тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр 1988 сылтан ветеринарнай фельдшерынан үлэлиибин.
– Сылгыбыт, сүөһүбүт кыстыгы хайдах туораан эрэрий?
– Быйылгы кыстык этэҥҥэ ааста. От баар, тиийдэ. Онон сүөһүлэр, сылгылар кыһыны быһа аһаан, туруктара үчүгэй. От хаачыстыбата үчүгэй буолуон наада. Сүөһүлэр 60% төрөөтүлэр, этэҥҥэлэр, сылгылар муус устар ыйтан төрөөн эрэллэр. Ыам ыйыгар үксүлэрэ төрүөхтээх.
–Сүөһү, сылгы нэһилиэкпитигэр төһө баарый?
– Мээндиги нэһилиэгэр 3 крестьянскай хаһаайыстыба баар. Хаһаайыстыбалар сүөһүлэрэ үксэ төрөөн үүт туттара сылдьаллар. Мин чааһынай хаһаайыстыбабар ынах, сылгы иитэбит. Эдэр ыаллар сүөһү, сылгы иитэллэрэ ордук буолла. Сүөһүлээх дьон сааһыран ынахтарын ахсаанын көҕүрэттилэр. Онон оҕолору кыра эрдэхтэриттэн сүөһүгэ, тыа хаһаайыстабытыгар сыһыаран үөрэтиэххэ наада.
– Кэрэхсэбиллээх кэпсээҥҥит иһин барҕа махтал! Эйиэхэ доруобуйаны, үлэҕэр ситиһиини баҕарабыт.
Ити курдук, Мээндигибит нэһилиэгин, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ улууспутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа сирин олоҕун хааччыйыыга, сэмэй кылааттарын киллэрсэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар
Кэпсэттилэр Филипп Олесов, Алгыстаан Степанов, VII кылаас
Компьютерга таҥна Слава Попов, VII кылаас
П.И. Караканов аатынан Мээндиги оскуолата, Амма улууһа