Мин эhээм Николаев Гаврил Иванович 1909 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Халбаакыга төрөөбүт. Сэриигэ 1941 с. ыҥырыллан Ленинградскай фроҥҥа Смоленскай туhаайыытынан сэриилэhэ сылдьан ыараханнык бааhыран 1942 с. инбэлиит буолан дойдутугар эргиллэн кэлбит. Колхозка онтон совхозка төһүү үлэhит этэ. Наҕараадалара «Германияны кыайыы иһин» «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэдээллэр, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай Грамотата. Сэрии сылларыттан биир кэпсээн хаалбыт түгэннэрин суруйабын.
Күһүн ыҥырыыга Саха сириттэн тыһынчаннан Саха саарын уолаттар ааттамматтыра. Биһиги эһээбит эмиэ олор ортолоругар баара. Соҕуруу сэрии буола турар сиригэр тиийэн элбэх дьулаан хартыыналары саха сэрии алдьархайын илэ харахтарынан көрөн сүрэхтэрэ саллыбыта. Бу кэмнэргэ өстөөх саамай кимэн киирэн иһэр кэмнэрэ буолан харса хабыра суох хааннаах киирсии, өлөрсүү, охсуһуу кэмнэрэ этилэр. Эһээбит биир саха Ньурбатыттан төрүттээх бииргэ кинилиин тутуһан сылдьыбыттар. Хас да күн аһаабакка уоттаах кыргыһыы ортотугар сылдьыбыттар. Сылайан элэйэн биир бурдук үүннэрэр бааһынаҕа тиийэн кэлтэр, бурдук барахсан сиэмэлэрэ хомуллубакка харыллыбакка ситэн силигилээн агай турар эбит. Аччык байыастар ол үрдүгэр түспүттэр. Хамандыырдара олох элбэги сиэмэҥ, сэрэниҥ диэн сэрэппит агай. Эһээбит табаарыһынан аччык бөҕө буоланнар эмиэ сиэбиттэр. Бары улаханнык сылайа, аччык сылдьыбыт буоланнар хамандыырдара бу бааһынаҕа сынньанан ааһарга көҥүллээбит. Саллааттар барахсаттар утуйан хаалбыттар. Эһээбит арай эмискэ утуйа сытан иһэ уотунан умайар курдук ыарыытыттан уһуктан кэлэн дэлби хотуолаабыт. Арай аттыгар сыппыт табаарыһа уһуктубатах. Утуйа сытан бурдугун сиэмэлэрэ үллэн куртаҕа хайа баран өлөн хаалбыт эбит. Ол бааһынаҕа хас да буойун өлөн хаалбыттар… Үксүн ууларыттан уһуктубакка да барбыттар бааллар эбит…
Птицына Ванесса, И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан аатынан
Нам алын кылаас оскуолатын 1 «б» кылаас үөрэнээччитэ