Балаҕан ыйын 22 күнүттэн «Алаҕар Кэскилэ» оскуола актыыбын бэрэсэдээтэлигэр быыбар буолара биллэриллибитэ.
Хандьыдааттатарынан Зоя Дмитриева (VII кыл.), Дайаана Оконешникова (VIII кыл.) уонна Сандал Мохначевский (X кыл.) буолбуттара.
Хандьыдааттарбыт хамаанда хомунан аҕытаассыйа саҕаламмыта. Оскуола иһинэн VII-XI кылаас үөрэнээччилэригэр уонна учууталларыгар быыбардыыр хамыыһыйа үлэтин саҕалаабыта. Кыайыылаах балаҕан ыйын 29 күнүгэр оҕо хамсааһыныгар сүрэхтэнии үөрүүлээх киэһэтигэр биллиэ диэн интэриэһиргэппиппит.
Буолан ааспыт тэрээһиммитигэр «Алаҕар Кэскилэ» оскуола актыыпка 8 оҕо сүрэхтэннэ: Зоя Дмитриева, Мичийээнэ Керемясова, Алгыстаана Лыткина, Дайаана Оконешникова, Арчылаан Барашков, Александра Чаҕылысова, Олеся Протодьяконова, Дайаана Говорова. «Бу актыыпка саҥа киирбит оҕолор үөрэххэ да, күрэхтэргэ да барытыгар инники күөҥҥэ сылдьаарыҥ», – диэн дириэктэри иитии чааһыгар солбуйааччы Вера Николаевна баҕа санаатын эттэ.
Саамай долгутуулаах түгэн – оскуола актыыбын бэрэсэдээтэлэ ким буолла?
Куоластааһын түмүгүнэн «Алаҕар Кэскилэ» актыып бэрэсэдээтэлинэн Сандал Мохначевскай кыайан таҕыста.
Саҥа бэрэсэдээтэл, саҥа актыып оҕо хамсааһынын андаҕарын этэн сүрэхтэннилэр.
Бу киэһэ актыып оҕолоро V-XI кылаас үөрэнээччилэригэр станциянан оонньуулары ыыттылар. Үөрэнээччилэр 3 хамаандаҕа арахсан 7 станциянан сүүрэ сылдьан оонньоотулар-көрүлээтилэр.
Түмүккэ уоттаах-күөстээх үҥкүү кэннэ оҕолор дууһалыын сынньанан, үөрүүлэрэ үксээн тарҕастылар.
Өссө төгүл саҥа оскуола актыыбын бэрэсэдээтэлигэр, саҥа хамаандаҕа ситиһиилээх үлэни баҕарыахха.
Алик Копырин, XI кылаас,
«Алаҕар Кэскилэ» медиакиин
Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолата,
Чурапчы