Сэтинньи 4 күнэ – Сомоҕолоһуу күнэ. Бу бэлиэ күн 2005 с. дойду бэрэсидиэнэ В.В. Путин укааһынан олохтоммута. Былыр-былыргыттан араас омук түмсэн, сүбэлэһэн, биир санаанан салайтаран, сомоҕолоһон олорон, элбэҕи ситиһэбит, үүнэбит-сайдабыт.
Арассыыйаҕа барыта 190 тахса араас омук олорор. Бу омуктар бары туһунан тыллаахтар-өстөөхтөр, өбүгэлэрин саҕаттан илдьэ кэлбит култууралаахтар, үгэс буолбут үөрүйэхтээхтэр, баай историялаахтар.
Саха сиригэр 130 тахса араас омук бэрэстэбиитэллэрэ олороллор. Араас омуктар саха тылын, култууратын сэргээн, кэрэхсээн үөрэтэллэрэ биһиги омукка ытыктабыллаах сыһыан, норуоттар доҕордоһууларын туоһута буолар.
Ол курдук, М.К. Аммосов аатынан Нерюнгри оскуолатын үөрэнээччилэрэ Наташа Гребенникова, Валерия Ефремова «Чуораанчык» фольклорнай ансаамбылга дьарыктаналлар. Төрөөбүт тыллара буолбатах эрээри, сөбүлээн олоҥхолууллар, туойаллар.
– Салайааччыбыт Маргарита Дмитриевна Попова саха култууратын, фольклорун биһиэхэ олус үчүгэйдик үөрэтэр. Үгүс дьон «олоҥхо, тойук ис хоһоонун өйдүүгүт дуо?» диэн ыйытааччылар. Учууталбыт хас биирдии үөрэтэр айымньыбыт ис хоһоонун барытын кэпсээн, быһааран биэрэр. Араас таһымнаах тэрээһиннэргэ куруук үөрэ-көтө кыттабыт. Ситиһиилэрбит да элбээн иһэллэр. Сахалыы таҥас кэтэрбитин сөбүлүүбүт, биһиэхэ наһаа барсар дии саныыбыт, – диэн кыргыттар кэпсээннэрэ үгүс.
Наташа Гребенникова уонна Валерия Ефремова П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт «Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата» өрөспүүбүлүкэтээҕи культурнай-үөрэтэр форумҥа кыттыбыт айымньыларын бу видеоҕа көрүҥ.
Мария ИВАНОВА.